Төрүт оскуолатын эдэр кэрэспэдьиэннэрэ кэрэхсэбиллээх матырыйааллары бэлэмнииллэр

Share

Кэлиҥҥи кэмҥэ уһуйаантан саҕалаан оскуола оҕолоро төрөөбүт тылларын билбэт буолбуттара дьиксиннэрэрэ баар суол.

Ол да иһин буолуо, саха тылын сүтэрбэт инниттэн араас ньыманы тобула сатыыбыт. Кэрэхсэбиллээҕэ баар, маныаха учууталлар суолта биэрэн, араас хайысхалаах үлэни ыыталлар.

Ол курдук, Өймөкөөн улууһун  Г.А.Кривошапкин аатынан Төрүт орто оскуолатын дириэктэрэ Гаврил Павлуцкай көҕүлээһининэн, иккис сылын үөрэнээччилэри сахалыы саҥардар соруктаах видео-сонуннары бэлэмнээн оҥорор буоллулар. Хас биирдии кылаас салайааччыта кылааһын оҕолорун кытта нэдиэлэ аайы ыытыллар тэрээһиннэри, оскуола сонуннарын видеоҕа уһулан, таҥан, бэлэмнээн таһаараллар. Бары үлэни оҕолор бэйэлэрэ оҥороллор: ким устар, ким матырыйаалы кыччатар-таҥар, муусуканан киэргэтэр, ким сонуннары кэпсиир. Хомойуох иһин, оҕолор, ханна буоларын курдук, нууччалыы эттэххэ, «акценнаахтык» саҥараллар. Онон Төрүт оскуолатын учууталлара бүгүҥҥү күн ирдэбилин кэмигэр өйдөөн, оҕолор сахалыы саҥарар, толкуйдуур, суруйар дьоҕурдарын сайыннараллара хайҕаллаах суол.

Төрүт дьоно-сэргэтэ улууска тылга дьоҕурдаахтарынан биллэллэр. Саха лирик-бэйиэтэ Пантелеймон Тулааһынап Тарын нэһилиэгиттэн (60-с сылларга көмүс хостоору  Төрүккэ көһөрбүттэрэ)  төрүттээх. Учуутал, суруналыыс Петр Атласов-Элгиинискэй, саха суруйааччыта Афанасий Гермогенов-ГАС, кыраайы үөрэтээччи суруналыыс, улуустааҕы сахалыы тыллаах «Хотугу сардаҥа» хаһыаты саҥалыы сөргүтэн төрүттээбит Сергей Егоров-Кэрэспэдьиэн Сэргэй, оройуоннааҕы холбоһуктаах «Северная заря» уонна Хотугу сардаҥа» хаһыаттар кылаабынай эрэдээктэрдэрэ Анна Галузо, мин, «Саха сирэ» хаһыат суруналыыһа, — бары төрүттэрбит. Манна эбэн кэбиһиэх, Тарынтан-Төрүттэн тардыылаах «Саха» НКИХ генеральнай дириэктэрин, Ил Түмэн дьокутаатын, СӨ суруналыыстарын сойууһун салайааччыта Олег Марковы, эмиэ бу хампаанньа суруналыыстара Радомир Томскайы, Лия Мохначевскаяны, Сүргэн Саввиновы. Онон, бу билигин сонуннары уста, оҥоро сылдьар оҕолортон саҥа көлүөнэ суруналыыстар үүнэн таҕыстахтарына, айар куттаах дьон кэккэбит хаҥыан сөп.

Анна Галузо уонна мин суруналыыс быһыытынан Төрүт оскуолатын «Кыраҕы харах» эдэр кэрэспэдьиэннэр постарыттан (юнкоровский пост) куорсун анньынан тахсыбыппыт. Учууталбыт Лидия Герасимова оччолорго нууччалыы тыллаах «Северная заря»  оройуон соҕотох хаһыатыгар кылгас сонуннары суруйбуппутун ыытара. Кулууппут «Зоркий глаз» диэн аатынан тылбаастанара.  Быйыл оскуолабыт 95 сыллаах үбүлүөйүнэн сибээстээн, оскуола салалтатын кытта сүбэлэһэн баран, «Кыраҕы харах» эдэр кэрэспэдьиэннэр постарын үлэтин сөргүтэргэ сананныбыт. Онон мин уоппускам кэмигэр үөрэммит оскуолам үөрэнээччилэрин кытта тэрээһиннэринэн сылдьан, видео-матырыйаал оҥорорго, интервью ыларга маастар-кылаас ыыттым. Үөрүөм иннигэр, эдэр кэрэспэдьиэннэр үөрэтиибин олус түргэнник ылыналлар. Түргэннэрэ-тарҕаннара диибин диэн. Күнүс үлэлээбит үлэлэрин киэһэ бэйэлэрэ таҥа охсон, миэхэ көрдөрө ыыталлар. Онон эдэр кэрэспэдьиэннэрбин кытта бэркэ тапсан үлэлээтим. Холобурга, 11-с кылаас үөрэнээччитэ Алеша Павлуцкай Төрүт нэһилиэгин баһылыгын солбуйааччы Алексей Кондаковы кытта соторутааҕыта буолан ааспыт улуустааҕы социальнай бырайыактар тустарынан маннык кэпсэттэ:

Оттон 9-с кылаас үөрэнээччитэ Петя Петров нэһилиэккэ буолан ааспыт Дьиэ кэргэн уонна Оҕо сылын үөрүүлээхтик арыйыыттан оҥорбут репортааһа маннык буолла:

Видео-биэрии матырыйаалын уһулла, таҥна уонна муусукатын киэргэтэн оҥордо Ярик Десяткин. Тэрээһин матырыйаалларын уһулла Данил Кривошапкин. 9-с кылаастар эппиэттээх «дьуһуурунай» нэдиэлэлэрэ буолан, уолаттарыгар кылаас салайааччыта Екатерина Кривошапкина көмөлөстө.

Оскуолаҕа ыытыллыбыт «Доҕордоһуу күнэ» тэрээһиҥҥэ учуутал Людмила Кривошапкина салайар 8-с кылааһа, саха тылын дэкээдэтин чэрчитинэн ыытыллыбыт Лабыҥкыр Луотун туһунан испэктээккэ 7-с кылаас салайааччыта Мария Николаева оҕолорун кытта тэҥҥэ сылдьан, маастар-кылааспар көхтөөх кыттыыны ыллылар.

Дьэ, ити курдук, Г.А. Кривошапкин аатынан Төрүт орто оскуолатын эдэр кэрэспэдьиэннэрэ төрөөбүт төрүт тылларынан сахалыы сайа саҥаран, араас сонуннары оҥорон, үөрэхтэрин быыһыгар бэрт кэскиллээх дьыаланан дьарыктаналлар.

Быйылы быһа аны күһүн бэлиэтэниэхтээх тапталлаах оскуолаларын 95 сыллаах үбүлүөйүгэр, Дьиэ кэргэн уонна Оҕо саас сылларыгар үгүс матырыйааллары бэлэмниир былааннаахтар. Сэбиэскэй кэмҥэ Төрүт оскуолатын дорҕоонноохтук ааттаппыт «Кыраҕы харах» эдэр кэрэспэдьиэннэр постара сөргүтүллэн, бу күннэргэ оҕолор матырыйаалларын улуус хаһыаттарыгар уонна өрөспүүбүлүкэтээҕи «Саха сирэ»  хаһыат саайтыгар ыытыахтара.

«Кыраҕы харах» пост эдэр кэрэспэдьиэннэригэр  айар үлэлэригэр ситиһиини баҕарабыт!

What’s your Reaction?
+1
1
+1
0
+1
0
+1
0
+1
1
+1
0
+1
0

Recent Posts

  • Сонуннар
  • Уопсастыба

Аллараа Бэстээх сыанатын киин куораты кытта тэҥнээтэххэ…

Бу күннэргэ Саҥа дьыл сүпсүлгэнэ саҕаланаары турар буолан, ас ырыынактарыгар испииһэк тутуурдаах дьон үксээбит. Өрүс…

9 часов ago
  • Байыаннай эпэрээссийэ
  • Сонуннар

“Дьоруойдар кэмнэрэ” бырагыраамаҕа сайаапкалары ылыы иккис түһүмэҕэ саҕаланна

“Дьоруойдар кэмнэрэ” бырагыраамаҕа кыттар сайаапкалары почтанан ылыы саҕаланна. Бу -- бырагыраама иккис түһүмэҕэ. Сайаапкалары билигин…

9 часов ago
  • Сонуннар
  • Уопсастыба

Дьоруой Федор Поповка пааматынньык туруоҕа

LETO куорат эйгэтин тупсаҕай оҥоруу киинэ Сэбиэскэй Сойуус Дьоруойа Федор Попов пааматынньыгын эскииһин оҥорууга күрэс…

10 часов ago
  • Сонуннар

Төрөөбүт, биһикпин ыйаабыт сирим — сүрэхпэр

Бу сыл ахсынньы 11 күнүгэр Былатыан Ойуунускай аатынан судаарыстыбаннас түмэлигэр киэн туттар биир дойдулаахпыт, комсомольскай,…

10 часов ago
  • Сонуннар

Соҕуруу дойду спортсменнара хаары уонна мууһу сонурҕуу көрдүлэр

Филиппиныттан уонна Таилантан ахсынньы 14 күнүгэр ыытыллар «Вызов Севера» күрэхтэһиигэ кыттар боксердар бүгүн Дьокуускайга  саамай…

11 часов ago
  • Сонуннар

«Забота» электроннай сервиһинэн 3474 киһи туһанна

Саха сиригэр анал байыаннай дьайыы кыттыылаахтарыгар уонна кинилэр дьиэ кэргэттэригэр анаан "Е-Якутия" порталга «Забота» электроннай…

11 часов ago