Салгыы
Төрөппүт уонна учуутал биир сүбэнэн

Төрөппүт уонна учуутал биир сүбэнэн

26.08.2023, 15:00
Хаартыска: СИА саайтан
Бөлөххө киир:

СӨ үөрэҕин систиэмэтин туйгуна, Судаарыстыбаннай Мунньах (Ил Түмэн) бочуоттаах кыраамататын хаһаайына, үлэ бэтэрээнэ, Дьокуускай куораттааҕы Саха политиэхэньиичэскэй лиссиэй алын кылааһын учуутала Туйаара Стрекаловская быйыл оскуола боруогун аан маҥнай атыллыыр кырачааннары уон биирис төгүлүн көрсөргө бэлэмнэнэр. Уопуттаах учуутал оҕону уйулҕа, эт-сиин, доруобуйа өттүнэн оскуолаҕа бэлэмнээһиҥҥэ тус бэйэтин көрүүлэрин үллэстэр.

 Оҕону оскуолаҕа бэлэмнээһин

– Туйаара Алексеевна, оҕо оскуолаҕа киирэргэ бэлэмин дуу, бэлэмэ суоҕун дуу төрөппүт хайдах быһаарыан сөбүй?

– Кыра киһиэхэ оскуола туһунан уопсай өйдөбүлү иҥэрэр инниттэн, эрдэттэн күннээҕи кэпсэтии быыһыгар төрөппүт билиһиннэрэ сылдьыахтаах, учуутал диэн кимин, уруок диэн тугун быһаа­рыахтаах. Төрөппүт оскуо­ла туһунан үтүө эрэ өттүттэн сырдаттаҕына, оҕо түргэнник ылынар. Оҕо бэйэтигэр эрэллээх буолуохтаах уонна оскуолаҕа билии ыла барабын диэн өйдүөхтээх.

Бастакы кылаас оҕото күннүгү (дневник) кыайан толорбот, учуутал суруйар. Саамай кылаабынайа, төрөппүт оҕотун бэйэтэ хааччынар гына эрдэттэн үөрэтиэхтээх. Холобур, суумкатыгар үөрэх тэрилин угуохтаах, бэйэтэ таҥныах­таах, атаҕын таҥаһын быатын бааныахтаах. Уонна уопсас­тыбаннай миэстэлэргэ сылдьыы туһунан билиһиннэриэхтээх. Оҕо дьиэ уонна уопсастыбаннай миэстэ диэни бастаан утаа араарбат, онон бэйэ бодотун тардына сылдьарга сүбэ­лиэхтээх.

– Билигин элбэх оҕо бачыыҥкатын быатын кыайан бааммат буолуохтаах.

– Төрөппүттэр кэлин шнура суох, липучкалаах кеданы, кроссовканы ылар буоллулар. Уон алын кылааһы бүтэртэрдим, бэйэм быраактыкабыттан көрдөхпүнэ, мин үөрэтэр оҕолорум төрөппүттэрэ оҕолорун наһаа үчүгэйдик бэлэмнээбит буолаллар. Быатын бааммат биир эмэ оҕо көстөр. Учуутал син биир көмөлөһөр, баанарга үөрэтэр, оҕо бэрт түргэнник ылынар.

Эрэсиими тутуһуу –сүрүн ирдэбил

– Сайыҥҥы сынньалаҥ кэнниттэн оҕону оскуолаҕа хайдах бэлэмниибит?

–  Сайын оҕолор үс ый сынньаналлар, көҥүл көччүйэллэр. Хаһан утуйаллара, хаһан тураллара – көҥүл. Ол иһин оҕо оскуолаҕа киирэригэр, ордук уһуйаан өйдөбүлүттэн саҥа тэйэр, маҥнайгы кылааска киирээччилэри үөрэх саҕаланыа икки-үс нэдиэлэ инниттэн сыыйа бэлэмнээн саҕалыыр ордук. Оҕотун кыра-кыра­лаан күннээҕи эрэсиим­ҥэ киллэриэхтээх. Саамай сүрүнэ – оҕо сэниэлээх буоларын туһугар тото-хана аһыахтаах, эрдэ утуйуохтаах. Эрдэ утуйбут оҕо сарсыарда эрдэ  уутун ханан бэйэтэ уһуктар. Булгуччу дьарыктаах буолара наада.

– Холобур, тугунан дьарыктыахха сөбүй?

– Аныгы кэмҥэ оҕо толкуйдуур дьоҕурун сайыннарар араас остуол оонньуулара үгүс. Бүтүн дьиэ кэргэн, ийэ, аҕа оҕону кытта бииргэ оонньуура, аралдьытара, мэйии­тин сайыннарара туһалаах. Күннээҕи түбүктэн быыс булан кэпсээн, остуоруйа ааҕар суолталаах. Билигин “Айар” кинигэ кыһатыгар оҕолорго аналлаах күн талбыт кинигэ баар.

15 мүн. ордуо суохтаах

– Кэлин гаджет, төлө­пүөн киэҥник тарҕанна. Кистэл буолбатах, төлөпүөҥҥэ сыһыарыылары холбоон биэрэр төрөппүт элбэх. Бу төһө туһалааҕый?

– Көмпүүтэргэ оҕоҕо сөптөөх кинигэлэр, сыһыарыылар эмиэ бааллар. Ол эрээри, алын кылаас үөрэнээччитэ төлөпүөн, көмпүүтэр экранын күҥҥэ 15 мүн. эрэ көрүөхтээх. Ити бириэмэттэн уһаатаҕына доруобуйатыгар охсор, хараҕа мөлтүүр, уҥуоҕа, быһыыта-таһаата уларыйар. Ол иһин оҕо кыра эрдэҕиттэн төрөппүт хонтуруоллуура, бириэмэтин тутуһуннарара эрэйиллэр. Төрөппүт иитиититтэн улахан  тутулуктаах.

Уһуйаантан  саҥа сиргэ барыы

– Оскуола боруогун аан маҥнай атыллыыр кырачаан дьон үгүстэрэ долгу­йаллар. Хайдах уоскутуохха сөбүй?

–  Эрдэттэн бэлэмнээх, бэ­­йэтигэр эрэллээх букатын долгуйбат оҕолор эмиэ бааллар. Кыбыстанньаҥ оҕолор да ханна барыахтарай. Оскуола дьиэ саҥа усулуобуйатыгар сөп түбэһиэхтэригэр (адаптация), оҕолору кытта билсиэхтэригэр диэри долгуйаллара оруннаах. Сорохтор бу кэми түргэнник аһардаллар, бытааннык ылынар оҕоҕо сыл кэриэтэ ирдэниэн сөп. Учуутал барытын кэтээн көрө, бэлиэтии сылдьар, маннык оҕоҕо туспа сыһыан эрэйиллэр. Салгыы бытааннык ылынар оҕо төрөппүтүгэр сүбэлээн-амалаан, ыйан-кэрдэн биэрэбит.

– Долгуйар оҕолору кытта уйулҕа үлэһитэ дьарыктанара наада дуу, суох дуу?

–  Мин санаабар, маҥнайгы кылааска тута уйулҕа үлэһитигэр сүүрэр сатаммат. Оскуола уһуйаантан букатын атын эй­­гэлээх, быраабылалардаах, оҕо оҕолору, учууталы кытта бодоруһан бардаҕына оннун булар, көннөрү бириэмэ эрэ эрэйиллэр.

Бу үлэлээн кэлбит сылларбар миэхэ төрөппүттэр өйөбүллэрэ кинилэргэ махтанабын. Барытыгар кинилэр көмөлөһөр буолан, оҕолор төрдүс кылааһы бүтэрэллэрин саҕана доҕордуу кэриэтэ буолабыт.

Учуутал төрөппүтү эмиэ иитиэхтээх, мунньахтарга сүбэ-ама биэриэхтээх. Үөрэх билиҥҥи бырагыраамата ыарахан. Ол иһин оҕо үөрэҕэр ыарырҕатар түгэнигэр төрөппүттэри биирдиилээн ыҥыран кэпсэтэр туһалаах.

Оҕо доруобуйатын бөҕөргөтүү уонна эбии дьарык

– Учуутал быһыытынан кэтээн көрүүгүнэн оҕоҕо битэмиин иһэрдэр төһө туһалааҕый? Уопсайынан, оҕо доруобуйатын хайдах бөҕөргөтүөххэ сөбүй?

– Билиҥҥи төрөппүттэр оҕолорун доруобуйатын харбааһын, успуорт нөҥүө бөҕөргөтөллөрө, эрчийэллэрэ ­иитиигэ улахан оруоллаах сүүрээн. Битэмиини эмчит быһаарыытынан эрэ иһэрдэр ордук буолуо. Сайыҥҥы кэмҥэ оҕону сөтүөлэтэн, иҥэмтэлээх аһынан аһатан, айылҕаҕа, салгыҥҥа сырытыннаран чэбдигирдэр, эрэсиими тутуһуннарар, истиҥник сыһыаннаһар, кэпсэтэр оҕо доруобу­йатыгар быдан туһалаах. Түүн үөһүгэр утуйар оҕо уруок­ка утуйа олорор, доруобуйатын да айгыратар. Ол иһин эрэсиими тутуһуннарар булгуччу ирдэнэр.

– Маҥнайгы кы­­лаас үөрэнээччитин эбии дьа­рык­ка сырытыннарар ордук дуу эбэтэр ноҕуруус­каланар дуу?

– Оскуолаҕа үөрэх федеральнай ыстандаартынан босхо дьарык булгуччу көрүллэр. Нэдиэлэҕэ биир дьарык ордук, онтон элбээтэҕинэ бэйэтэ даҕаны саҥа оннун була сатыы сылдьар киһи ноҕуруускаланыан, үөрэҕин ыарырҕатыан сөп. Салгыы оҕо кыаҕыттан көрөн эбэн биэриэххэ сөп.

Онон түмүктээн эттэххэ, төрөппүт, учуутал биир сүбэнэн оҕо туһугар үлэлээтэхтэринэ барыта кыаллар, үөрэнээччи оскуола олоҕор түргэнник үөрэнэр.

– Туйаара Алексеевна, сиһилии быһаарыыҥ иһин махтал.

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
Бары сонуннар
Салгыы
31 октября
  • -20°C
  • Ощущается: -26°Влажность: 84% Скорость ветра: 2 м/с

Сообщить об опечатке

Текст, который будет отправлен нашим редакторам: