«Тэтим» араадьыйа «Алиса» колонкаҕа үлэлээтэ
«Саха» национальнай көрдөрөр-иһитиннэрэр хампаанньа «Тэтим — Саха араадьыйата» аныгы сайдыылаах олох хардыытынан бары сыыппара былаһааккаларыгар үлэлиэҕэ, ол иһигэр «Алиса» уонна «Маруся» өйдөөх колонкаларга.
Бу туһунан араадьыйа дириэктэрэ Николай Бястинов иһитиннэрдэ.
«Сэтинньи ортотугар биһиги «Саха» НКИХ генеральнай продюсера Ньургун Торговкины кытта норуоттар икки ардыларынааҕы «Радио в глобальной медиаконкуренции» кэмпириэнсийэҕэ кыттыбыппыт. Онно сылдьан «Индустриальный Радиоплеер» диэн национальнай араадьыйанан иһитиннэрээччилэр ассоциациятын генеральнай дириэктэрин Юрий Анисимовтыын билсибиппит. Кэпсэтии түмүгүнэн биһиги араадьыйабыт бары сыыппара былаһааккаларыгар, ону тэҥэ «Алиса» уонна «Маруся» өйдөөх колонкаларга баар буолуоҕа.
Ол курдук, бэҕэһээ «Тэтим» араадьыйабыт «Алиса» Яндекс ыстаансыйаҕа баар буолла. Биһигини холбоон истиэххэ сөп», — диэн Николай Бястинов эттэ.
Ону тэҥэ кини «Саха» НКИХ генеральнай дириэктэригэр Олег Марковка уонна хампаанньа бырагырааматын сулууспатыгар махтанна.
«Биһиги бырагыраамабыт сулууспатын салайааччытыгар Ньургун Дьяконовка түргэн тэтимнээх үлэтин иһин махталбын биллэрэбин. Кинилэр бэрт суһаллык сайаапканы ыыта охсубуттара уонна Ассоциацияны кытта дуогабар түһэрсибиттэрэ. Ону кытта генеральнай дириэктэрбитигэр Олег Марковка араадьыйабыт сайдарын туһугар туох баар өттүттэн өйөбүлүн иһин махтанабыт», — диэн араадьыйа дириэктэрэ бэлиэтээтэ диэн «Саха» НКИХ телеграм-ханаал иһитиннэрэр.
Сообщить об опечатке
Текст, который будет отправлен нашим редакторам: