Төрүккэ быыбар күн тыыл бэтэрээнигэр көмөлөстүлэр
Өймөкөөн улууһун Социалистическай Үлэ Дьоруойа Герасим Кривошапкин аатынан Төрүт орто оскуолатын үөрэнээччилэрэ быыбар күнүгэр тыыл бэтэрээнигэр кыстык маһын саһааннаатылар.
Нэһилиэк ытык олохтооҕо, 90 саастаах тыыл бэтэрээнэ, 1-кы группалаах инбэлиит Мария Кондакова оҕолорго бэлиэ суолталаах күҥҥэ анаан кэлэн бэлэх оҥорбуттарыгар ис сүрэҕиттэн махтанна. Сарсын тыыл бэтэрээнэ оҥостон, кэлээскэтигэр олорон, быыбардыы бараары бэлэмнэнэр.
Бу көннөрү үөрэнээччилэр буолбатах — оскуола бэйэни салайыныыга уорганын түс дьоно эбит.
Онон ким үөрэх, ким култуура, ким успуорт эйгэтин сүрүннүүр, быһата, оскуола миниистирдэрэ (билигин оскуолаҕа бэйэнии салайыныыга итинник ааттаналлар) — бас-көс дьон саҥа үөрэх дьылын уопсастыбаннай үтүө дьыаланан саҕалаатылар.
Сообщить об опечатке
Текст, который будет отправлен нашим редакторам: