Бу күннэргэ Өймөкөөн улууһун нэһилиэктэригэр ситэриилээх былаас отчуота буола турар.
Улуус баһылыга Иннокентий Сивцев Аартыкка, Төрүккэ, Үчүгэйгэ, Өймөкөөҥҥө быйыл ахсынньыга Өймөкөөн улууһун кураторынан анаммыт Айылҕа харыстабылын уонна экология миниистирин э.т. Евгений Перфильевы билиһиннэрдэ.
Нэһилиэктэри кытта билсиһии Төрүттэн саҕаланна. Отчуокка 40 киһи сырытта. Бу нэһилиэккэ кэлиҥҥи сылларга саамай элбэх киһи кыттыбыт суолталаах тэрээһинигэр төрүттэр анаан оҥостон кэлэн, нэһилиэк сайдыытыгар туһуламмыт мунньахха санааларын хото эттилэр. Ол курдук, былырыын Магадаан уобалаһыттан атыыласпыт отторун хаачыстыбата мөлтөҕүн бэлиэтээтилэр. Олохтоохтор анал хамыыһыйа тэрийэн, аактаан туһааннаах тэрилтэҕэ ыыппыттар да, күн бүгүнүгэр диэри туох да биллибэт эбит. Тиэйтэрэн аҕалтарбыт отторун туттубатах буолан, харчытын төннөрөөрү гыналлар. Маны таһынан, «нэһилиэк иһигэр уонна таһыгар турар ЛЭП остуолбаларын тирээбиллэрэ (опора) эргэрэн, сууллан буолан, кутталы үөскэппиттэрэ өр буолла. Аҕыйах сыллааҕыттан үөһэттэн субуруйан турар боробулуоха линията олохтоохторго, дьиэ сүөһүлэригэр кутталы үөскэтэр буолбут. Оскуола аттыгар турар остуолба тирээбилин лиинийэтиттэн уокка оҕустаран, ыанар ынах өлбүтэ. «Теплоэнегосервис» АУо улуустааҕы филиалын салалтатыгар туруорсаммыт, исписэлиистэр хаста да кэлэн көрбүттэрэ эрээри, дьаһал билигин да ылылла илик. Ол иһин ситэриилээх былаас отчуотугар туруорсабыт», — диэн нэһилиэк бэрэстэбиитэллээх уорганын дьокутаата Октябрина Столярчик санаатын тиэртэ. Араас таһымнаах мунньахтарга таарыллар суолу тутуу, сылы эргиччи үлэлиир гына статуһу туруорсуу бырабыыталыстыба отчуотугар эмиэ турда. Маны таһынан, билигин үлэлии турар эргэ кулууп дьиэтин оннугар культурнай-спортивнай комплексы тутуу тула кэпсэтии буолла.
Отчуокка кыттыыны ыла сылдьар «Теплоэнегосервис» АУо улуустааҕы филиалын саҥа анаммыт салайааччылара олохтоохтор туруорсар боппуруостарын сиһилии ырытаары, быһаарыы ылынаары отчуот кэнниттэн хаалан, балаһыанньаны билсэ хааллылар. Хаачыстыбата суох отторун суут эрэ нөҥүө быһаарсар кыахтаахтарын сүбэлээтилэр.
Култуурунай-спортивнай киин тутуута, бастатан туран, бырайыктыыр-сметалыыр документацияны оҥордоххо эрэ, салгыы кэпсэтии барар кыахтаах эбит. Нэһилиэк оскуолата эргэрэн, кыараан, оҕо саадын кытта холбоһон, биир тэрилтэ буолан, саҥа дьиэни тутар уолдьаспытын Бырабыыталыстыба бэрэссэдээтэлин солбуйааччы Сергей Местников бэйэтинэн көрөн билистэ. Онон оскуола салалтата бырайыктыыр-сметалыыр докумуону оҥоруу үлэтин саҕалыаҕа. Олохтоох оскуола дириэктэрэ Гаврил Павлуцкай агрооскуола хайысхатын, үлэтин ис хоһоонун ыйыталаста. СӨ Үөрэҕирии, наука эйгэтигэр тус сыаллаах каадырдары бэлэмнээһин дэпэртээмэнин салайааччытын солбуйааччы Александр Кочмар орто оскуола салалтата сайдыы суолун тобулууга ылсыан баҕарарын биһирээн туран, үөрэх тэрилтэтин бу салаатын сиһилии билиһиннэрэн, быһааран, сүбэлээн биэрдэ.
Ити курдук, ситэриилээх былаас отчуотун Төрүт нэһилиэгин олохтоохторо бэркэ сэргээтилэр, үгүс туруорсуулара боротокуолга киирбититтэн санаалара көнньүөрдэ.
Сэтинньи 19-23 күннэригэр Москваҕа П.И.Чайковскай аатынан консерваторияҕа эдэр пианистарга норуоттар икки ардыларынааҕы II куонкурус үрдүк…
Соторутааҕыта «Айар Кут сойуус» уонна Нам улууһун «Отуу уота» суруйааччыларын, хоһоонньуттарын түмсүүлэрин чилиэнэ, үлэ бэтэрээнэ…
Былыр-былыргыттан сахалар оҕо төрөөн киһи-хара буолуор диэри оҕолорун олохторун ырыҥалыыллара. Саастарын ситтилэр даҕаны ыал оҥортуурга…
Сунтаар Хаданыттан Роман Попов уонна Геннадий Пустоляков атырдьах ыйын 15 күнүгэр ыҥыыр атынан Монголияҕа диэри…
ТАСС суруйарынан, дойду Аҕа баһылыга Владимир Путин байыаннай дьайыы кыттыылаахтара уонна кэргэттэрэ 10 мөл. солк.…
I I Бишкектээҕи норуоттар икки ардыларынааҕы киинэ бэстибээлигэр Гран-при ылбыт «Хаар куйаар номохторо» («Легенды вечных…