Салгыы
Тиэхиньикум устудьуоннара күрэхтэстилэр

Тиэхиньикум устудьуоннара күрэхтэстилэр

Ааптар:
03.11.2024, 13:00
Хаартыска Ирина Осипова тиксэриитэ
Бөлөххө киир:

Хоноҕордооҕу «Түһүлгэ» СК Норуоттар сомоҕолоһууларын күнүн көрсө Уус Алданнааҕы тиэхиньикум устудьуоннарын икки ардыларыгар «Бары бииргэ»  булугас өйдөөхтөр, көрдөөхтөр оонньуу-күрэхтэһиилэрэ ыытылынна.

Бэлиэ тэрээһин киирии чааһыгар эҕэрдэ тылы сынньалаҥ киинин сэбиэдиссэйэ Е.Н.Гоголева эттэ, Сомоҕолоһуу күнүн суолтатын, историятын сырдатар иһитиннэриини бибилэтиэкэр И.А.Осипова оҥордо, тематическай быыстапка көрдөрүлүннэ, уус-уран салайааччы В.С.Бубякина таһаарыытынан Сомоҕолоһуу оһуохайа дьиэрэйдэ.

Ол кэнниттэн көрдөөхтөр, булугас өйдөөхтөр күрэстэрэ саҕаланна. Күрэхтэһиини тэрийээччи-педагог Л.П.Заровняева иилээн-саҕалаан ыытта. Көрдөөх күрэскэ барыта 5 хамаанда 5 түһүмэххэ күөн көрүстэ. Устудьуоннар хамаанданы билиһиннэрии, ыйытыктарга хоруйу биэрии, миниатюралары көрдөрүү, көҥүл түһүмэх уонна командирдар түһүмэхтэригэр олус көхтөөхтүк кытыннылар.

Дьүүллүүр сүбэ түмүгүнэн 1 миэстэни «Повар-кондитер-21» кыргыттар хамаандалара ылла. Иккис бириистээх миэстэҕэ «ЗЧС» бөлөх көрдөөх хамаандата таҕыста. Үһүс бочуоттаах миэстэни «Доҕордуулар» хомуур хамаандата ылла. Маны таһынан хамаандалар үс анал ааты ыллылар. Ол курдук, «Көрөөччү биһирэбилэ» — «ЗЧС» хамаандата, «Бастыҥ дьээбэ» — «Автомеханиктар» хамаандалара  уонна «Кыайыыга дьулуур» — «Повар-кондитер-24» хамаанда буоллулар.

Устудьуоннар тиэхиньикум остолобуойун кэлэктиибэ бэлэмнээбит минньигэс бириистэрин уонна И.Г.Усова ПК-24 бөлөх устудьуоннарын кытта астаабыт минньигэс тортарын бэлэх тутан олус үөрдүлэр.

Кыттааччылар бары олус кыһаллан, бэлэмнэнэн кэлэн, сонун нүөмэрдэри, көрдөөх миниатюралары оонньоон, ыллаан-туойан, түмсүүлээхтэрин көрдөрдүлэр. Көрөөччүлэри сэргэхситиэхтэрин сэргэхситтилэр, көрдөөх киэһэни бэлэхтээтилэр.

Ирина Осипова,

Хоноҕор бибилэтиэкэрэ.

Хаартыскалар ааптар тиксэриилэрэ.

+1
1
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
Бары сонуннар
Салгыы
13 декабря
  • -37°C
  • Ощущается: -37°Влажность: 67% Скорость ветра: 1 м/с

Сообщить об опечатке

Текст, который будет отправлен нашим редакторам: