От ыйын 18 күнүгэр СӨ Ил Дархана Айсен Николаев төрөппүт сэбиэтин тэрийэр туһунан дьаһалга илии баттаата. Туох соруктаах дьаһалый?
Дьаһалга ыйылларынан сэбиэт иитэр-үөрэтэр үлэҕэ кыттааччыларга усулуобуйа тэрийэр, үөрэххэ төрөппүт уопсастыбаннаһын кытыннарар, оҕону иитиигэ уопсай кыһалҕаны уонна соругу быһаарар суоллары тобулар, боппуруостары быһаарарга биир сомоҕо буолар сыаллаах тэриллэр.
Сүрүн соруга 10 пуунтан турар. Манна үөрэх хаамыытыгар усулуобуйаны тэрийии, оҕону, ыччатыы иитиигэ сөптөөх усулуобуйаны тэрийии ол иһигэр олоҕу, доруобуйаны харыстааһыҥҥа, сокуоннай бырааптарын, интэриэстэрин көмүскээһиҥҥэ, астарын тэрийиигэ, социальнай өттүнэн харысхаллаах буолууларыгар сүбэлэри, этиилэри оҥоруу, о.д.а. бааллар.
Сэбиэт састаабыгар бэрэссэдээтэлинэн Ил Дархан А.С.Николаев, солбуйааччыларынан “Арассыыйа ийэлэрэ” Бүтүн Арассыыйатааҕы уопсастыбаннай хамсааһын Саха сиринээҕи салаатын бэрэссэдээтэлэ П.П.Борисова (сөбүлэҥинэн), “СӨ Уопсастыбаннай палаататын аппараата” судаарыстыбаннай казеннай тэрилтэ бэрэссэдээтэлин солбуйааччы, “СӨ Аҕаларын холбоһуга” уопсастыбаннай тэрилтэ бэрэссэдээтэлэ А.И.Габышев (сөбүлэҥинэн), Хотугулуу-Илиҥҥи федеральнай университет бэрэсидьиэнэ Е.И. Михайлова (сөбүлэҥинэн), “СӨ Уопсастыбаннай палаататын аппараата” судаарыстыбаннай казеннай тэрилтэ салайааччыта, “СӨ Дьахталларын сойууһа” уопсастыбаннай хамсааһын бэрэссэдээтэлэ А.Е.Андреева, СӨ үөрэҕин уонна билимин миниистирин бастакы солбуйааччы А.П.Аргунова, о.д.а. уопсайа, 23 киһи баар.
Сэбиэт туһунан чопчулаһаары Бүтүн Арассыыйатааҕы төрөппүттэр национальнай ассоциацияларын өрөспүүбүлүкэтээҕи салаатын эппиэттиир сэкирэтээрэ, элбэх оҕолоох ыал аҕата, сэбиэт чилиэнэ Семен Ивановтан туоһуластым:
— Сэбиэти тэрийии Бүтүн Арассыыйатааҕы хамсааһын. Кэлиҥҥи сылларга уопсастыбаннай тэрилтэлэр улахан оруолланан эрэллэр. Кинилэргэ сыаналыыр, көрөр-истэр, кэтээн көрөр аҥаардаах эбээһинэстэри сүктэрэн эрэллэр, граннарга кытталлар. Холобур, биһиги төрөппүттэрбит кэмитиэтэ ааспыт сылларга итии аһылыгынан хааччыйыыны көрбүтэ. Оскуола оҕотун аһылыга хайдах буолуохтааҕын, хаста аһыахтааҕын, Санпин ирдэбилин тутуһуутун туһунан төрөппүттэр кэмитиэттэрэ уопсастыбаннай народнай фрону кытта кыттыгас улахан үлэ барбыта. Биллэрин курдук, быйыл 58 оскуолаҕа хапытаалынай өрөмүөн ыытыллар. Төрөппүттэр уопсастыбаннай хонтуруоллара салгыы хапытаалынай өрөмүөн хаамыытын, кыраапыгын көрүөхтээхтэр, кэлбит тэрил хаачыстыбатын бэрэбиэркэлиэхтээхтэр.
Ити курдук уопсастыбаннай тутуллар хонтуруоллуур, салайар, саҥа санаалары түмэр, көҕүлүүр, төрөппүттэри түмэр, оҕону иитиигэ, үөрэтиигэ төрөппүт кыттыытын күүһүрдэр соруктаах тэриллэр.
Өрөспүүбүлүкэҕэ оҕо, дьиэ кэргэн тула уонтан тахса уопсастыбаннай түмсүү баар. Билигин Ил Дархан тус салайыытынан Сэбиэт баар буолбута үчүгэй, эппиэтинэһи өссө ордук күүһүрдэр. Уопсастыбаннай тэрилтэлэри барыларын бииргэ түмэн оҕону иитии, үөрэтии тула биир сомоҕо буолар.
Өрөспүүбүлүкэ, дойду таһымыгар итинник уорганнар бааллар. Улуус таһымнаах төрөппүттэр кэмитиэттэрэ баар буолуохтаах, ону тэрийэ сатыыбын. Төрөппүттэр күүстээх кэмитиэттэрэ уһуйааннарга, алын кылаастарга үлэлииллэр. Оҕо 5-с кылааска таҕыстаҕына төрөппүттэр оскуола уопсастыбаннай олоҕор кыттыылара арыый даҕаны мөлтүү быһыытыйар. Улахан кылаастарга төрөппүттэр букатын даҕаны оскуолаттан тэйэ быһыытыйаллар. Оскуола иһинэн төрөппүт кэмитиэттэрин бэрэссэдээтэллэрэ, чилиэннэрэ бааллар. Оскуолаттан салгыы улуус таһымыгар төрөппүттэр кэмитиэттэрэ суох этэ. Мин ол үлэни күүһүрдэр соруктаахпын. Билигин син 20-тэн тахса улууска тэрилиннэ. Улуустааҕы кэнниттэн өрөспүүбүлүкэтээҕи структура буолуохтаах. Ол эбэтэр бу тэриллэр Сэбиэт улуустааҕы сэбиэттэри күүһүрдүөхтээх, — диэн быһаарда.
Людмила ПОПОВА, “Саха сирэ” хаһыат, edersaas.ru
Бүгүн, ахсынньы 15 күнүгэр, Дьокуускайга 36 кв.м. иэннээх кыбартыыраҕа баһаар буолла. Өлбүттэр суохтар, биэс киһи…
Оҕо эрдэххэ дьаабылыка сыта, мандарин амтана наһаа да минньигэс уонна ураты буолара. Саҥа дьыл үөрүүтүн,…
Сыл – хонук. Номнуо үйэ чиэппэрэ ааһа охсубут. Оттон киэн туттан бүгүн кэпсээри оҥостор киһибит …
Горнай улууһун Одуну нэһилиэгэр айрширскай боруодалаах ынах бастакы ньирэйин төрөппүтүн туһунан "Үлэ күүһэ" хаһыат телеграм-ханаала…
"Сахафильм" киинэ хампаанньата уонна СӨ Национальнай бибилэтиэкэ 10 сахалыы киинэни босхо көрдөрөллөр. "Киинэни ааҕабыт!" аахсыйа…
Саха киинэтэ 1990 сылтан силис-мутук тардар. Бу сыл “Северфильм” киинэ устуудьуйата тэриллибитэ, ол 1992 сыллаахха…