«Тэтим» саха араадьыйатын көһө сылдьар устуудьуйата бүгүн Чурапчы улууһун сырдаттта

Share

Сыл аайы «Саха» НКИХ «Тэтим» араадьыйата уонна тэлэбиидэнньэтэ сандал сааһы көрсө көһө сылдьар устуудьайалары улуустарынан сылдьан үлэлэтэр.

Ол үгэһинэн бүгүн «Тэтим» саха араадьыйата Чурапчы  улууһугар үлэлээтэ. Анал бырайыак кыттааччыта, араадьыйа суруналыыһа Ньургуйаана Ботуева бүгүҥҥү үлэ хаамыытын маннык билиһиннэрдэ:

Бүгүн Чурапчы улууһун олоҕун-дьаһаҕын, дьонун-сэргэтин түбүгүн, үлэтин-хамнаһын араас хайысхаларынан сырдата сылдьабыт.

Сарсыардааҥҥы быһа эпиирдэргэ улуус салайааччылара ханнык бырагыраамаларынан үлэлииллэрин, кэскиллээх былааннарын билиһиннэрбиттэрэ. Ол курдук, быйыл улууска Дьиэ кэргэн сылынан “Ыал саргыта”, Чурапчы сэлиэнньэтигэр “Чөл олох” сыллара биллэриллибиттэр.  Онно сыһыаннаах үгүс дириҥ ис хоһоонноох үлэ ыытыллар эбит.

Тыа хаһаайыстыбатын үлэтин-хамнаһын, инники кэскилин туһунан устуудьуйаҕа улуус баһылыгын тыа хаһаайыстыбатыгар солбуйааччы, тыа хаһаайыстыбатын управлениетын салайааччыта Анжелика Неустроева уонна «Чурапчы» ТХПК бэрэссэдээтэлин солбуйааччы Иван Пермяков бэйэ оҥорон таһаарар бородууксуйатын туһунан кэпсээтилэр, кэскиллээх былааннарын билиһиннэрдилэр.

Култуура түһүмэҕэр Чурапчытааҕы Олоҥхо киинин үлэтин Дмитрий Попов сырдатта. «Куруубай Хааннаах Кулун Куллустуур» олоҥхо туруоруутугар хайдах бэлэмнэнэ сылдьалларын туһунан «Айылгы» норуот айымньытын дьиэтин уус-уран салайааччыта Иван Бушков, Олоҥхо киинин исписэлииһэ Валерий Герасимов кэпсээтилэр.

Күнүскү биэриилэргэ Чурапчытааҕы “Алаас ахтылҕана” түмсүү туһунан Дьокуускай куоракка олорор биир дойдулаахтар «Чурапчы түмсүү»  салайааччыта, Ил Түмэн дьокутаата Дмитрий Поисеев, Дьокуускай куоракка Чурапчы улууһуттан төрүттээх устудьуоннар «Хатыҥ Чараҥ» түмсүүлэрин лиидэрэ Алина Егорова кыттыыны ыллылар. Маны таһынан, Чурапчыга улуустааҕы үөрэх управлениетын салайар Юрий Посельскай, «Радость» оҕо дьоҕурун сайыннарар киин салайааччыта Ирина Сергеева Чурапчы улууһугар үөрэхтээһин эйгэтин туһунан билиһиннэрдилэр.

“Саха” НКИХ үлэтин былааныгар бу курдук олус сэргэх, сонун сүүрээни олоххо киллэрбитэ олус кэрэхсэбиллээх. Маннык биэриилэр хас биирдиибитин өрөспүүбүлүкэбит улуустарын кытта ыкса сибээстииллэр, үгүһү билэбит-көрөбүт.

What’s your Reaction?
+1
3
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0

Recent Posts

  • Сонуннар
  • Уопсастыба

Атамайга уһуйаан үбүлүөйүн үөрүүлээх тэрээһинэ

Горнай улууһугар Атамайга "Радуга" уһуйаан тэриллибитэ 65 сылын бэлиэтиир тэрээһин өрө көтөҕүллүүлээхтик буолла. Бу күн…

34 минуты ago
  • Сонуннар
  • Сүбэһит
  • Уопсастыба

Кырачаан ханнык өҥү ордороруй?

Оҕо уруһуйугар болҕомтоҕутун ууруҥ диэн психологтар сүбэлииллэр.  Баһыйар өҥүнэн оҕо уйулҕатын туругун быһаарыахха сөп диэн…

55 минут ago
  • Интэриэһинэй
  • Итэҕэл
  • Сонуннар

Харчыга сыһыаннаах бит-билгэ

Былыр-былыргыттан дьон харчыга сыһыаннаах бити-билгэни итэҕэйэр, туһанар. Ол ханныктарый? Остуолга кураанах иһиттэр, вазалар, бытыылкалар туруо…

2 часа ago
  • Сонуннар
  • Уопсастыба

«Саюри» сайдар, кэҥиир

Дьокуускайга сылы эргиччи оҕуруот аһын, күөх үүнээйини үүннэриинэн дьарыктанар "Саюри" тэпилииссэ комплексыгар газовай электрстанция (ГПУ)…

2 часа ago
  • Сонуннар
  • Сүбэһит

СҮБЭҺИТ: Сылгы эмиһин хайдах быһаарабытый?

Сахаҕа сылгы сүдү суолталаах, ону кытта сылгы идэһэ биир мааны аһылыгынан биллэр. 1980–1990‑с сылларга тэҥнээтэххэ,…

2 часа ago
  • Сонуннар
  • Уопсастыба

Усуйаана улууһугар икки киһи сүппүт

Бүгүн, сэтинньи 23 күнүгэр, Усуйаанатааҕы ЕДДС Уйаандьы сэлиэнньэтин баһылыгын солбуйааччытыттан  иһитиннэрии киирбит. Кини 1999 уонна…

2 часа ago