Салгыы
Тэтиммитин ыһыктыбаппыт

Тэтиммитин ыһыктыбаппыт

Ааптар:
10.08.2023, 15:31
Хаартыска: Юрий Трутнев телеграм-ханаалыттан.
Бөлөххө киир:

 РФ Бырабыыталыстыбатын бэрэссэдээтэлин солбуйааччы – Уһук Илиҥҥи Федеральнай уокурукка РФ бэрэсидьиэнин боломуочуйалаах бэрэстэбиитэлэ  Юрий Трутнев Донецкай Норуодунай Өрөспүүбүлүкэҕэ  үлэтинэн сырыытын кэмигэр социальнай инфраструктураны чөлүгэр түһэрии хаамыытын кытта билсистэ. Вице-премьер Саха сирэ чөлүгэр түһэрэр Кировскай куоракка итиэннэ Бурятияҕа уонна Забайкальскай кыраайга сыһыарыллыбыт Старобешевскай оройуоҥҥа сырытта.

 “Уһук Илин эрэгийиэннэрэ Донецкай Норуодунай Өрөспүүбүлүкэ аҕыс босхоломмут сирин-уотун чөлүгэр түһэриигэ  эппиэттээхтэр. Мин онно тиһигин быспакка сылдьабын, үлэ хайдах барарын билсэбин. Биһиги  2022 сыллаахха бэйэбитигэр ылыммыт эбийиэктэрбитин  болдьохторугар  уонна хаачыстыбалаахтык туппуппутун бэлиэтиэххэ наада. Бу үтүө үгэспитин 2023  сылга  да салгыахпыт. Дьоннор эппиэтинэстэрин өйдүүллэр, кинилэр суолу биитэр водопроводу өрөмүөннүүр эрэ буолбатахтар, Арассыыйа састаабыгар киирбит эрэгийиэннэргэ Арассыыйа аатыттан эппиэтинэһи сүгэллэр. РФ бэрэсидьиэнэ Владимир Путин туруорбут соруктара барыта толоруллуохтаах”,—  диэн Юрий Трутнев бэлиэтээн эттэ.

Хаартыска: Юрий Трутнев телеграм-ханаалыттан.

2023 сылга ДНӨ дьаһалтатын кытта сөбүлэсиһиллибит өрөмүөннүүр-чөлүгэр түһэрэр  үлэлэр былааннарынан, Саха сирин үбүлээһинин суотугар 28 эбийиэк өрөмүөннэниэхтээх. Итинтэн хайыы үйэҕэ  алта уулуссаҕа тас сырдатыы линияларын тутуу үлэлэрэ түмүктэннилэр, куорат балыыһатын куорпустарын үрүттэрин сабыы,  Шахтерскай уулуссанан кыбартаал иһинээҕи киирии суол өрөмүөннэрэ бүтэрилиннилэр. Нэһилиэнньэҕэ  судаарыстыбаннай уонна муниципальнай өҥөлөрү оҥорор элбэх хайысхалаах киин тутулунна. Арассыыйа саҥа эрэгийиэннэрин олохтоохторо хаачыстыбалаах судаарыстыбаннай өҥөлөрүнэн туһанар кыахтаналлар: Арассыыйа гражданинын пааспарын толорторор, мэдиссиинэ көмөтүгэр, олох-дьаһах өҥөлөрүгэр, о.д.а. чэпчэтиилэргэ сайаапка оҥорорго.

Балаҕан ыйыгар 2 №-дээх оскуоланы саҥардан, хааччыллыылаах оҥоруу түмүктэниэҕэ, 1 №-дээх оскуоланы чөлүгэр түһэрии бүтэриллиэҕэ. Итини таһынан, быйыл сайын 286  оҕо сынньалаҥҥа ыытылынна, куорат хомунаалынай сулууспаларыгар аналлаах тиэхиньикэ атыылаһылынна, куораты реновациялааһын генеральнай былаана ырытыллан оҥоһуллар. Кировскай куорат хабыллар ортотугар  “Кыайыы” култуура уонна  сынньалаҥ паарката аһыллыаҕа.

Санатан эттэххэ, судаарыстыба баһылыгын сорудаҕынан  босхолонуллубут сирдэри чөллөрүгэр түһэриигэ  Донецкай Норуодунай Өрөспүүбүлүкэ сэттэ нэһилиэнньэлээх пууннара уонна  икки оройуона сыһыарыллыбыта. Манна 220 тыһыынча киһи олорор. Шефтээх сирдэргэ Торез, Дебальцево, Кировскай, Шахтерскай, Ждановка, Светлодарскай куораттар уонна Мироновскай бөһүөлэк, Старобешевскай, Амвросиевскай  оройуоннар киирэллэр.

Бастатан сылааһынан, уунан хааччыллыы, энэргиэтикэ, социальнай инфраструктура эбийиэктэрэ (оҕо уһуйааннара, оскуолалар, балыыһалар) чөллөрүгэр түһэриллэллэр. Ааспыт сылга 300-чэ эбийиэк чөлүгэр түһэриллибитэ. Ол иһигэр  31 оскуола,  10 оҕо уһуйаана,  2 балыыһа, 6 МКД, 274,2 тыһ.кв м суол,  4,45 км уу ситимэ, 21 скважина дьөлө үүттэммитэ, 18 оҕо былаһаакката тутуллубута. ДНӨ МТ-ҥэ 84 автомассыына уонна анал тиэхиньикэ атыылаһыллан тиксэриллибитэ,  250-тан тахса туонна гуманитарнай көмө тириэрдиллибитэ. Үлэ сүрдээх уустук усулуобуйаҕа толоруллар. Ол курдук, Дебальцевоҕа өрөмүөннэнэн бүппүт спортивнай-чэбдигирдэр комплексы  Украина Сэбилэниилээх күүстэрэ үлтү урусхаллаабыттара. Оттон Шахтерскайга нефтебазаҕа дэлби тэптэрии кэнниттэн хаттаан олорор дьиэлэр үрүттэрэ үрүмүөннэммитэ, түннүктэрэ уларытыллыбыта.

     Быйылгы сылга  198 эбийиэк өрөмүөннэнэрэ былааннанар. 392 киһилээх  23 бэдэрээттэһэр тэрилтэ  (35  уст. тиэхиньикэ)   62  эбийиэккэ тутар-таҥар үлэни  ыытар.  61 эбийиэккэ тутар-таҥар үлэ түмүктэнэн,  33 эбийиэк  туһаҕа туттарылынна.

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
Бары сонуннар
Салгыы
6 декабря
  • -23°C
  • Ощущается: -30°Влажность: 77% Скорость ветра: 3 м/с

Сообщить об опечатке

Текст, который будет отправлен нашим редакторам: