Тиэлиги бастыҥа
Бүгүн Мэҥэ Хаҥалас Тиэлигититтэн төрүттээх-уустаах, эт-сиин өттүнэн дэгиттэр сайдыылаах, уҥмат тыҥалаах сүүрүүк, быһый, ааспыт үйэ 50-60-70 сылларыгар күннээн-күөнэхтээн күрэхтэһэ сылдьыбыт Иван Николаевич Иванов туһунан билиһиннэрэбин. РСФСР “Урожай” уопсастыбатын хас да төгүллээх призера, орто уһуннаах сирдэргэ сүүрүүлэргэ Саха АССР 1970 с. чөмпүйүөнэ, Уһук Илин уонна Сибиир призера, 1963 с. Мэҥэ Хаҥалас оройуонун успуорт хас да көрүҥэр элбэх төгүллээх кыайыылааҕа Иван Николаевич Иванову — Сүүрүүк Уйбааны төрөөбүт улууһугар уонна нэһилиэгэр холобур оҥостоллор, киэн тутта ааттыыллар.
Иван Николаевич Иванов 1936 с олунньу 17 күнүгэр 1-кы Наахара нэһилиэгэр Улахан Кэҥэримэҕэ холкуостаах дьиэ-кэргэҥҥэ төрөөбүтэ. Аҕата 1939 с. “Кыһыл сардаҥа” холкуос бэрэссэдээтэлинэн үлэлии сырыттаҕына, 1941 с. хоп-сип хобото, сип-сап силимэ силбээһининэн буруйа суох балыллан, хаайыллан хара дойдоон репрессия сиэртибэтэ буолбута. Ол курдук эргиллибэтэҕэ. Онон Иван Николаевич чэпчэкитэ суох оҕо сааһы, үлэни-хамнаһы эт саннынан сүгэн ааспыта. Кыайан үөрэммэтэҕэ. Эбэтигэр иитиллибитэ. Эбэтэ: “Үөрэнимэ, үөрэхтээх киһи буоллаххына аҕаҥ курдук хаайыы киһитэ буолуоҥ,- диэн этэрэ, — билэр да буоллаххына билбэппин диир буол”,- диэн үөрэтэр-такайар эбит. Онон уончалаах уолчаан үөрэммэккэ, үлэҕэ умса түспүт. Сүрдээх үлэһит буолан дьон хайҕалыгар, былдьаһыкка сылдьыбыт. Үлэҕэ-хамнаска, булка-алка эриллибит буолан, тулуурдаах, кыайыгас-хотугас, сылайбат сындааһыннаах, эстибэт-эрчимнээх эр бэрдэ буола улааппыт. Ыһыахтарга сүүрэн тибигирэйэн, тустан бачыгыратыһан, мас тардыһан чыычыгыратан, мүһэнэн илии тутуурдаммыта, өттүк хараламмыта.
Мэҥэ Хаҥалас өрөспүүбүлүкэ күрэхтэһиилэригэр, успуорка, инники күөҥҥэ сылдьар оройуонунан биллэр. Иван Николаевич Иванов оройуонун күрэхтэһиитигэр аан бастаан 1957 с хайыһарынан сүүрүүгэ өрөспүүбүлүкэ чөмпүйүөнэ Николай Федотов – Торбаза көҕүлээһининэн 22 саастааҕар кыттан ситиһиилэммитэ. Ити сайын 400 м, 800 м, 1500 м сиргэ сүүрүүлэргэ, мас тардыһыытыгар элбэхтик кыайыы көтөллөнөн, өрүү миэстэҕэ тиксэн, ааттаахтар аахсар буолан барбыттара. Бастакы улахан кыайыытын 1962 с. өрөспүүбүлүкэ биир идэлээх сойуустарын спартакиадатыгар 3000 м. биэтэккэ бастакынан кэлиитэ буолбута. 1963 с. Сэбиэскэй Союз Дьоруойа Ф.К.Попов аатынан күһүҥҥү кросска Василий Попов курдук өрөспүүбүлүкэ аатырбыт сүүрүүгүн кэннигэр хаалларан, чаҕылхайдык кыайбыта. Ити күһүн Саха АССР хамаандатыгар киллэриллэн Нальчик куоракка буолбут РСФСР чөмпүйэнээтигэр 3000 м. сиргэ сүүрэн 60-ча хамаандаттан 15-с миэстэҕэ тиксибитэ. 1964 с. Красноярскай куоракка 800 м. – 2 миэстэ, 1500 м. – 3 миэстэ буолуталаабыта. Бу кини сүүрүүк быһыытынан үрдүк көрдөрүүлэрэ этэ.
1970 с. Саха Өрөспүүбүлүкэтигэр чөмпүйүөннээбитэ, өрөспүүбүлүкэҕэ “Урожайга” 1963, 1965 уонна 1967 сыллардаахха бастаталаабыта, Уһук Илин уонна Сибиир тыатын сирин спартакиадатын 1963 с. призера, Москва куорат Кубогын эстэпиэтэтин 1965 с. призера, 1967 с. чөмпүйүөнэ. Баһылай Манчаары аатынан саха национальнай көрүҥнэригэр спартакиадатын хас да төгүллээх кыттыылааҕа, Мэҥэ-Хаҥалас оройуонун элбэх төгүллээх чөмпүйүөнэ, призера.
Бу барыта биир киһи ситиһиитэ диэтэххэ, киһи мыыммат көрдөрүүлэрэ. Күрэхтэһиилэргэ “Байкалов”, “Наахара” сопхуостар туруортаабыт бириистэрин элбэх төгүллээх кыайыылааҕынан буолуталаабыта. Мас тардыһыытыгар хара күүс эрэ быһаарбатын, төбөнөн үлэлээһини уонна техниканы туһаныыны таба таайан сөптөөх суолу үөрэтэрэ, билэрэ. 1995 с. “Байкалов” бирииһигэр 59 саастааҕар 40-н саҥа туолбут эрдьигэннэри кыайталаабыта, чахчы кыахтааҕын итэҕэппитэ.
Иван Николаевич Иванов үйэтин тухары тыраахтар тэһиинин туппута. Бу ыарахан үлэҕэ сылдьан туох да эрчиллиитэ суох баран күрэхтэһэн кэлэрэ. Тапталлаах кэргэнинээн Заболоцкая Таьяна Степановналыын тоҕус оҕону төрөтөн, улаатыннартаан атахтарыгар туруорбуттара. Өссө сэбиэскэй саҕана, ДНД (добровольнай народный дружина) диэн баара, Иван Николаевич онно солбуллубат бэрээдэк көрөөччү этэ. Ардыгар ыалга баран, итирик, боруоктаах дьону кэтээн да хонор түгэннэрэ баара. Элбэх эдэр ыччаты үлэҕэ ииппитэ, үөрэппитэ. Тиэлигини Тиэлиги гыммыта. Элбэх оттуур сирдэр суолларын, айан суолларын эт илиитинэн солоон, кэлин тыраахтарынан астаран оҥорбута. От-мас тиэйиитигэр эмиэ бастыҥ. Лауреат тракторист, коммунистическай үлэ ударнига. Бастыҥ үлэһит буоларын үгүс грамоталара, үбүлүөйүнэй мэтээллэрэ, наҕараадалара туоһулууллар.
1995 сылтан дойдутугар Тиэлигигэ кини бирииһигэр күрэхтэһии ыытыллар. 2021 сыллаахха спортсаалаҕа аатын иҥэрдилэр. Иван Николаевич Иванов билигин баара буоллар 86 сааһа буолуо этэ. Дьиэ-кэргэнэ, оҕолоро, сиэннэрэ ахталларынан аҕалара, эһэлэрэ киһи быһыытынан сүрдээх сэмэй, кырасыабай, үгүс саҥата суох, дьээбэлээх, хаһан да кыыһырбат, киэҥ-холку, үөрүнньэҥ, толоругас буолара. Өрүү дьон батыһа сылдьааччылар. Элбэх доҕоттордоох-атастардаах, дьиҥ дьыала киһитэ, киһи киһитэ этэ. Билигин хос сиэнэ Павлик эмиэ эһэтин курдук успуордунан дьарыктанар. Алдаҥҥа хайыһардьыттары бэлэмниир Өрөспүүбүлүкэ киинигэр ахсыс кылааска үөрэнэр, сэмэй ситиһиилэрдээх.
Ити буоллаҕа — ыччаттарын махталлара, кэрэ кэриэстэбиллэрэ.
Үтүө ааттар умнуллубаттар.
Баһылай Посельскай,
Дьокуускай.
Хаартыскалар Ивановтар дьиэ кэргэн архыыптарыттан
Сообщить об опечатке
Текст, который будет отправлен нашим редакторам: