Тэттик кэпсээннэргэ куонкурус түмүгэ

Тэттик кэпсээннэргэ куонкурус түмүгэ

Ааптар:
08.10.2024, 18:03
Бөлөххө киир:
Бу сайын “Саха сирэ” хаһыат уонна sakha-sire.ru саайт тэттик кэпсээннэргэ куонкурус биллэрбитэ. 

Куонкуруска өрөспүүбүлүкэ араас муннуктарыттан уопсайа 20-тэн тахса сайаапка киирэн, 30-ча айымньыны туттубут. Ол курдук, Дьокуускай куораттан, Үөһээ Бүлүүттэн, Өлүөхүмэттэн, Өймөкөөнтөн, Ньурбаттан, Уус Алдантан уонна да атын улуустартан.

Дьүүллүүр сүбэҕэ “Саха сирэ” хаһыат кылаабынай эрэдээктэрэ      А.И.Тарасов, РФ Суруйааччыларын сойууһун чилиэнэ А.Н.Васильева-Дайыына,  СӨ Суруйааччыларын сойууһун чилиэнэ   Н.П.Егорова-Намылы үлэлээтилэр.

Киирбит айымньылартан дьүүллүүр сүбэ түөрт бастыҥы талан, анал ааттары олохтоото. Ол курдук:

  • Хомоҕой тыллаах кэпсээнньит”  — Александр Филиппов-Бири. Айымньы аата: “Киһиэхэ кыра наада…”
  • Олох умсулҕана” — Светлана Егорова. Айымньы аата: ”Тоҥмут чооруос”.
  • “Уйулҕа уруһуйдьута” — Иннокентий Попов-Оҕуруоттаах. Айымньы аата: “Оо, олох”.
  • “Олох очурун ойуулааччы” — Светлана Чачуа. Айымньы аата: “Дьокууттар”.

Бастыҥ кэпсээнньиттэр Махтал суругунан уонна өйдөбүнньүк бэлэхтэринэн наҕараадаланаллар.

“Саха сирэ” хаһыат эрэдээксийэтэ

+1
11
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
1
+1
0
Бары сонуннар
Салгыы
12 декабря
  • -43°C
  • Ощущается: -43°Влажность: 66% Скорость ветра: 1 м/с

Сообщить об опечатке

Текст, который будет отправлен нашим редакторам: