«Төрүт үгэстэрбитигэр тирэҕирэн…»

Share

СӨ култууратын уонна духуобунай сайдыытын миниистирэ Афанасий Ноевы кытары Төрөөбүт төрүт тылбыт күнүн иннинэ көрүстүбүт. Ол да иһин, кэпсэтиибит сахабыт тылын туһунан толкуйтан саҕаланна. Ол мээнэҕэ буолбатах эбит.

Тоҕо диэтэххэ, Афанасий Иванович кэбиниэтигэр киирбит киһи аан бастаан биир эркиҥҥэ саха литэрэтиирэтин төрүттээччилэртэн биир­дэстэрэ, бөлүһүөк, сырда­тааччы Алексей Кулаковскай-Өксөкүлээх Өлөксөй уонна Саха сирин бастакы бэрэсидьиэнэ Михаил Ефимович Николаев мэтириэттэрэ кэккэлэһэ ыйаммыттарын көрө түһэр. “Норуоттарын ортотугар сылдьыбыт, үлэлээбит, мындыр өйдөрүн кэнэҕэски ыччакка тириэрдибит бу чулуу дьоммут үөрэхтэрэ биһиги бигэ тирэхпитинэн буолар. Онон, салайааччылар кэбиниэттэригэр бу улуу дьоммут мэтириэттэрэ эмиэ баар буолуохтаах дии саныыбын”, – диэн Афанасий Иванович киэн тутта этэр.

Тылбыт – норуот барҕа баайа

– 2022 сыллаахха өрөспүү­бүлүкэбитигэр саха тылын учууталларын, онтон 2023 сыллаахха аҕыйах ахсааннаах төрүт норуоттар тылларын си­­йиэстэрэ буолбуттара. Бу си­­йиэстэргэ Саха сиригэр олорор олохтоох омуктар тылларын сайыннарар уонна олохпут тэтимнээхтик сайдарынан сибээстээн, тылбытын-өспүтүн саҥа тиэрминнэринэн байытар сорук турбута. Төрөөбүт төрүт тылбытын үчүгэйдик билэр эрэ буоллахпытына, атын тыллары кэбэҕэстик баһылыахпыт.

Биһиги тылбытыгар-өспүтүгэр олоҕуран, духуобунаспыт сайдар. Онон, бастатан туран, төрөөбүт тылбытын билиэхтээхпит, тылбытын илдьэ сылдьар буоллахпытына, үрдүк култууралаах, духуобунастаах буолуох­пут. Холобур, киһи бэ­­йэтин төрөөбүт тылынан саҥарар, саха суруйаач­чыларын элбэхтик ааҕар буоллаҕына, кини эмиэ айыан-тутуон, сахалыы хомоҕой хоһоо­ну суру­йуон сөп эбээт. Онон, мин санаа­бар, киһи бары өттүнэн сайдар кыаҕа тылбытыттан улахан тутулуктаах. Киһи тылын билэр буол­лаҕына, хаһан да өлөн-охтон биэриэ суоҕа. Билигин биһиги олох сыаннастарыгар саҥаны айабыт (креативнайбыт) дэһэбит, Саха сиригэр креативнай индустрия сайдар. Ол креативноспыт киһи тылыгар, өйүгэр-санаатыгар, култууратыгар сытар. Бэйэбит төрүт тылбытын – норуот баа­йын илдьэ сылдьар буоламмыт уонна төрөөбүт айылҕабыт баайа бэрт буолан, саҥаттан саҥаны айабыт-тутабыт. Чуолаан, хайдах маннык хатыламмат кэрэ айылҕа­лаах дойдуга олорор киһи уобарастаан этиэ, хоһуйуо суоҕай? Олоҥхоһуттарбытын да ылан көрүөҕүҥ. Маҥнайгы олоҥхоһуттарбыт бары Суруйааччылар сойуустарын чилиэннэрэ этилэр. Тоҕо диэтэххэ, кинилэр ыллаан-туойан, олоҥхолоон бүтүн айымньыны истээччигэ, ааҕааччыга тириэр­дэллэр. Кинилэр олоҥхолоругар, тылларыгар-өстөрүгэр уонна фольклорга олоҕуран, саха литэрэтиирэтэ сайдыбыта. Онон, мин санаабар, олоҥхоһуттары айааччылар быһыытынан Суруйааччылар сойуус­тарыгар ылыахха наада.

Саха сирэ саамай ааҕар эрэгийиэн буоларынан уонна култуура элбэх тэрилтэлээҕинэн уратылаах. Өрөспүүбүлүкэ олохтоохторо култуура тэрил­тэлэрэ ыытар тэрээһиннэригэр сылдьыыларынан РФ эрэги­йиэннэрин ортолоругар бастакы миэстэҕэ тахсыбыта.

Өрөспүүбүлүкэҕэ үгэс буолбут култуурабытыгар харыс­табыллаах сыһыан баар. Олоҥхоһуттары, оһуокайдьыттары, уустары уонна норуот маастардарын судаарыстыба өйүүрүн туһугар, Ил Дархан бириэмийэлэрэ олохтоммуттара. Ону сэргэ ыам ыйын 25 күнүгэр Оһуокай күнэ бэлиэтэнэр буолла. Айсен Николаев сыл аайы туттарыллар бириэмийэлэри олохтоо­бутун саха норуотун төрүт култууратын харыстаан илдьэ сылдьар, кэлэр кэнчээри ыччакка тарҕатар дьоҥҥо ытыктабыл уонна билинии бэлиэтэ дии саныыбын. Уопсайынан, төрүт култуурабытын, тылбытын-өспүтүн, үгэстэрбитин ыһыктыбакка сылдьан, сайдыы саҥа технологияларын тэҥинэн киллэрэн, сайдыы саҕахтарын арыйыахпыт. Владимир Путин “Биһиги Арассыыйа норуоттарын сыаннастарыгар олоҕуран сайдыахтаахпыт” диэн этиитэ тахсан кэлэр.

Арассыыйа улахан түмэл­лэрин кытары холбоһук­таах үлэ түмүгэр Саха сиригэр СӨ Национальнай түмэлигэр «Иван Шишкин. Живопись уонна графика» быыстапкаҕа 14,5 тыһыынча киһи сырытта. Эрмитаж күннэрэ Саха сиригэр киэҥ бырагырааманы хабан аан бастакытын ыытылыннылар. Кырдьыга да, киһи эрэ барыта Москваҕа, атын да куораттарга тиийэн уһулуччу үчүгэй хартыыналары илэ хараҕынан көрөр-истэр кыаҕа суох. Быйыл романтизм ис­­тииллээх нуучча улуу худуоһунньуга Иван Айвазовскай хартыыналарын Нуучча түмэлиттэн аҕалан “ыалдьыттатыы” былааннанар.

Быйыл саас Саха сирин күннэрэ Казахстан Өрөс­пүүбүлүкэтигэр тэрил­лиэхтэрэ. “Улахан гостуруоллар” федеральнай бырайыак чэрчитинэн, Үүнэр көлүөнэ ты­­йаатыра Калмыкия Элиста куоратыгар, Куукула тыйаатыра Удмуртияҕа Ижевскэй куоракка, Мииринэйдээҕи тыйаатыр Кемерово куоракка ыытыллыахтара. Өрөспүүбүлүкэ ты­­йаатырдара 22 улууска кэн­сиэртэринэн, испэктээктэринэн ыалдьыттыахтара.

“Култуура” национальнай бырайыак өйөбүлүнэн

– Мин бэйэм тыа сириттэн төрүттээхпин. Ону сэргэ тыа сирин дьонун-сэргэтин кытары чугастык алтыһан, салайар үлэҕэ эдэрбиттэн сылдьыбыт буоламмын, тыа сирин олоҕун-дьаһаҕын билэбин.

Сэбиэскэй кэмҥэ, соп­­хуостар кыахтаах эрдэхтэринэ, элбэх кулууп, успуорт саалалара тигинэччи үлэлээн олорбуттара. Чугаһынан эттэхпинэ, 1980-90 сылларга Покровскайга “Саргы түһүлгэтэ” дьиэни дыбарыаска тэҥнээн көрөрбүт. Ити кэмнэрдээҕи тутуулар эргэрэн, материальнай-тиэхиньиичэскэй баазалара мөлтөөн барбыттара. Онон аныгы кэмҥэ эппиэттиир саҥа эбийиэктэри тутуу наадата тирээн кэлбитэ. Кэм-кэрдии биир сиргэ турбат, сайдыы саҕахтара арыллан испиттэрэ.

Кэнники сылларга РФ бэрэсидьиэнэ көҕүлээбит “Култуура” национальнай бырайыагынан уонна СӨ Ил Дархана, бырабыыталыс­тыбата өйөөннөр, тыа сиригэр куораттыы тииптээх саҥа дыбарыастар дьэндэйбиттэрин көрөн, киһи эрэ сүргэтэ көтөҕүллэр. “Култуура” национальнай бырайыак чэрчитинэн тыа сиригэр Култуура кииннэрэ, кулууптар аһыллаллар, материальнай-тиэхиньиичэс­кэй баазалара тупсарыллаллар.

Тыа сиригэр норуодунай тыйаатырдарбыт, култуура тэрилтэлэрэ олус элбэх үлэни ыыталлар. Ил Дархан “Үлэ киһитэ” бириэмийэтин лауреаттарынан биир идэлээхтэрбит: Уус Маайа улууһун Култуура уонна но­­руот айымньыта сайдыытын киинин мастарыскыайын сэбиэдиссэйэ Прасковья Неустроева уонна Ньурбатааҕы Оҕо ускуус­тубатын оскуолатын преподавателэ Алиса Егорова буол­буттарынан киэн туттабыт.

Тыа сиригэр киинэ саалалара

– Саха киинэтин устарга улахан өйөбүл оҥоһуллар. Кэнники 4 сылга 29 бырайыагы өйөөн, 95 мөлүйүөн сол­­куобай көрүлүннэ. Сорох кии­нэлэр хайыы үйэ тыйаатырдарга көрдөрүллэн, көрөөччү биһирэбилин ыллылар, сороҕо уһулла сылдьар. Өссө биир үтүө ха­­йысханан “Экстра Синема” диэн өрөспүүбүлүкэтээҕи хампаанньа (салайааччы Петр Чиряев) 17 киинэ саалатын арыйда. Киинэ саалалара бары Саха сирин улуустарыгар аһылыннылар, киинэлэри көрдөрөр саҥа систиэмэ оҥоһулунна. Былырыыҥҥы түмүгүнэн, биһиги киинэлэрбит 100 мөлүйүөн солкуобайы киллэрдилэр, хаһан да маннык буолбатаҕа. Арассыыйа министиэристибэтэ өйөөн, “Сахафильм” хампаанньа Алма-Атаҕа Саха киинэтин күннэрин ыытан,
2 тыһыынчаттан тахса киһи саха киинэтин көрдө, сэргээтэ.

“Улахан гостуруоллар” бырагырааманан эрэгийиэн­нээҕи тыйаатырдар бэйэ-бэ­­йэлэригэр сылдьан, үлэлэрин билиһиннэрдилэр. Быйыл олоҥхобутун уонна операбытын Казахстаҥҥа көрдөрүөхтээхпит.

– Култуура уонна духуобунас министиэристибэтэ 70 сылын бэлиэтээтэ. Бу сыллар тухары министиэристибэ үлэтэ-хамнаһа дьиҥ чахчы көдьүүстээх буоларыгар уонна сайдарыгар култуура хас биирдии үлэһитэ кылаатын киллэрдэ. Бу сыллар тухары култуура эйгэтигэр үлэлээн кэлбит биир идэлээхтэрбэр элбэх өрүттээх үлэҕит, идэҕитигэр бэриниигит иһин махтанабын.

What’s your Reaction?
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0

Recent Posts

  • Култуура
  • Сонуннар

“Хомуур олоҥхо” толорооччуларын истэ толору киһи кэллэ

Былырыын 2023 сыллаахха Былатыан Ойуунускай төрөөбүтэ 130 сылынан Чөркөөххө “Хомуур олоҥхо” түһүлгэ тэриллибитэ. Бырайыак ааптарынан…

7 минут ago
  • Сонуннар
  • Уопсастыба

Саха сирэ ойууру чөлүгэр түһэриигэ бастыҥ буолла

«Рослесхоз» официальнай саайтыгар ойуур култуураларын олордуутун сезонун түмүгэ таҕыста. Саха сирэ дойду бары эрэгийиэннэрин ортотугар…

21 минута ago
  • Сонуннар
  • Уопсастыба

Хаҥалас Мохсоҕоллооҕор оскуола эбии дьиэтэ тутуллар

Хаҥалас Мохсоҕоллооҕор 450 миэстэлээх оскуола эбии дьиэтэ салгыы тутуллар. СӨ вице-премьера Дмитрий Садовников улэ хаамытын…

36 минут ago
  • Сонуннар
  • Уопсастыба

Ахсынньы 14-15 күннэригэр сылаас өрөбүл күннэр күүтэллэр

Саха сирин үгүс оройуоннарынан салгын температурата  нуорматтан ортотунан 3-тэн 10 кыраадыска тиийэ үрдүк буолара сабаҕаланар.…

44 минуты ago
  • Сонуннар
  • Уопсастыба

Госдуума ахсынньы 31 күнүн үлэлээбэт бырааһынньык күнүнэн оҥорортон аккаастанна

Бу иннинэ ЛДПР РФ Үлэ кодексыгар уларытыылары киллэрэри туруорсубута. Оччотугар ахсынньы 31 күнэ үлэлээбэт бырааһынньык…

51 минута ago
  • Култуура
  • Сонуннар

“Дэриэбинэчээн” норуодунай аата көмүскэннэ!

Ахсынньы 11 күнүгэр Кэбээйи улууһун Мукучутааҕы "Дэриэбинэчээн" норуот тыйаатыра Кэбээйи нэһилиэгэр норуодунай аатын көмүскүү икки…

1 час ago