Төрүччү быыстапкатыттан үгүс кэскиллээх бырайыактар саҕыллыахтара
«Төрүччү төлкөтө» Саха сирин норуоттарын төрүччүтүн II сийиэһин чэрчитинэн, бэҕэһээ киин куорат Комсомольскай болуоссатыгар олус дириҥ ис хоһоонноох быыстапка буолан ааста.
Олус күүстээх тыал түһэн, кыттааччылар мин тиийиибэр хомунан эрэллэр этэ. Буолумуна, хас да сылы быһа хомуйбут, оҥорбут үлэлэрэ хайа баран, алдьанан хааллаҕына, чөлүгэр түһэрэргэ уустуга чахчы. Ол буоллар, үспүөйдээн, сорох үлэлэри көрөн, устан халлым.
Олус үйэлээх үлэ оҥоһуллубутуттан сөхтүм. Үгүс улуустан анаан тэринэн кэлбиттэр. Бүлүү улууһуттан сийиэскэ кыттааччылар биир балаакка матырыйаалы тиэйэн аҕалбыттар.
Сунтаар, Кэбээйи улуустарыттан бэрт дириҥ ис хоһоонноох быыстапка үлэлэрин аҕалбыттар.
Дьааҥы, Халыма курдук ыраах хоту улуустартан тиийэ быыстапкаҕа кытта сылдьалларын көрөн сөхтүм.
Кэрэхсэбиллээҕэ баара, Бүлүү уонна Дьааҥы улуустарын Томскайдара быыстапкалыыр балааккалара ыаллыы буолан, төрүччүлэрин хаһыспыттара, олох да казактартан төрүттээх уруулуу-аймахтыы буолан тахсыбыттар.
Онон Дьааҥы уонна Бүлүү Томскайдара «салгыы үлэлэһиэхпит» диэн Төрүччү сийиэһиттэн саҕыллыбыт эрэл санаалаах тарҕастылар.
Сообщить об опечатке
Текст, который будет отправлен нашим редакторам: