Тэристиин алтыспыт дьоллоохпун

Share

Саха диэн омук муҥурун булларбатах киэҥ далай курдук ситэри ситэн үөрэтиллэ илик, үйэлээх историята таайылла илик таабырын буолан, оччоттон баччаҕа диэри тиийэн кэллэҕэ, элбэх киһи төбөтүн сыстаҕа.

Холобур Владимир Кондаков үрүҥ Айыы ойууна, Галина ПОПОВА — Санаайа, ХИФУ профессора, Михаил Иванов — Багдарыын Сүлбэ, топонимист, кыраайы үөрэтээччи, Андрей Кривошапкин — Айыҥа былыргы руна суруктары чинчийээччи, Лазарь Афанасьев- Тэрис, Айыы үөрэҕин тэнитээччи уонна да атыттар саха култууратын үөрэппит уонна бэйэлэрин тус санааларын дьоҥҥо-сэргэҕэ киэҥник тарҕаппыт  сахабыт чулуу дьонноро, учуонайдара буолаллар.

Мин бу кылгас ахтыыбар ким кырдьыгын, сыыһатын дьүүллүүр санаам да, быраабым да суох. Куоракка көһөн кэлэн баран аан бастакы санаам Сайсарыга Тэрис балаҕаныгар сылдьыбыт киһи диэн этэ. Бэйэм кырдьаҕас эһээлээх эбээ аттыларыгар улааппыт, хоонньуларыгар утуйбут буолан уонна кинилэр кэпсээннэрин, остуоруйаларын истэн, сахалар тустарынан билиэхпин олус баҕарар этим. Төрдүбүтүгэр улахан ойууттар баалларын кэпсииллэрэ. Эбээм Марыына ааттарын эппэккэ өлбүтэ. Ааттара ааттаммат дьон диэбитэ. Эбээм барахсан биһигини, сиэннэрин харыстаан эппэтэҕэ буолуо диэн саныыбын, билигин.

Сайсарыга Тэрис дьиэтиттэн чугас олорор буоламмын, иллэҥ кэммэр киниэхэ тахсааччыбын. Балаҕанын иһэ ыраас, куруутун бэрээдэктээхтик хомуллубут буолааччы. Остуолга олорон Тэрис бэйэтэ суруйбут кинигэлэрин ааҕыахха сөп, истиэнэтэ сахалыы тыыннаах суругунан-бичигинэн, халандаарынан толору. Бэйэтэ баарыгар өрөбүллэргэ, үлэ да күнүгэр быыс булан кэлбит дьон наадатын быһааран ыытара. Араас кыһалҕалаахтар кэлэллэрэ. Сорохтор алгыс ылан арчыланан бараллара. Кыра хомултаҥҥа оту уматан сыт таһааран алгыс тылларын ботугураан этэрэ.

Төгүрүк остуолга олорон кэпсэтэрбит. Онно киһиэхэ тиийимтиэ куоһур оҥостор этиилээх этэ. Ол маннык, «мин архыыпка 15 сыл олорбутум. Сахалар биһиги төрүт култуурабытын үөрэппитим, докумуоннары хаһыспытым» диэн.

Саҥа дьыл саҕана дьон элбиирэ. Үксэ таҥхаһыттар. Онно арааһы барытын оонньоторо, сүбэ-ама да биэрэрэ. Кэлин балаҕанын аттыгар ураһа туттубута. Саҥа дьыл иннинэ «Саха» НКИХ кэлэн сахалыы тыыннаах сиэр-туом, таҥха туһунан биэрии устан бараллара. Биирдэ хата мин онно уһуллан турабын. Төгүрүк остуолга Тэристиин кэпсэтэ олорорбутун устубуттара. Хомойуох иһин Тэрис билигин биһиги ортобутугар суох. Ол гынан баран, кини туһунан үчүгэй өйдөбүл хаһан даҕаны өлбөөдүйүө суоҕа.

Иван Сивцев — Бээди

What’s your Reaction?
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0

Recent Posts

  • Сонуннар
  • Сүрүн
  • Үөрэх

“Сыл учуутала-2024” күрэс кыайыылааҕын аата билиннэ

Нэдиэлэ устата барбыт Бүтүн Арассыыйатааҕы “Сыл учуутала-2024” күрэс Саха сиринээҕи түһүмэҕэ түмүктэннэ. Үөрүүлээх быһыыга-майгыга лауреаттар,…

9 часов ago
  • Байыаннай эпэрээссийэ
  • Сонуннар

Саха сирин биллиилээх дьоно “Покров и защита” уордьанынан наҕараадаланнылар

“Бары бииргэ Кыайыыга!” 1-кы Өрөспүүбүлүкэтээҕи байыаннай-патриотическай пуорумҥа “Покров и защита” уордьанынан Афганскай сэрии бэтэрээнэ Валерий…

10 часов ago
  • Култуура
  • Сонуннар

Ахсынньы 30 күнүгэр диэри сахалыы киинэлэри уонна кинигэлэри босхо көрүөххэ сөп

«Сахафильм» устуудьуйата уонна СӨ Национальнай бибилэтиэкэтэ «Киинэни ааҕабыт!» бырайыагы үлэлэттилэр . Ол курдук, Саха сирин…

10 часов ago
  • Сонуннар
  • Уопсастыба

Дьокуускайга бутлегертан 18 лиитэрэ арыгы былдьаатылар

Дьокуускайга полиция сулууспата сокуоннайа суох арыгы атыылааччылары буларга туһуламмыт рейдэлэри салгыы ыытар. Ол курдук, сокуоннайа…

10 часов ago
  • Сонуннар
  • Тыа хаһаайыстыбата

Чурапчы пиэрмэрэ сири оҥорууга федеральнай субсидияны ылыаҕа

Арассыыйа бырабыыталыстыбата 15 эрэгийиэҥҥэ, ол иһигэр Саха сиригэр, тыа хаһаайыстыбатын сирдэрин оҥорууга үлэ ороскуотун толуйуу…

10 часов ago
  • Култуура
  • Сонуннар

“Хомуур олоҥхо” толорооччуларын истэ толору киһи кэллэ

Былырыын 2023 сыллаахха Былатыан Ойуунускай төрөөбүтэ 130 сылынан Чөркөөххө “Хомуур олоҥхо” түһүлгэ тэриллибитэ. Бырайыак ааптарынан…

11 часов ago