Төрүт Сокуоҥҥа уларытыылары киллэриигэ аһаҕас кэпсэтии буолла
Ил Түмэҥҥэ бүгүн, сэтинньи 8 күнүгэр, судаарыстыбаннай тутулга уонна олохтоох бэйэни салайыныыга сис кэмитиэт киэҥ ыҥырыылаах мунньаҕар Төрүт Сокуоҥҥа уларыйыылары кэпсэттилэр.
Мунньахха норуот дьокутааттара 414 №-дээх «Российскай Федерация субъектарыгар публичнай былааһы тэрийии уопсай принциптэрин туһунан» федеральнай сокуоҥҥа олоҕуран «Саха Өрөспүүбүлүкэтин Конституциятыгар (Төрүт Сокуонугар) уларытыылары уонна эбиилэри киллэрэр туһунан» диэн Конституционнай сокуонун барылын дьүүллэстилэр.
Иһитиннэриини вице-премьер Ольга Балабкина оҥордо. Кини бу Конституционнай сокуон барылын Ил Дархан Айсен Николаев конституционнай көҕүлээһинин быһыытынан киллэрбитин иһитиннэрдэ.
Санатан эттэххэ, сэтинньи 7 күнүгэр Саха Өрөспүүбүлүкэтин Ил Дархана Айсен Николаев өрөспүүбүлүкэ Конституционнай хамыыһыйатын мунньаҕын ыыппыта. Онно «СӨ төрүт сокуонугар уларытыылары уонна эбиилэри киллэрии туһунан» СӨ Конституционнай сокуонун бырайыага биһирэммитэ.
Ольга Балабкина бэлиэтээбитинэн, конституционнай сокуон, бастатан туран, барыла судаарыстыбаннай былаас уорганнарын тиһигин оннунан хаалларарга, Саха Өрөспүүбүлүкэтин сиригэр-уотугар олорор гражданнар бырааптарын уонна көҥүллэрин харыстыырга туһуланар.
Конституционнай сокуон барылынан Саха Өрөспүүбүлүкэтин Судаарыстыбаннай Мунньаҕын (Ил Түмэн) нолуогу уонна хомуурдары хомуйууга (тохтоторго), нолуок (төлөбүр) ыстаапкаларын, төлүүр болдьохторун уонна бэрээдэктэрин олохтуурга, нолуокка чэпчэтиилэрин киллэриигэ уонна ону туһаныы төрүөтүн уонна бэрээдэгин бигэргэтиигэ боломуочуйата чопчуланар.
Маны таһынан, сокуон барыла Ил Түмэн боломуочуйаларыттан СӨ судаарыстыбаннай былааһын ситэриилээх органнарын тиһигин олохтууру, Ил Дарханы ууратыы бэрээдэгин олохтууру уонна ууратарга куоластааһыны тэрийэри таһаарар. Бу «Российскай Федерация субъектарыгар публичнай былааһы тэрийии уопсай принциптэрин туһунан» федеральнай сокуоҥҥа сөп түбэһиннэрии бэрэдээгинэн олохтонуохтаах.
Ольга Балабкина эппитинэн, субъект салайааччытын дойду Бэрэсидьиэнэ болдьоҕун иннинэ ууратар бырааптаах. Оттон парламент Төрүт Сокуоҥҥа олоҕуран, федеральнай сокуоҥҥа ыйыллыбыт төрүөтүнэн Ил Дархаҥҥа итэҕэйбэт буолуу процедуратын (выражение недоверия) саҕалыан сөп.
Сорох уларыйар нуормалар техническэй тосхоллоохтор, сокуоннар көрүллэр болдьохторун кытта сибээстээхтэр.
Ил Түмэн бэрэссэдээтэлэ Алексей Еремеев конституционнай сокуон барылын бэлэмнээһиҥҥэ улахан үлэ барбытын бэлиэтээтэ. Ол курдук киэҥ дьүүллэһиигэ партиялар, уопсастыбанньыктар, Уопсастыбаннай палата бэрэстэбиитэллэрэ, Ил Түмэн урукку ыҥырыылаах мунньахтарын дьокутааттара кыттыыны ылаллар.
“Сокуон барылын көрөр мунньахтар кыттыылааҕа буоларым быһыытынан, билиҥҥи кэмҥэ сөптөөх формулировкалары булбуппутун тоһоҕолоон этэбин. Конституция – быраап эрэ докумуона буолбатах, бэлиитикэ уонна быраап тосхоллоох. Ону умнуо суохтаахпыт», — диэтэ кини.
Алексей Еремеев Ил Дархан конституционнай көҕүлээһинин дьокутааттар биир киһи курдук пленарнай мунньахха өйүөхтэрэ диэн эрэнэрин биллэрдэ.
Сис кэмитиэт бэрэссэдээтэлэ Владимир Прокопьев комментарийын көрүҥ.
Ил Түмэн Пресс-сулууспатын релиһиттэн.
Петр Павлов хаартыскалара.
Сообщить об опечатке
Текст, который будет отправлен нашим редакторам: