Сокуоннай саастарын ситэ илик оҕолор дьыалаларыгар куораттааҕы уонна өрөспүүбүлүкэтээҕи хамыыһыйалар күүс өттүнэн эмтэниигэ ыыппыт ийэлэрэ Наркология өрөспүүбүлүкэтээҕи диспансерыгар эмтэнэллэр. Билигин диспансерга 18 дьахтар эмтэнэр.
Кулун тутар саҥатыгар Наркология диспансерын реабилитацияҕа отделениетыгар Олох ыарахаттарыгар түбэспит оҕолордоох дьиэ кэргэҥҥэ көмөлөһөр киин юриһа Игорь Николаев кэлэ сырытта. Юрист хас биирдиилэрин кытары тус кэпсэтиитигэр төрөппүт быраабын быһыы уонна хааччахтааһын, алимены анааһын, ыал арахсыытын, оҕоҕо бэриллэр төлөбүр, олорор дьиэҕэ быраап туһунун ыйыталастылар.
Юрист Игорь Николаев реабилитация отделениетын хас да эмтэнээччитин дьыалатын үөрэтэ ылла. Билиҥҥитэ үс эмтэнээччи балаһыанньата дириҥник үөрэтилиннэ, ырытылынна.
Игорь Николаев: “Кинилэр көмө ылыахтарын баҕараллар уонна бэйэлэрин дьылҕаларын уларытарга көхтөөхтүк кытталлар. Сүрүнэ – куһаҕан дьаллыктан тутулуктаныыттан эмтэнии толору кууруһун ааһаллар уонна бэйэлэрин оҕолоругар бырааптарын төнүннэрэргэ кыһаллаллар. Онуоха биһиги туох кыалларын барытын оҥоруохпут”, — диэн иһитиннэрдэ.
Онтон Наркология өрөспүүбүлүкэтээҕи диспансера Киин ыытар дьонун арыгыттан босхо эмтиир. Өрүттэр көмөҕө наадыйар дьиэ кэргэни өйүүргэ күүстэрин ууруохтара.
Москваҕа баар «Саха волонтердара» уопсастыбаннайхамсааһын 2022 сылтан тэриллэн үлэлиир. Баазалара Москва куоракка РФ Бэрэсидьиэнигэр СӨ…
Бу күннэргэ социальнай ситимҥэ оҕотугар хаһыытыыр, охсуох буолан суоһурҕанар ийэ видеота киэҥник тарҕанна, онуоха быһылааны…
Бэҕэһээ, сэтинньи 26 күнүгэр, "Сахаэнерго" тэрилтэ үлэһиттэрэ "Табаххын атастас" диэн үгэскэ кубулуйбут Бүтүн Арассыыйатааҕы аахсыйаҕа…
Ленинградтааҕы зоопарка Хаарчаана үрүҥ эһэ сэтинньи 30 күнүгэр аҕыс сааһын туолаары сылдьарын туһунан иһитиннэрэр. Хаарчаана…
СӨ борокуратууратын пресс-сулууспата иһитиннэрбитинэн, ааспыт сайын 23 cаастаах эдэр киһи Дьокуускайга баар "Шашлыкоф" кафеҕа арыгы…
Таба иитэр хаһаайыстыбалары бөрөлөр буулаан, эрэйи көрдөрөллөр. Онон табаһыттар ыстаадаларын харыстаан, бу кыыллары сонордоһоллор. --…