Тэрилтэлэргэ үрдүк таһымнаах исписэлиистэр тиийбэт кыһалҕаларын быһаарыахха
Арассыыйа бэрэсидьиэнэ Владимир Путин уопсастыбаннай приемнайыгар Саха сирин орто уонна үрдүк үөрэх кыһаларын бүтэрээччилэрин өрөспүүбүлүкэ тэрилтэлэригэр үлэҕэ аныыр туһунан этиини киллэрдилэр.
Бастатан туран, каадыр тиийбэтин, иккиһинэн, эдэр исписэлиистэри үлэҕэ ылыы боппуруостарын быһаарыахтаах итинник көҕүлээһин Арассыыйа Наукатын академиятын Сибиирдээҕи салаатын Хотугу сир хайа дьыалатыгар институтун хайа аһаҕас үлэлэригэр лабораториятын сэбиэдиссэйэ Сергей Панишевтан киирдэ.
Учуонай бырамыысыланнаска уона оҥорон таһаарыы эйгэтигэр, мэдиссиинэҕэ уонна үөрэхтээһиҥҥэ, ону сэргэ атын да социальнай суолталаах салааларга үрдүк таһымнаах исписэлиистэр тиийбэттэриттэн долгуйар. Панишев саныырынан, олохтоох үөрэх кыһаларын бүтэрээччилэри үлэҕэ аныыр систиэмэни олохтуохха наада (саҥа саҕалыыр исписэлиис идэтинэн хас да сыл үлэлиирин, быраактыкаҕа билиитин барытын туһанарын, карьератын оҥосторугар уопуттанарын курдук). Ол кэнниттэн, баҕарар буоллаҕына, салгыы идэтин эбэтэр үлэлиир эйгэтин уларытыан сөп. Оччоҕо судаарыстыбаннай уонна биирдиилээн хампаанньалар, социальнай тэрилтэлэр бэйэлэригэр тиийбэт исписэлиистэрин “сакаастыахтарын” сөп. Оттон бүтэрээччилэр оробуочай миэстэлэрэ мэктиэлэниэ этэ.
Сообщить об опечатке
Текст, который будет отправлен нашим редакторам: