Быйыл Дьиэ кэргэн уонна Оҕо саас сылларыгар анаммыт араас ис хоһоонноох тэрээһиннэр тиһигин быспакка ыытыллаллар.
Өймөкөөн улууһун Төрүт нэһилиэгин Социалистическай Үлэ Дьоруойа Герасим Кривошапкин аатынан орто оскуолата иккис сылын муус аннынан балыктааһыҥҥа дьиэ кэргэттэр күрэстэрин ыытар.
— Оскуолабыт аатырбыт сылгыһыт Герасим Кривошапкин аатын сүгэр буолан, бастакы тэрээһиммит былырыын кини үбүлүөйдээх 115 сылыгар анаммыта. Былырыын аҕыс хамаанда кыттыбыт буоллаҕына, быйыл 13 хамаанда кыттыыны ылла. Сүрүн сорукпут — дьиэ кэргэттэри түмэн, оҕолорбутун айылҕаҕа, үгэс буолбут үлэҕэ сыһыарыы, — диэн оскуола дириэктэрэ Гаврил Павлуцкай анаан бэлиэтээн эттэ.
Кэрэхсэбиллээҕэ баар, сиэнин Мишаны олох кыра эрдэҕиттэн муус аннынан балыктааһыҥҥа уһуйбут уопуттаах балыксыт Виталий Атласовтан саҕалаан, быйыл муус аннынан балыктааһыҥҥа саҥа кыттар Уус Ньара оскуолатыттан дьонун кытта кэлсибит Саша Егоровка тиийэ көхтөөхтүк кытыннылар. 1‑кы бочуоттаах миэстэни 4‑с кылаас үөрэнээччитэ Байдам Беляев дьиэ кэргэнэ, иккиһи — 9‑с кылаас үөрэнээччитэ Михаил Атласов дьиэ кэргэнэ, 3‑с миэстэни 11‑с кылаас үөрэнээччитэ Динара Шестопалова дьиэ кэргэнэ ыллылар.
Төрүттэн төрүттээх Уус Ньараттан Егоровтар уонна Дьокуускайтан Саввиновтар уоппускаларыгар анаан муус аннынан балыктыы кэлбиттэр. Кинилэр эмиэ хамаанда туруоран, кыттыыны ыллылар. Өймөкөөҥҥө сылаас күн-дьыл туран, Индигиир Эбэ “Кэрэчээнэ” диэн олохтоохтор таптаан ааттыыр сирдэрэ оҕолуун, ийэлиин-аҕалыын, эбээлиин-эһээлиин — киһи толору. Бу — Төрүт нэһилиэгин олохтоохторо оҕолорун бэрт кыраларыттан муус аннынан балыктааһыҥҥа үөрэтиилэрин түмүгэ. Аны манна бу бэртээхэй күөн күрэһи эбэн кэбис!
Ахсынньы 4 күнүгэр Саха сиригэр саамай улахан хочуолунайы үлэҕэ киллэрдилэр. Хомунаалынай эбийиэк Дьокуускайга «Звезднай» уонна «Ильинка» түөлбэлэри хааччыйыаҕа.…
Ахсынньы 4 күнүгэр Дьокуускайга Ленскэй бассейновай уокурук Сэбиэтин мунньаҕа буолан ааста. Хас да эрэгийиэн бэрэстэбиитэллэрэ,…
Ахсынньы 4 күнүгэр Ил Түмэҥҥэ "Саха киинэтин сайдыыта" диэн "төгүрүк остуол" буолла. Манна саха киинэтин…
Ньурба оройуонун Маалыкай уонна Хатыы сэлиэнньэлэригэр “Саха сүөһүтэ” генофонднай хааһына тэрилтэтэ сылгы баазаларын…
Биллэрин курдук, Саха сирин сайдыытыгар улахан үлэни ыыппыт “Мин Сахам сирэ 21-с үйэҕэ” өрөспүүбүлүкэтээҕи үтүө…
Ахсынньы 4 күнүгэр Саха сирин Ил Дархана Айсен Николаев судаарыстыбаннай уонна муниципальнай сулууспалаахтар идэлэрин баһылааһыҥҥа…