Төрүт тылынан тахсар сонуну тарҕатар ситим сарсыҥҥыта – бүгүҥҥү күнтэн тутулуктаах (ВИДЕО)

Share

“Сыыппара кэмигэр национальнай уонна этническэй сонуну киэҥник тарҕатар ситимнэри, бэчээти уларытыы” диэн эрэгийиэннэр икки ардыларынааҕы “төгүрүк остуол” буолан ааста. Тэрээһиҥҥэ Саха сирэ, Татарстан, Москва сонуну киэҥник тарҕатар ситимнэрин үлэһиттэрэ, бэрэстэбиитэллэрэ кытыннылар.

Хаартыска: Денис Попов.
Хаартыска: Денис Попов.

“Төгүрүк остуолга” барыта уонтан тахса киһи тыл эттэ.  СӨ Инновациятын, цифровой сайдыытын уонна  инфокоммуникационнай технологияларын министиэристибэтин сонуну киэҥник тарҕатар ситим эйгэтигэр судаарыстыбаннай бэлиитикэ салаатын салайааччыта Афанасий Матвеев иһитиннэрбитинэн, өрөспүүбүлүкэҕэ информационнай уопсастыбаны сайыннарыы судаарыстыбаннай бырагырааматынан 1,5 млрд. солк. тахса үп көрүллэр, итинтэн улахан аҥаара төрөөбүт тыллаах таһаарыыларга ананар эбит. Бу, бастатан туран, “Саха” НКИХ, “Сахабэчээт” тэрилтэ буолалларын ыйар. “Биһиги бырагыраамабыт, сахалыы тылынан тахсар этническэй сонуну киэҥник тарҕатар ситимнэри өйөөһүҥҥэ туһаайыллар. Нууччалыы тыллаах сонун элбэх. Сонуну киэҥник тарҕатар ситимнэри өйөөн, төрөөбүт тылбытын, култуурабытын чөл хаалларабыт. Мантан да атын судаарыстыбаннай бырагыраамаларга эмиэ киирсэбит.

Бары бырайыактар төрөөбүт тылынан тахсар бырайыактарга туһаайыллаллар”, — диэн эттэ. Урукку үгэстэри хаалларан туран, аныгы сиэринэн сыыппараҕа көһүүгэ туруммуттарын, кэлиҥҥи үс сылга күүстээх үлэ барбытын ыйар.

“Сахамедиа” АУо генеральнай дириэктэрэ Виктор Колесов национальнай сонуну киэҥник тарҕатар ситим бүгүҥҥүтэ уопсай      систиэмэни кытта тэҥҥэ хардыылыырга талаһар турукка сылдьарын ыйар. “Национальнай тылынан сонуну киэҥник тарҕатар ситим билиҥҥитэ тэтимин ыла илик. Бары бииргэ түмсэрбит, санаа атастаһарбыт туһалаах. Биһиги бэйэ-бэйэбитин уоскутуо суохтаахпыт. Төрүт тыллар билигин кутталлаах турукка сылдьаллар. Эдэр көлүөнэ үксэ нууччалыы кэпсэтэр. Ити тыа сириттэн куоракка көһүү уонна аҕа көлүнэни кытта ситим быстыытыттан төрүттээх. Урут ийэ тылы дьиэ кэргэн иҥэрэр эбит буоллаҕына, билигин сонуну киэҥник тарҕатар ситимнэр үөрэтиэхтээхтэр: тэлэбиидэнньэ, электроннай ситимнэр, бэчээт. Ол эрээри, аныгы ыччат бэчээти аахпат диэххэ сөп, биирдиилээн эрэ өйдөөх оҕолор ааҕаллар. Ол иһин сыыппара хонуутун күүскэ сайыннарыахтаахпыт.

Оҕо контена саамай суолталаах уонна туһалаах хайысха. Өскөтүн биһиги күн бүгүн Саха сирэ бэйэтэ киинэлээх диэн киэн туттар эбит буоллахпытына, бүгүн оҕо сахалыы ойуулуктарын оҥорботохпутуна, сыыппара эйгэтигэр атын аралдьытар хайысхалары сайыннарбатахпытына, бу киинэлэрбит, национальнай бэчээт аны 20 сылынан кимиэхэ да туһата суох буолуохтара”, — диэн кини бэлиэтиир.

Былырыын Татарстаантан дэлэгээссийэ кэлэн үлэлээн, ыһыахха сылдьан барбытын өйдүүр буолуохтааххыт. “Татмедиа” АУо генеральнай дириэктэрэ Шамиль Садыков этэринэн, ол сырыы кэнниттэн Татарстааҥҥа сыл устата Саха сирин сотору-сотору ахталларын, холобур оҥостоллорун бэлиэтээтэ. Ордук култуура, сонуну киэҥник тарҕатар ситим, тыл эйгэтигэр, үгэстэргэ сыһыаннаах тэрээһиннэр ыытылыннахтарына өрүү Саха сирин туһунан кэпсэнэрин этэр.

“Национальнай тылы сайыннарыы эйгэттэн тутулуктаах. Аҥардас информационнай бородууксуйаны таһааран тылы чөл хаалларар кыаллыбат. Өскөтүн биһиги оҕолорбут, сиэннэрбит бэйэлэрин тылларынан саҥарыахтарын, туһаныахтарын баҕарар буоллахпытына, кинилэри батыһан социальнай ситимнэри туһаныахтаахпыт, саҥа медиалары тэрийиэхтээхпит, кинилэр сэҥээрэр араас контеннарын оҥоруохтаахпыт”, — диэн Шамиль Мухаметтович этэр.

What’s your Reaction?
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0

Recent Posts

  • Сонуннар
  • Уопсастыба

Айылҕа туһунан билиигин тургутан көр

Сэтинньи 25 күнүттэн ахсынньы 8 күнүгэр диэри Бүтүн Арассыыйатааҕы айылҕа харыстабылын дьыктаана буолар диэн СӨ…

9 минут ago
  • Сонуннар
  • Уопсастыба

Аттаах айанньыттар Саха сиригэр төннөн иһэллэр

Атынан Монголияҕа тиийбит айанньыттар Роман Попов, Геннадий Пустоляков Саха сиригэр айаннаан иһэллэр. Кинилэр аттарын таһаҕас…

24 минуты ago
  • Интэриэһинэй
  • Сонуннар

Бэйэ оҥорон таһаарыы: сылытар олбох

Кэлиҥҥи сылларга "Саха сиригэр оҥоһулунна" диэн хамсааһыҥҥа кыттан, үгүс урбаанньыт бэйэ оҥорон таһаарыытын салаатыгар араас…

39 минут ago
  • Култуура
  • Сонуннар

Гаврил Спиридонов: «Сүрдээҕин үөрдүм, долгуйдум»

Олоҥхо күнүгэр Ил Дархан истипиэндьийэлэрин олоҥхоһуттарга, оһуохайдьыттарга, уустарга, норуот маастардарыгар туттарыы сиэрэ-туома буолла. Истипиэндьийэни ылбыттар…

54 минуты ago
  • Сонуннар
  • Уопсастыба

Саха сиригэр сэттэ сымыйа харчы баара биллибит

Саха сиригэр 2024 сылга тоҕус ый иһигэр баан систиэмэтэ сэттэ сымыйа харчы баарын билбит. Бу…

1 час ago
  • Сонуннар
  • Уопсастыба

13-с хамнаһы ким ылыай?

Үлэ сокуонун эспиэрэ Анна Иванова 13-с хамнаһы ким ылар бырааптааҕын туһунан кэпсээтэ диэн СИА «Прайм»…

2 часа ago