Кулун тутар 30-31 күннэригэр Хабаровскай куоракка “Генеалогия Дальнего Востока. История, реальность, перспективы развития” диэн кэмпириэнсийэ буолла.
Кэмпириэнсийэҕэ Уһук Илин эрэгийиэннэриттэн барыларыттан уонна Казахстантан, Санкт-Петербург куораттан дэлэгээттэр кыттыыны ыллылар, барыта 24 дакылаат ааҕылынна.
Саха Өрөспүүбүлүкэтин дэлэгээссийэтин Саха сиринээҕи Төрүччү уопсастыбаннай институтун дириэктэрэ Аргунов Константин Ильич салайан илдьэ сырытта. Кини Саха сиригэр төрүччүнү оҥоруу үлэтин уонна билиҥҥи туругун туһунан дакылаат оҥордо.
Кэмпириэнсийэҕэ Саха сирин аатыттан бэйэлэрин үлэлэрин билиһиннэрэн, дакылааттарынан кытыннылар: ХИФУ философия кафедратын сэбиэдиссэйэ, профессор Саввинов Андрей Саввич (“СӨ төрүт олохтоохторун төрүччүлэрин оҥоруу концепцията”), “Кэскил” оҕо кыһатын дириэктэрэ Семенова Ольга Ивановна (“Оҕоҕо аналлаах хаһыаттар, сурунааллар нөҥүө төрүччү оҥоһуутун тосхоллоро”), Таатта улууһун Чөркөөх Ытык сүбэтиттэн кыраайы үөрэтээччи Вырдылин Гаврил Гаврильевич (“Нэһилиэк сирдэрин төрүт ааттарын, өбүгэлэр олорбут алаастарын чуолкайдаан, электроннай картаҕа киллэрии уонна мобильнай сибээс сыһыарыытынан ыччакка тарҕатыы”), Нам улууһун Хатыҥ Арыы түмэлин дириэктэрэ Христофоров Афанасий Христофорович (“СӨ Национальнай бибилэтиэкэтэ Төрүччү оҥоһуутугар оруола”), Амма улууһун Сатаҕай орто оскуолатын дириэктэрэ Шишигина Иванна Ивановна (“Оскуола оҕолоругар Төрүччүнү үөрэтии”), Томпо улууһун Мэҥэ Алдан нэһилиэгин баһылыга Комиссаров Юрий Юрьевич (“Нэһилиэк ыалларын Төрүччүтүн чуолкайдаан электроннай архыыпка киллэрии”).
Кэмпириэнсийэ уонна «төгүрүк остуол» кыттыылаахтара Саха сиригэр Төрүччүнү үөрэтиигэ элбэх хайысханан күүстээх үлэни ыытыы ыччаты төрөөбүт дойдутугар тапталы иитиигэ олус көмөлөөҕүн, Төрүччүнү үөрэтии судаарыстыбаннай таһымҥа тахсыбытын уонна маннык хабааннаах үлэ атын эрэгийиэннэргэ суоҕун бэлиэтээтилэр.
Уһук Илин эрэгийиэннэрэ бары кыттыһан, Саха сирин ситиһиитин холобур оҥостон, көмөлөөн, Арассыыйа бары эрэгийиэннэригэр тарҕатан, үлэни тэрийэргэ сүбэлэстилэр уонна аныгыскы пуоруму Дьокуускай куоракка ыытары былааҥҥа киллэрдилэр.
Үһүс күҥҥэ кэмпириэнсийэ кыттыылаахтара Хабаровскай куорат кэрэ-бэлиэ миэстэлэринэн, кыраайы үөрэтэр түмэлгэ сырыттылар.
Төрдүс күҥҥэ Ил Түмэн Бэрэссэдээтэлин солбуйааччы Владимиров Афанасий Семенович салалтатынан, бырабыыталыстыба Уһук Илиҥҥи бэрэстэбиитэлистибэтигэр Степанова Диана Афанасьевнаны кытта көрүстүлэр, инники үлэни торумнастылар. Маны тэҥэ, Хабаровскай куорат үрдүк үөрэх кыһаларын салалталарын кытта көрсүһүүлэргэ сырыттылар.
Бүгүн, ахсынньы 15 күнүгэр, Саха сирин үгүс улуустарыгар хаар түһэрэ күүтүллэр диэн УГМС иһитиннэрэр. Хоту,…
"Биисинэс-Экспо" урбаанньыттар быыстапкалара 2010 сылтан ыла ыытыллар буоллаҕына, Вера Лиханова бу тэрээһиҥҥэ 2019 сылтан ыла…
Ньурба улууһун Хорула нэһилиэгин Е.К. Федоров аатынан орто оскуолатыгар 204 саастаах алтан чуораан баар. "2020…
Ахсынньы 14 күнүгэр Саха сирин Бырабыыталыстыбатын Бэрэссэдээтэлин бастакы солбуйааччы Дмитрий Садовников Горнайга Атамайдааҕы элбэх өҥөнү…
Сир үрдүгэр эҥин араас дьикти, дьиибэ элбэх. Икки атахтаах ону сэргиир, сэҥээрэр, сорох онтон дьиксинэр,…
РФ бырабыыталыстыбата резервнэй пуондаттан чэпчэтиилээх IT-ипотекаҕа 23,5 млрд солк. көрдө. Туһааннаах дьаһалга премьер-миниистир Михаил Мишустин…