«Төрүт дорҕоон доҕуһуолун тордоон» кинигэ сүрэхтэннэ

«Төрүт дорҕоон доҕуһуолун тордоон» кинигэ сүрэхтэннэ

20.11.2022, 19:00
Бөлөххө киир:

Дьокуускайдааҕы «Арчы Дьиэтэ» духуобунай култуура киинигэр сэтинньи 4 күнүгэр, Аан дойдутааҕы норуоттар сомоҕоһууларын күнүгэр итиэннэ Арассыыйаҕа норуот нэһилиэстибэтин сылын чэрчитинэн, Арассыыйа Суруналыыстарын уонна СӨ Суруйааччыларын сойуустарын чилиэнэ, СӨ култууратын туйгуна уонна норуот маастара, географическай уопсастыба чилиэнэ Николай Николаевич Аржаков-Боло Уус быдан дьыллар мындааларын сэгэтэн, төрүт дорҕооммутун доҕуһуоллуур тэриллэри чинчийэн, үөрэтэн, оҥортоон уонна үрдүк таһымнаах күрэхтэргэ ситиһиилээхтик кыттыбытын арыйан кэпсиир «Төрүт дорҕоон доҕуһуолун тордоон» кинигэтин сүрэхтэниитин бэлиэ тэрээһинэ ыытылынна.

Тэрээһин үөрүүлээх арыллыыта алгыс сиэриттэн-туомуттан саҕаланна. Алгыьы СӨ култууратын туйгуна, алгысчыт Семен Ильич Черноградскай толордо. Салгыы «Уус тойуга» тойугу Бүтүн аан дойдутааҕы, фольклор бэстибээллэрин лауреата, дипломана, «Күн дьоно» фольклор бөлөҕүн тойуксута Антонина Алексеева-Күн Күлүмэ уруйдаан- айхаллаан толордо.
Боло Уус суруйар дьоҕурдаах буолан, саха тылын имигэстик туттар, онон оҥоһуктарын ситэрэн, хас биирдии оҥоһугун уобарастаан ааттаан-суоллаан, кэпсэнэр ис хоһоонноон айымньы курдук дириҥ философиялаан оҥорор.
Бу күн Боло Уус «Уус доҕуһуол эйгэтигэр” оҥорбут үлэлэрин быыстапкатын көрдөрүүтүгэр: саха быһаҕыттан, хомустан, кыл кырыымпаттан саҕалаан, саха боотурун сэбин-сэбиргэлин (оҕун, оноҕосторун, куйаҕын) оҥортоон, дьон болҕомтотун тарта. Ол иһигэр, уустук оҥоһуулаах ох сааны саҥалыы чочуйан, ыччаттарга тэнитэргэ көҕүлээтэ.
Николай Николаевич: “Уустар оҥороллорун көрөн араас ньыманы баһылыырга уһуйулуннум» — диир уонна сөптөөх ньымалары таба тайанан, мындыр өйүнэн, сатабылынан сырыы аайы оҥоһуктарыгар саҥаны киллэрэн, тупсаран иһэр. Ол курдук, саха ох саатын сөргүтүүгэ күүстээх үлэни оҥордо.
Былыр-былыргыттан уус-уус араастаан мындырдаан, ох саалары үксүгэр киил мастан оҥорор эбит. Тоҕо диэтэххэ, сыыр быарыгар иннэри үүнэн, сымалата мустан хатар, дьиппинийэр. Быһа холуйан, ох саалар ортотунан 1, 5 м.-2 м. диэри миэтэрэ уһуннаах буолаллар. Ону киллэһиктээн, салҕааһыннаан, өссө кыаҕырдаллар эбит. Элбэх хос араҥаттан турар уустук оҥоһуулаах буолаллар.


Ох сааны төрүттэрбит бары өттүнэн табыгастаах гына мындырдык толкуйдаан оҥорбуттарын Боло Уус барытын сиһилии үөрэтэн чинчийэн баран бэйэтин көрүүтүн киллэрэн, киил маһы көрдөөн, талан, ону хатаран, биирдии-үстүү хос араҥалаах ох саалары оҥортуур. Дьэ, уустук, мындыр үлэ. Барбах да сыыһа-халты тутуннахха, сыра-сылба халтайга хаалар. Онон уран уус бэркэ кичэйэн, иҥииринэн бөҕөргөтөн биэрэр. Кураахтаах сааларын туоһу силимнээн, киэргэтэн уонна сииктэн харыстыыр гына оҥорор. Төбөлөрүгэр муос диэн ааттаах кураахтаахтар. Олор ох саа тэбиитин күүһүрдэллэр.


Боло 2015 сыллаахха Чурапчыга буолбут Олоҥхо ыһыаҕын бырагырааматыгар саха ох саатынан ырааҕы ытыыны киллэрэргэ этии оҥорбутун киллэрбэтэхтэрэ. Онтон 2016 сыллаахха бэйэтэ ылсан, маҥнайгы ох сааларын оҥортообута уонна нэһилиэк ыһыахтарыгар Хаҥалас улууһун Нөмүгүтүгэр уонна Нам улууһун Партизаныгар ытан көрдөттөөбүтэ. Ити сыл Дьааҥыга буолбут Олоҥхо ыһыаҕар этэн көрбүтүн ылымматахтара. 2017 сыллаахха Ил Түмэн спикерэ Александр Николаевич Жирков тэрийэн, саха ох саатыгар Ил Түмэҥҥэ «төгүрүк остуолу» тэрийбитэ. Ол кэнниттэн хамсааһын баран 2017 сыллаахха Бүлүүгэ ыытыллыбыт Олоҥхо ыһыаҕар Боло Уус ырааҕы ытыыга 1 миэстэни ылбыта. Онтон ыла Олоҥхо ыһыахтарыгар саха ох саатынан ырааҕы ытыы Алдаҥҥа, Намҥа, Өлүөхүмэҕэ, Үөһээ Бүлүүгэ ыытыллыбыттара. Олорго кыттан бириистээх миэстэлэри ылаттаабыта.
Боло Уус маны таһынан доҕуһуолга өссө атын үлэлэрдээх. Хомус айыллыытын устуоруйатын ох сааттан саҕалаан көрдөрбүтэ кэрэхсэбиллээх.


Ол курдук, кыл хомуһу, кырыымпаны, туос айааны, туой чускууйардары, дүҥүрдэри, хомус арааһын этигэн тыллаан-өстөөн, дьүрүһүйэр тыыннаан, оһуордаан-мандардаан, киэргэтэн-симээн, көрбүт эрэ хараҕын араарбат дьикти оҥоһуктары кырыылаан-чочуйан таһаартаата.
Ойуун кыаһаанын уонна дүҥүрүн оҥортообут. Үрэн оонньонор тэриллэри саха айааныттан саҕалаан славяннар свиреллэрин, башкирдар курайдарын, индеецтэр пимактарын уонна сахалар былыргы төрүттэрбит скиф көмүүлэриттэн көстүбүт киһи аймах бастаан оҥорбут арфаларын сөргүтэн оҥортообут.
Кырыымпа диэн ааттаах билигин туттуллар үнүстүрүмүөнү «төрүт аатын тилиннэрэн кыл хомус диэххэ” диэн этэр. Кинигэтигэр хомус, кыл хомус туохтан турарын сахалыы ааттаан көрдөрбүт.
Боло Уус 2016 сылтан  «Арчы Дьиэтэ» духуобунай култуура киинин иһинэн үлэлиир “Күн Дьоно” фольклор бөлөҕөр (салайааччы,  норуот ырыаларын, тойуктарын, оһуокайын тарҕатааччы, инпровизатор, уһуйааччы Павлова Евдокия Ивановна – Кылыһах Далбар) сылдьар, хомуска да оонньуур уонна хабарҕа ырыатын толорор.
Маҥнайгы уустук нүөмэри Боло Уус Туймаада ыһыаҕар икки хомуһу хардары-таары тутан оонньоон көрдөрбүтэ. 2017 сыллаахха Польша Закопане куоратыгар 49-с төгүлүн ыытыллыбыт Норуоттар икки ардынааҕы улахан фольклор бэстибээлигэр «Квартет в одном лице» нүөмэри толорон үнүстүрүмүөннэргэ оонньооһуҥҥа Европа виртуоз- муусукааннарын кыайан 1 миэстэни ылбыта. Бу иннинэ Арассыыйаттан ким даҕаны бу бэстибээлгэ бириистээх даҕаны миэстэҕэ тиксэ илигэ. Николай Николаевич быйыл Санкт-Петебурга сыл аайы ыытыллар норуоттар икки ардыларынааҕы фольклор бэстибээлигэр куйаар ситиминэн кыттан, онно “Секстет в одном лице” уустук композицияны толкуйдаан бэлэмнээн, ситиһиилээхтик кыттан, 5 төгүл бастакы лауреат аатын уонна Кылаан Чыпчаалы ылла.
Бу дьоро түһүлгэтигэр Боло Уус биэс киһи оонньуур үнүстүрүмүөнүгэр соҕотох толорон, ытырар хомуһу сэргэ, кыл хомуһунан, атаҕынан охсор дүҥүрүнэн, тарбахха кэтиллэр кылырдыырынан доҕуһуоллаан уонна куолай ырыатынан ситэриллэн, «Секстет в одном” дьүһүйүүтүн бар дьонугар толордо.
Итиэннэ “Кыыс Кыскыйдаан” ырыаны хомуһунан дьүһүйүүгэ саҥа эриэккэс толорууну көрдөрдө. Манна үс араас хомуһу тутунна. Ол курдук: ытыран оонньонор, намыһах тыастаах уонна өссө онтон намыһах тыастаах хомустары, дүҥүр, хабарҕа ырыатын толордо.


Тэрээһини Бүтүн Аан дойдутааҕы, фольклор бэстибээллэрин лауреата, дипломана «Күн дьоно» фольклор бөлөҕө, Кыталы Куо, Петр Кычкин-Сайылык Уола ырыалара, тойуктара киэргэттилэр. Итиэннэ, «Төрүр дорҕоон доҕуһуолун тордоон» кинигэ туһунан санаа атастаһыыта, истиҥ кэпсэтиилэр, ырытыылар буоллулар.
Дьоро киэһэ, өрүү буоларыныы, дьиэрэтиилээх түһүлгэнэн, ойуулаах оһуокайынан түмүктэннэ.
Төрүт дорҕоон биһиги, сахалар, мэҥэ бэлиэбит, киэн туттар кэрэһиппит, килбиэннээх кэрэбит.
Киһи айылҕа оҕото, ол тулхадыйбат ситим чиҥ буолара хас биирдиибититтэн тутулуктаах, төрүт дорҕоон симэлийбэтин, үйэлэргэ баар буоллун!

Любовь КОСТАНТИНОВА-КЫТАЛЫ КУО, СӨ култууратын туйгуна

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
Бары сонуннар
Салгыы
4 октября
  • 3°C
  • Ощущается: -1°Влажность: 87% Скорость ветра: 4 м/с

Сообщить об опечатке

Текст, который будет отправлен нашим редакторам: