«Төрүччү төлкөтө» сийиэс уопсастыбанньыктары түмтэ
Бу өрөбүллэргэ, от ыйын 8-9 күннэригэр, киин куоракка «Төрүччү төлкөтө» Саха сирин норуоттарын төрүччүтүн II сийиэһигэр нэһилиэктэр баһылыктара, кыраайы үөрэтээччилэр, учууталлар, уопсастыбаннай түмсүүлэр — бу боппуруоска сыһыаннаах дьон бары түмсэн кэскиллээх тосхоллору торумнууллар.
Суолталаах тэрээһин Дьиэ кэргэн, таптал уонна бэриниилээх буолуу күнүгэр ананна. Сийиэс чэрчитинэн араас быыстапка, хайысхаларынан санаа атастаһыыта буола турар.
Бастакы күн, субуотаҕа, Емельян Ярославскай аатынан Хотугу норуоттар устуоруйаларын уонна култуураларын холбоһуктаах түмэлигэр «Мин төрүччүм» IV өрөспүүбүлүкэтээҕи генеалогическай чинчийии кыттыылаахтарын үлэлэрин быыстапката аһылынна. Сарсыардаттан Комсомольскай болуоссакка төрүччү оҥорооччулар быыстапкалара буолла.
Эбиэт иннинэ СӨ Аҕа баһылыгын иһинэн үлэлиир инновационнай менеджмент Үрдүкү оскуолатыгар 4 былаһаакканан хайдыһан, былаас уонна олохтоох салайыныы уорганнара төрүччүнү оҥорор дьону кытта бииргэ үлэлээһиннэрин, дьиэ кэргэн устуоруйата оҕону сиэр-майгы өттүгэр иитиигэ оруолун, кыраайы үөрэтиигэ генеалогическай чинчийии ньымаларын, теорияны уонна быраактыканы хайдах ситимниэххэ сөбүн ырыттылар.
СӨ Хотугу норуоттарын генеалогияҕа уонна этнологияҕа научнай чинчийэр институтун Уопсастыбаннай сэбиэтин бырабылыанньатын бэрэссэдээтэлэ Афанасий Владимиров суолталаах тэрээһин туһунан санаатын маннык үллэһиннэ:
Сарсын 10 чаастан А.Е. Кулаковскай-Өксөкүлээх Өлөксөй аатынан Норуоттар доҕордоһууларын дьиэтигэр сийиэс пленарнай мунньаҕынан түмүктэниэҕэ.
Сообщить об опечатке
Текст, который будет отправлен нашим редакторам: