Салгыы
«Төрүт ас» түмсүү Байанай бэлэхтэрин, идэһэ астарын астыыр

«Төрүт ас» түмсүү Байанай бэлэхтэрин, идэһэ астарын астыыр

19.11.2022, 10:48
Бөлөххө киир:

Төрүт дьоммут төлкөлөөх толкуйдарын туллубат тутааҕын биир өрүтэ — аска убаастабыллаах сыһыан, тугу да сыыска-буорга түһэрбэккэ иҥэмтиэлээх, туһалаах аһылыгы астааһын…

Айылҕаны кытта быстыбат алтыһыылаах буолан, айылҕаттан туһаналлара элбэх, этэргэ дылы, оту-маһы да туора бырахпакка туһалааҕын, наадалааҕын кэмигэр-бириэмэтигэр, миэстэтигэр хомуйан, хатаран, буһаран тутталлара. Идэһэттэн ураты булт аһын дьыл-кэм хардыытынан бултаан-алтаан, араас албаһынан балыктаан истэрэ өллөөх, сэниэлээх, эттэрэ-хааннара, өйдөрө-санаалара бөҕөх сылдьаллара.
Ханнык баҕарар норуот, судаарыстыба олоҕо-дьаһаҕа олох хардыытынан, олорор кэмин быһыытынан-майгытынан уларыйар-тэлэрийэр, сайдар-үүнэр. Ким уруккутун умнубат, ааспытын аахайар — ол билиҥҥитэ бигэ, кэлэрэ кэрэ буолара олох суруллубатах сокуона. Төрүт ас үйэлэри уҥуордаан күн бүгүҥҥүгэ диэри бэйэтин суолтатын сүтэрбэтэҕэ тоҕоостооҕун бары да өйдүүбүт.
«Биһиги тас дойдуттан аҕалыллар, айаны, уһун кэми тулуйарга анаан араас химиичэскэй буккаастары, эбиликтэри буккуйан астаммыт астааҕар көлүөнэттэн көлүөнэҕэ бэриллибитинэн эппит-хааммыт, өйбүт-санаабыт билэр төрүт аспыт суолтатын долоҕойго тохтотор, болҕомто уурар кэммит кэллэ диэн сыаналыыбыт», — дэһэллэр «Тускул» Култуура киинин иһинэн дьарыктанар, бэйэлэрин билиилэрин-көрүүлэрин, сатабылларын эдэр ийэлэргэ, оҕолорго тиэрдэр баҕалаах «Төрүт ас» түмсүү далбардара.
Былаан быһыытынан, ый аайы тэрээһиннэр баран иһэллэр. Бу сырыыга сэтинньи ыйа Байанай ыйа, идэһэ кэмэ буоларын быһыытынан, куһу үргээһини, мииннээһини, бэйэ лапсатын оҥорууну, чохочулаах быары, симиини буһарыыны, симии балыгы бэлэмнээһини, үрүҥ балыгы туустааһыны көрдөрдүлэр, үгэстэри, олохторуттан түгэннэри кэпсээтилэр.


Бэйэ лапсатын аныгы үйэ сиэринэн сымыыттаан оҥорууну үлэ бэтэрээнэ, нэһилиэк бочуоттаах олохтооҕо, уопсастыбаннай хамсааһын көхтөөх киһитэ, убаастабыллаах Анна Ионовна Копырина көрдөрдө.
Куһу үргээһини уонна чохочулаах быары оҥорууну, буһарыыны түмсүү салайааччыта, П.Н. уонна Н.Е. Самсоновтар ааттарынан Хатас орто оскуолатын саха тылын уонна литэритиирэтин учуутала, бэтэрэээннэр «Айхал» үҥкүү ансаамбылын үҥкүүһүтэ, элбэх оҕолоох ийэ, эбээ Мокрощупова Александра Михайловна бэрт ылбаҕайдык кимиэхэ баҕарар өйдөнөрдүү, тириэрдэрдии сэһэргээтэ.


Барыга барытыгар дьоҕурдаах, куруутун сырдык, сылаас сыдьаайдаах Татьяна Рожьевна Абрамова симии собону хайдах оҥорору сэһэргээтэ. Эдэр ийэ Ирина Пестерева үрүҥ балыгы туустаата. Тэрээһин түмсүү сыалын-соругун толорон хайаан даҕаны оскуола оҕото, араас көлүөнэ ийэлэр кыттыһыылаах буолар. Онон, бу да сырыыга оскуола Кыыс Куо 9 «г» кылааһын оҕолоро Айыллаана Корякина, Полускина Розита бааллара көлүөнэ ситимин быстыбат ситиитинэн буоллаҕа.
Түмсүү ыытар тэрээһиннэрэ – маастар-кылаастара, анабыл дьарыктара, айылҕаҕа сылдьыылара бу күннэргэ буолуохтаах саха тылыгар уһуйааччыларга анаммыт сийиэһи кытта быһаччы сыһыаннаахтар. Саха тылын иҥэриигэ, саха тылыгар уһуйууга, сахалыы санааҕа киллэриигэ, утумнааһыҥҥа учууталлары кытта нэһилиэнньэ кылаата баар буолуутун биир чаҕылхай туоһутунан «Төрүт ас» түмсүү буолар.
Түмүккэ балыгынан, куһунан хааччыйбыт Мальчекитова Венера Ильиничнаҕа, Петрова Любовь Михайловнаҕа, Харлампьева Татьяна Григорьевнаҕа махталбытын тиэрдэбит.

Наталья РУФОВА, Хатас

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
Бары сонуннар
Салгыы
11 октября
  • 2°C
  • Ощущается: 2°Влажность: 93% Скорость ветра: 1 м/с

Сообщить об опечатке

Текст, который будет отправлен нашим редакторам: