Варвара Васильевна Илларионова (Прокопьева) 1931 сыллаахха бэс ыйын 12 күнүгэр Тыалыкы нэһилиэгин Тыатаан аҕа ууһуттан силистээх Мотурууна Ньукулаайабына (1900-1975 сс.) уонна олохтоох булчут Баһылай Уйбаанабыс Борокуоппайаптар (Кэдэк Баһылай) (1900-1966 сс.) дьиэ кэргэннэригэр Араҥастаах Ойбонугар күн сирин көрбүтэ. Оҕо сааһа сэрии сылларыгар түбэһэн, олох аһыытын-ньулуунун билэн улааппыта. Ийэтэ 18-та оҕоломмутуттан оччотооҕу мэдиссиинэ мөлтөҕүттэн уонна сэрии ыар сылларын содулларыттан убайа Ньукулайдыын иккиэйэҕин эрэ мүччү түһэн тыыннаах хаалбыттара.
Онон, ийэбит 8 оҕолонон, онтон таайбыт Николай Васильевич 6 оҕолонон, ийэлээх-аҕаларын олохторун салҕаабыттара. Ону этэн эрдэхтэрэ: «өтөх төҥүргэстээх, сурт кэриэстээх» диэн… Сэрии суостаах сылларыгар убайын Араҥастаахха Оҕо дьиэтигэр ыланнар, этэҥҥэ киһи-хара буолбута. Онтон ийэбит ийэтин батыһа сылдьан, ньуолбараҥ сааһыттан Араҥастааҕынан, Ньимискэннээҕинэн холкуос араас үлэтигэр эриллэн, инчэҕэй тирбэҕэ быстыбатынан тыыннаах сылдьан, ийэтин дойдутун Тыалыкыга “Сталин” холкуоһу буланнар киһи-хара буолбуттара. Ол холкуоска сэрии ыар сылларыгар биир да киһитин хоргутан өлөрбөтөх, оройуоҥҥа киэҥник биллибит Прокопий Прокопьевич Пахомов (Окон) бэрэссэдээтэлинэн үлэлээбитэ. Ийэбит кэнники: «Дьоруойу биэрэр буоллахтарына, чахчы дьон туһугар туруулаһан үлэлээбит бу Окон курдуктарга дьоруойу бэрдэриэ этилэр», -– диирэ.
Ийэбит холхуоска олох оҕо сааһыттан ыанньыксыттаан киирэн барбыта. Эдэр киһи таһаарыылаах үлэтин үрдүктүк сыаналаан, 1954 сыллаахха Дьокуускайга бүтүн өрөспүүбүлүкэ бастыҥ үлэһиттэрин мунньаҕар бөдөҥсүйбүт “Сталин” холкуостан кыттар үрдүк чиэскэ, ону таһынан мунньах үрдүк үктэлигэр — президиумҥа олорор чиэскэ тиксибитэ. Оччолорго бөдөҥсүйбүт холхуоһу сэрии бэтэрээнэ, нуучча ньургун уола И.Д.Теленков салайара. Ийэбит тыа муҥкук кыыһын үчүгэйдик бэрийэн илдьэ сылдьыбыта диэн, Илья Дмитриевичкэ наһаа махтанар этэ.
1954 сыллаахха холхуоска биригэдьииринэн үлэлии сылдьар Петр Гаврильевич Илларионовы кытары билсиһэн ыал буолан, бииргэ олорон 8 оҕону төрөтөн улаатыннартаабыттара.
Ийэбит оҕолонон да баран, ыанньыксыттыырыттан тохтооботоҕо. Ол курдук, 1960 сыллаахха биир идэлээхтэрэ Эдуард Иванович Михайловтыын, Анна Герасимовна Фоминалыын уонна Акулина Николаевна Тимофеевалыын «Кыталыктаах» ыччат-хомсомуол пиэримэтигэр үлэлии сылдьаннар, пиэримэ үрдүнэн биир ынахтан үүтү ыаһыҥҥа 2000-лаах кирбиини оройуон үрдүнэн аан бастакыннан аһарбыттара. Онно биһиги ийэбит биир ынаҕыттан 2024 киилэ үүтү ыабыт этэ.
Аҕабыт Петр Гаврильевич Илларионов 1930 сыллаахха ыам ыйын 10 күнүгэр Кукаакыттан төрүттээх Настаа уонна Тыалыкы нэһилиэгин киһитэ Силиппиэн Хабырыллата Илларионовтарга Атырдьах диэн сиргэ 8 оҕо төрөөбүтүттэн убайа Василийдыын иккиэйэҕин тыыннаах хаалбыттар. Сэрии сылларыгар оскуолаҕа ситэри үөрэммэккэ 5-с кылаастан уурайан, 1944 сыллаахтан биригэдьиир көмөлөһөөччүтүттэн саҕалаан, 14 сааһыттан холхуоска биригэдьиирдээн барбыта. Холкуоска, онтон сопхуоска сүөһү биригэдьииринэн үйэтин тухары үлэлээн, производство бастыҥа, стахановец, пятилеткалар ударниктара, Социалистическай үлэ ударнига буолбута, “Бочуот Знага” уордьанынан наҕараадаламмыта. Үлэһиттэригэр сыһыана үчүгэй буолан, кини биригээдэтигэр үлэҕэ киирэргэ уочарат буолааччы. Кэнники 60 сааһын ааһан баран, биригэдьиирдии сылдьан акка оһоллонон, онтуттан моһуогуран 67 саастааҕар эрэ олохтон туораабыта…
Аҕабыт үйэтин тухары үлэни өрө тутар этэ. Оннооҕор булка-балыкка сыстыбатаҕа. Аҕабыт ийэбитин олох таҥара курдук көрөрө. Дьиэҕэ баар кэмигэр туох баарын барытын бэлэмнээн биэрэрэ, хараҥаҕа кулууптан дуу, ыалтан дуу кэлэригэр утары баран көрсөн аҕалара.
Бэйэтэ дьөһөгөй оҕотун өрө тутара, куруук ахсым аттары миинньэрэ, көлүнэрэ. Дэлэҕэ даҕаны, үлэһиттэрэ «Көтөр көгөччөр, хаамыы хара аттардаах биригэдьиир Бүөтүр” диэн хоһуйуохтара дуо? Кини атын сэбэ барыта уурбут-туппут курдук, араас киэргэллээх буолааччы. Эбэм сылгы сиэлиттэн хаппыт таҥалай ойуулаах көнтөстөөх, сулардаах буолара. Соҕуруу сынньана бардаҕына, сыал-сорук оҥостон сылгы собуоттарыгар сылдьан, киэргэллээх ат сэбин илдьэ кэлэрэ.
Төрөппүттэрбит 8 оҕону: 5 уолу, 3 кыыһы төрөтөн, барыларын атахтарыгар туруортаан үлэһит, ыал оҥорбуттара. Кинилэр холхуос, сопхуос үлэтигэр эриллэ сылдьар кэмнэригэр биһиги, оҕолор, эбээбитигэр (аҕабыт ийэтигэр) Анастасия Семеновна көрүүтүгэр-истиитигэр хаалан, кини такайыытынан улааппыппыт. Биһигини эбээлээхтэр диэн быһыылааҕа, дьааһылаҕа, оҕо саадыгар сылдьыбакка улааппыппыт. Онон, дьааһыла, оҕо саада диэн баарын оскуоланы бүтэрэн, үлэһит буолан баран эрэ билбиппит. Дьоммут холкуос, сопхуос үлэтигэр икки хараҥаны ыпсардаллар даҕаны, кэтэх хаһаайыстыбаларын куруук тутан олорбуттара. Дьоммут биһигини үлэни өрө тутарга, дьоҥҥо истиҥник сыһыаннаһарга, кыраҕа-кыаммакка көмөлөһөргө үөрэппиттэрэ, такайбыттара. Саас аайы кыстык мас бэлэмнээһинэ, сайын от үлэтэ, күһүн сир астааһына, кыстыкка бэлэмнэнэн дьиэ-уот, хотон өрөмүөнэ курдук тыа ыалын бүппэт түбүктэригэр биһиги дьоммутун кытта бииргэ сылдьарбыт. Ону таһынан уолаттар 4-5 кылаастан сопхуоска сайылыкка бостуугунан, онтон борбуйбутун кыанныбыт даҕаны от звенотугар үлэлии барарбыт. Уопсайынан, дьоммут биһигини үлэнэн ииппиттэрэ. Ол курдук, ынах ыырга, дьиэ ис-тас үлэтин толорорго, ас астыырга олох кыра сааспытыттан дьоммутун кытары тэҥҥэ сылдьан, олох оскуолатын ааспыппыт кэнники олохпутугар куруук тирэх буолан кэллэ.
1967 сыллаахха отделение салалтата үлэтигэр эппиэтинэстээх, турбут-олорбут үлэһит Варвара Васильевнаны сүөһү иитиитин саамай эппиэтинэстээх үлэтигэр — тиэхиньик-осеменатор кууруһугар үөрэттэрэн, үлэҕэ анаабыта. Ускуустубаннай сиэмэлээһин — ыраас туттууну, сатабылы, үлэ ньымаларын билиини эрэйэр түбүктээх үлэ. Тиэхиньик-осеменатордар сопхуоска төһөлөөх барыыһы аҕалбыттара буолуой? Элита ыраас боруода оҕустар сиэмэлэринэн эрдэ ынаҕы төрөтөн, төрөлкөй төрүөҕү ылан, эт-үүт элбииригэр, хаачыстыбата тупсарыгар төһүү буолаллар. Манна үлэлии сылдьан ийэбит оройуоҥҥа сыллааҕы үлэтин түмүгүнэн сороҕор бастаан, сороҕор бириистээх миэстэҕэ тиксэн, элбэхтик чиэскэ-бочуокка тиксибитэ. Бииргэ үлэлиир дьүөгэлэрэ Евдокия Михайловна Михайловалыын, Зоя Михайловна Мандаровалыын Дьокуускай куоракка өрөспүүбүлүкэтээҕи күрэххэ оройуоннарын чиэһин көмүскүү баран бастааннар, үөрэн-көтөн кэлбиттэрэ. Ийэбит дьүөгэлэрэ Евдокия Михайловна Михайловалыын, Парасковья Андреевна Макаровалыын отделениеҕа тиэхиньик-осеменаторынан үлэлиир эрдэхтэринэ, ынах төрөөһүнүн 97-98 бырыһыантан түһэрбэтэхтэрэ.
Ийэлээх-аҕабыт — тыыл, үлэ бэтэрээннэрэ, Октябрьскай нэһилиэк Бочуоттаах олохтоохторо, үлэлэринэн үгүс элбэх наҕараадалаах, тыа хаһаайыстыбатын сайдыытыгар кылааттарын киллэрбит тыа сирин боростуой үлэһит дьоно этилэр. Кинилэр оҕолоро, сиэннэрэ эмиэ норуот хаһаайыстыбатын араас салааларыгар өрөспүүбүлүкэлэрин туһугар сыраларын биэрбиттэрэ. Кинилэр ортолоругур бааллар: тыа хаһаайыстыбатын, муниципальнай сулууспа, Ис дьыала, Сэбилэниилээх күүстэр, ФСБ, мэдиссиинэ, култуура үлэһиттэрэ. Кинилэртэн дьаныардаах үлэлэринэн Бочуоттах аакка тиксибиттэр, үгүс наҕараадаҕа тиксибиттэр элбэхтэр. Биир сиэн Сириянан, Украинанан Арассыыйа туһугар сулууспалыы сылдьан бааһыран демобилизацияламмыта. Билигин ыал саамай кыра уола байыаннай Украинаҕа баҕа өттүнэн баран, СБЭ кытта сылдьар.
Валерий ИЛЛАРИОНОВ, уола
Быйыл балаҕан ыйын 3-6 күннэригэр диэри Владивосток куоракка Уһук Илиҥҥи экэнэмиичэскэй пуорум буолан ааспыта. Онно…
Бүтүн Арассыыйатааҕы "Родители онлайн" пуорумҥа кыттыы -- улахан чиэс... Өссө төрөппүт быһыытынан! Оҕону - төрөппүт…
Тыйыс тымныылаах, хахсаат тыаллаах Саха сиригэр ордук кыстыкка киирии үгүс кыһалҕалаах буолар. Тыал, сиик, онтон…
Дьуһуурунай борокуруор иһитиннэрбитинэн, ааспыт суукка устата эрэгийиэҥҥэ буруйу оҥоруу биэс түгэнэ бэлиэтэммит. Бу дьыалаларынан бэрэбиэркэлэр…
Айылҕаттан айдарыылаах айар куттаах худуоһунньуктар тыа сиригэр үгүстэр. Биир оннук, нууччалыы эттэххэ, “самородок” худуоһунньугунан Хаҥалас…
Быйыл Саха сирин үрдүнэн биллиилээх судаарыстыбаннай уонна бэлитиичэскэй диэйэтэл Степан Аржаков төрөөбүтэ 125 сылын бэлиэтээтибит.…