Төрүккэ дьахтар сэбиэтэ кырдьаҕастары үөрдэр

Share

     Өймөкөөн улууһун Төрүт нэһилиэгэр былырыын саҥа састаабынан талыллыбыт дьахталлар сэбиэттэрэ бэрт көхтөөх үлэни ыытар.
Уопсастыбанньыктар хайа күн үлэлэрин саҕалаахтарыттан, нэһилиэк ытык кырдьаҕастарын болҕомтоҕо ылбыттара. Ол курдук, кырдьаҕастарга дьиэлэринэн сылдьан баттахтарын кырыйан, бэлиэ үбүлүөйдэригэр бэлэх туттаран, ытык дьону өрүү үөрдэ сылдьаллар.

Кырдьаҕастар аан дойдутааҕы күннэрин Төрүт бэтэрээннэрэ олус сэргэхтик бэлиэтээтилэр. Ол курдук, быйыл үбүлүөйдээх кырдьаҕастар Ирина Егорова, Акулина Егорова 75 саастарын томточчу туолбуттарынан, Акулина Берёзкина 85 сааһын туолбутунан истиҥ эҕэрдэни кытта дьахтар сэбиэтин аатыттан бэлэх туттулар.

Үтүө дьыала уонна кырдьаҕастар күннэрин чэрчитинэн, дьахтар сэбиэтин чилиэннэрэ «Күһүн үтүө бэлэҕэ» диэн аахсыйа тэрийдилэр. Бу бэйэлэрин Төрүттэригэр үүннэрбит оҕуруоттарын аһын бэлэх ылан, тыыл бэтэрээннэрэ Афанасий Десяткин, Христина Каландарова, Ульяна Слепцова, Мария Кондакова, соҕотох олорор үлэ бэтэрээннэрэ Ульяна Слепцова, Афанасий Гермогенов, Анна Слепцова оҕолуу үөрдүлэр, долгуйдулар. Маны таһынан, үтүө дьыала сылын чэрчитинэн дьахтар сэбиэтэ бу күһүн «Оҕону оскуолаҕа тэрийии» аахсыйатын ыытан, сэттэ оҕолоох Беляевтарга уонна биэс оҕолоох Шеломовтарга оскуола тээбиринин уонна оскуолаҕа кэтэр таҥастары ылан биэрэн, төрөппүттэр сүҥкэн махталларын ылбыттара.

Тэрээһин манан бүппэт. Дьахтар сэбиэтэ «Сибэкки бастыҥ тэлгэһэтэ» уонна «Бастыҥ оҕуруотчут» номинацияларга бастыҥнары ааттаата. Бу күннэргэ дьахтар сэбиэтин чилиэнэ, учуутал Екатерина Кривошапкина уһуйаан бэтэрээнигэр Ирина Егороваҕа тиийэн, баттаҕын кырыйда.  Ити курдук, Төрүт уопсастыбанньыктара биир дойдулаахтарын олохторун киэргэллэр.

What’s your Reaction?
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0

Recent Posts

  • Интэриэһинэй
  • Сонуннар

Саха сирэ – Монголия: Атынан айан

Сунтаар Хаданыттан Роман Попов уонна Геннадий Пустоляков атырдьах ыйын 15 күнүгэр ыҥыыр атынан Монголияҕа диэри…

44 минуты ago
  • Байыаннай эпэрээссийэ
  • Куонкурус
  • Сонуннар
  • Уопсастыба

Байыаннай дьайыы кыттыылаахтарын кирэдьииккэ киирбит иэстэрэ сотуллуон сөп

ТАСС суруйарынан, дойду Аҕа баһылыга Владимир Путин байыаннай дьайыы кыттыылаахтара уонна кэргэттэрэ 10 мөл. солк.…

1 час ago
  • Интервью
  • Сонуннар

Ырыа Мэҥкээр сиэнэ

I I Бишкектээҕи норуоттар икки ардыларынааҕы киинэ бэстибээлигэр  Гран-при ылбыт «Хаар куйаар номохторо» («Легенды вечных…

2 часа ago
  • Сонуннар
  • Сүрүн

Суруйааччы бэйэтин кэмигэр куруутун махтаныахтаах

Быйыл, сэтинньи бүтүүтэ, биһиги Саха сирин суруйааччыларын айар сойуустарын 90 сылын бэлиэтиэхпит. Бу 90 сылтан…

3 часа ago
  • Сонуннар
  • Сүрүн

«Вместе с Айсеном Николаевым» биэрии саҥа таһаарыытын көрүҥ

Бүгүн, сэтинньи 24 күнүгэр,  19:00 чаастан  "Россия 24" телеханаалга  «ВМЕСТЕ с Айсеном Николаевым» биэриини көрүҥ.…

4 часа ago
  • Интервью
  • Сонуннар

«Бугул»: «Олох онно барыбытыгар – биир»

Соторутааҕыта буолан ааспыт фашизмы утарыы пуорумугар байыаннай дьайыыттан 25 бастыҥ байыас инники кирбииттэн кэлэн кыттыбыта.…

5 часов ago