Төрүттэр киэн туттар дьоннорун үйэтитэллэр

Share

 Быйыл ахсынньы 7 күнүгэр Өймөкөөн улууһун Тарыҥ үрэх — Төрүт нэһилиэгиттэн төрүттээх Арассыыйа үтүөлээх геолога, Үлэ Кыһыл Знамята уордьан кавалера, геологияҕа 40-тан тахса сыл үлэлээбит Арассыыйа чинчийээччилэриттэн биирдэстэрэ Бустенгин Атласов 90 сылын туолар.

Бу суолталаах даатанан сибээстээн, Өймөкөөн улууһун Бочуоттаах олохтооҕо, кыраайы үөрэтээччи Тамара Васильева геолог Бустенгин Атласов суруктарыгар олоҕуран, дириҥ ис хоһоонноох кинигэни бэлэмнээн таһааран эрэр.

Бу күннэргэ Төрүт нэһилиэгин уопсастыбаннаһа кыраайы үөрэтээччи суруналыыс Сергей Егоров-Кэрэспэдьиэн Сэргэй аатынан бибилэтиэкэҕэ нэһилиэктэрин дорҕоонноохтук ааттаппыт дьоннорун үйэтитэн, кинилэр тустарынан матырыйааллары хомуйан, кинигэ таһааран, истиэндэлэри оҥорон, үүнэр көлүөнэҕэ тиэрдэр соруктаах “Төрүт киэн туттар дьоно – нэһилиэк киэн туттуута” диэн дириҥ ис хоһоонноох «төгүрүк остуолу» тэрийэн ыыттылар. Маныаха араас көрүҥнээх үлэни номнуо тэрийэ сылдьар дьон бэйэлэрин санааларын эттилэр.

Ол курдук, “Чэчир” оҕо саадын сэбиэдиссэйэ, улуус мунньаҕын дьокутаата Уруйдаана Егорова Төрүт нэһилиэгин 5 оҕоттон үөһээ элбэх оҕолоох 30-тан тахса ийэ туһунан Аал Луук Мас моһуонугар хаартыскаларын, төһө оҕолоохторун, туох наҕараадалаахтарын түмэн оҥоро сылдьарын иһитиннэрбитин, мустубут дьон олус үөрэ, долгуйа ылыннылар. Барыта силигин ситтэҕинэ Уруйдаана Васильевна сэтинньигэ Арассыыйа ийэлэрин күнүгэр Төрүт элбэх оҕолоох ийэлэрин Аал Луук Маһын биир дойдулаахтарыгар билиһиннэрэр биһирэмин тэрийэр былааннаах. Маны таһынан, улуус дьокутаата Төрүт олоххо көхтөөх дьахталларын туһунан кинигэ  таһаарар былааннааҕын кэпсээбитэ эмиэ биһириннэ.

“Төгүрүк остуол” кыттыылаахтара бүгүҥҥү күҥҥэ Ийэ дойдуга бэриниилээх буолууга, ыччакка патриотизмы иитии төрүт түөлбэттэн саҕаланарын бэлиэтээн туран, тыа хаһаайыстыбатыгар, бырамыысыланнаска, үөрэхтээһиҥҥэ, доруобуйа харыстабылыгар, култуураҕа, успуорка уо.д.а. салааларга бэйэлэрин кылааттарын киллэрбит уонна киллэрэ сылдьар, төрөөбүт Төрүттэрин аатын өрөспүүбүлүкэҕэ дорҕоонноохтук ааттата сылдьар дьоннорун туһунан үүнэр көлүөнэҕэ бэйэтин биир дойдулаахтарын туһунан билэ-көрө улаатарыгар анаан истиэндэ оҥорон, кулуупка ыйыырга сүбэлэстилэр. Бибилэтиэкэр Нина Чачуа нэһилиэк  биллэр-көстөр дьонун туһунан анал испииһэги оҥорбута ол истиэндэҕэ олугунан буолара саарбаҕа суох.

Быйыл от ыйыгар кыраайы үөрэтээччи, учуутал, суруналыыс, Төрүт нэһилиэгиттэн төрүттээх Петр Атласов-Элгиинискэй 90 үбүлүөйдээх сылын туолбут. Онон төрүттэр Өймөкөөн улууһа сайдыытыгар улахан оруоллаах дьоннору – геолог Бустенгин Атласовка уонна учуутал, суруналыыс Петр Атласовка-Элгиинискэйгэ анаммыт тэрээһиннэри ыытан, үйэтитэллэригэр улуус олохтоохторугар ыҥырыы ыыталларын биллэрдилэр.

Бу маннык “төгүрүк остуоллары”, оҕолорго кылаас чаастары ыытан, төрөөбүт Өймөкөөннөрө сайдыытыгар улахан кылааттаах дьоннорун үйэтитэн, төрүттэр ыччаттарын төрөөбүт түөлбэлэрин дьонун ытыктыырга, дойдуларын усутуоруйатын билэ улааталларыгар иитэр соруктаахтар.

What’s your Reaction?
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0

Recent Posts

  • Сонуннар

Госдуума элбэх оҕолоох ыалларга юрист өҥөтө босхо буолуохтааҕын биһирээтэ

Госдуума элбэх оҕолоох ыалларга юридическай көмө босхо буолуохтааҕын туһунан сокуон бырайыагын бастакы ааҕыыга ылынна. Көмөнү үс…

3 часа ago
  • Сонуннар
  • Уопсастыба

Пушкин института 2024 сыл тылын быһаарда

А.С.Пушкин аатынан Нуучча тылын судаарыстыбаннай института 2024 сыл тылынан "Пушкин" диэн тылы ааттаата. Бу туһунан…

4 часа ago
  • Байыаннай эпэрээссийэ

Екатерина Снежко: «Билиҥҥи кэмҥэ барыбыт кыһалҕабыт биир»

Бүгүн «Дьиэҕэ төннүү» сэминээргэ анал байыаннай дьайыы кыттыылаахтарын уонна кинилэр дьиэ кэргэттэрин чилиэннэрин кытта сөптөөх…

5 часов ago
  • Сонуннар

«Орешник» ракета туһунан туох биллэрий?

РФ Бэрэсидьиэнэ Владимир Путин норуокка туһаайан этиитигэр бастакытын "Орешник" диэн саҥа комплекс туһунан иһитиннэрдэ. Кини…

5 часов ago
  • Сонуннар

Биэс модельнай бибилэтиэкэ баар буолла

2024 сылга "Култуура" национальнай бырайыагынан 5 муниципальнай модельнай бибилэтиэкэлэри киллэрдилэр. Бу иннинэ 35 маннык бибилэтиэкэни…

5 часов ago
  • Култуура
  • Сонуннар

Саха Бианкита, Бурхаат, Чуваш суруйааччыта уонна 90 сыллаах айар сойуус

Cахалыы тыллаах саамай кырдьаҕас "Чолбон" сурунаал сэтинньитээҕи нүөмэригэр кэрэхсээҥ: Саха сирин суруйааччыларын сойууһун 90 сылын…

5 часов ago