“Төрүт ситим” олоҥхо күрэһин кыайыылаахтара билиннилэр

“Төрүт ситим” олоҥхо күрэһин кыайыылаахтара билиннилэр

05.12.2023, 17:59
Бөлөххө киир:

Cаха Өрөспүүбүлүкэтигэр Олоҥхо декадатын чэрчитинэн,  V төгүл ыытыллар өрөспүүбүлүкэтээҕи “Төрүт ситим” дьиэ кэргэнинэн олоҥхону олоҕурбут ньыманан толоруу  күрэһэ ахсынньы 4 күнүгэр  Алгыстаах Арчы Дьиэтигэр ыытылынна.

Күрэскэ барыта 9 дьиэ кэргэн күөн көрүстэ.  Ол курдук, Үөһээ Бүлүүттэн, Бүлүүттэн, Чурапчыттан,  Тааттаттан, Мэҥэ Хаҥаластан, Уус Алдантан уонна Дьокуускай куораттан кытыннылар.

Дьүүллүүр сүбэҕэ үлэлээтилэр:

— «Арчы Дьиэтэ» духуобунай култуура киинин бастакы дириэктэрэ, СӨ култууратын үтүөлээх үлэһитэ Надежда Семеновна Толбонова;

-СӨ  култууратын үтүөлээх үлэһитэ,  Материальнайа суох  култуурунай нэһилиэстибэ киинин сүрүннүүр исписэлииһэ   Зоя Григорьевна Сысолятина;

СӨ култууратын туйгуна, СӨ култууратын үтүөлээх үлэһитэ,  А.Д.  Макарова аатынан  Дьокуускайдааҕы Култуура уонна ускуустуба кэллиэһин   сүрүннүүр исписэлииһэ Мария Гаврильевна Боппоенова;

Күрэс түмүгүнэн кыайыылаахтары быһаарылыннылар:

Кылаан бириис —  Лукиннар дьиэ кэргэн (Таатта улууһун, Уус Таатта нэһилиэгэ).

Анал ааттар:

“Түөлбэ олоҥхотун үһүйэн үйэтитээччилэр” —  Верховцевтар дьиэ кэргэн (Мэҥэ Хаҥалас улууһун  Дьаҥхаада нэһилиэгэ);

“Сэргэх сэһэн сэргэстэспит, чуор куолас кыттыспыт олоҥхоһуттара” — Павловтар дьиэ кэргэн (Чурапчы улууһун Чурапчы нэһилиэгэ);

“Кылыгырас кэрэ куоластаах олоҥхоһуттар” — Харайдановтар дьиэ кэргэн  (Таатта улууһун Дьохсоҕон нэһилиэгэ);

“Айан аартыктаах, арылы кустуктаах олоҥхоһуттар” —  Захаровтар дьиэ кэргэн  (Чурапчы улууһун Хатылы нэһилиэгэ);

“Бөтөрөҥ дьоруонан дьоруолата айаннатар олоҥхоһуттар”  — Платоновтар дьиэ кэргэн (Дьокуускай к.);

“Төрүт ситими ууһатар удьуор олоҥхоһуттар” — Белолюбскайдар дьиэ кэргэн (Уус Алдан улууһун Баатаҕай нэһилиэгэ);

“Ураты тойуктаах, сонун кэпсээннээх олоҥхоһуттар”  —  Ефремовтар  дьиэ  кэргэн (Үөһээ Бүлүү улууһа);

“Кэрээбэт кэпсэллээх, өрөөбөт тойуктаах олоҥхоһуттар” — Григорьевтар дьиэ кэргэн  (Бүлүү улууһа).

Күндү кыттааччыларбытыгар  чэгиэн доруобуйаны баҕарабыт, ситиһии сиэттистин, табыллыы аргыстастын! Уруйдаах олоҥхобут   үйэлэртэн үйэлэргэ, үйэ саас тухары үүнэн сайдан истин!

Любовь КОНСТАНТИНОВА-КЫТАЛЫ КУО

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
Бары сонуннар
Салгыы
12 декабря
  • -43°C
  • Ощущается: -43°Влажность: 66% Скорость ветра: 1 м/с

Сообщить об опечатке

Текст, который будет отправлен нашим редакторам: