Тиэргэннэри тупсарыы үлэтэ салҕанар

Share

Саха сирин уон нэһилиэнньэлээх пуунугар федеральнай бырайыак иитинэн тиэргэннэри тупсаран оҥоруохтара.

Саха сиригэр «Уһук Илин тиэргэннэри тупсарыы» бырагырааманан  бырайыактары сүүмэрдээһин куонкуруһа түмүктэннэ. Архитектураҕа уонна куораты тутууга управлениетыттан иһитиннэрбиттэринэн, куонкуруска 49 муниципальнай тэриллииттэн барыта 84 сайаапка киирбит.
2024  сылга бырайыагы олоххо киллэрэргэ 10 нэһилиэнньэлээх пууҥҥа 14  тиэргэни тупсаран оҥорорго анаан 102  мөл. солк. тахса суума көрүллүбүт.

Чугастааҕы кэмнэргэ муниципальнай тэриллиилэри кытары сөбүлэһиилэр түһэрсиллиэхтэрэ. Муус устар 1 күнүгэр диэри сакаасчыттар бэдэрээччиттэри кытары хантараагы түһэрсиэхтээхтэр. Үлэ хантараак түһэрсилиннэ да, саҕаламмытынан барара былааннанар. Бастакы эбийиэктэри балаҕан ыйыгар үлэҕэ киллэриэхтэрэ. Кэлимник тупсарыы бырайыагынан биһиги тупсаҕай уонна куттала суох тиэргэннэри тэрийэбит. Кылаабынайа, оҕолор уонна улахан дьон маннык тупсарыллыбыт тиэргэннэргэ сынньаныахтарын баҕаралларын курдук буолуохтаах. Оонньоон, ыалларын кытары сэлэһэн, дьиэ кэргэнинэн бырааһынньыктары, араас тэрээһинэри оҥорон, — диир Ил Дархан архитектураҕа уонна куораты тутууга управлениетын салайааччыта Любовь Папок.

2024  сылга «Уһук Илин тиэргэннэри тупсарыы» бырайыак сирин-уотун аадырыстаах  испииһэгэ:

Дьокуускайга

Дзержинскэй уул. 45/1,  45/2
Ленин уул. 38
Кузьмин уул. 14
Можайскай уул. 17/8
Можайскай уул. 17/4

Нерюнгригэ
Тимптон уул. 3, 3/1

Алдаҥҥа
Достовалов уул. 8

Мииринэйгэ

Аммосов уул. 98/1, 98/2 уонна Солдатов уул. 2/1

Удачнайга
Новый город мкр., МКД № 22

Өлүөхүмэҕэ
Урицкай уул. 16, 18

Нам улууһугар, Тумулга
Мир уул. 24

Аллараа Халымаҕа, Черскэйгэ
Молодежнай уул. 5

Хаҥаласка, Күөрдэмҥэ
Ленин уул. 27 А

Чурапчыга,Төлөй-Дириҥ
Улуу Сыһыы, 31

Санатан эттэххэ, Уһук Илин тиэргэннэри саҥардан оҥоруу туһунан 2021 сыллаахха балаҕан ыйыгар РФ Бырабыыталыстыбатын бэрэссэдээтэлин солбуйааччы — Уһук Илиҥҥэ РФ Бэрэсидьиэнин боломуочуйалаах бэрэстэбиитэлэ Юрий Трутнев иһитиннэрбитэ. 2022  сыллаахха Саха сирэ «Уһук Илиҥҥэ 1000 тиэргэн» бырагырааманы олоххо киллэриигэ 846 мөл.солк. сууманы ылбыта. Уопсайа 37 куоракка уонна сэлиэнньэлэргэ 124 тиэргэн уонна дьоҕус паарка, итинтэн 75 өрөспүүбүлүкэ киин куоратыгар тупсарыллан оҥоһуллубуттара. 2023  сыллаахха 61  тиэргэни тупсаран оҥорорго 429 мөл. солк. көрүллүбүт.

What’s your Reaction?
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0

Recent Posts

  • Сонуннар

РФ Конституциятын күнүгэр Дьокуускайга үрдүкү кылаас үөрэнээччилэрин патриотическай пуорумнара саҕаланна

Бүгүҥҥүттэн, ахсынньы 12 күнүттэн, РФ Конституциятын күнүгэр Дьокуускайга «Объединяя лучшее - быть первым!» диэн ааттаах…

1 минута ago
  • Сонуннар

Нерюнгриттан кэлбит ыалы аймахтара сүтэрбиттэрэ нэдиэлэ буолла

Дьокуускай полицията Юлия уонна Руслан Липадаттары көрдүүр. Кинилэр бу сыл ахсынньы 5 күнүттэн ыла аймахтарын…

2 минуты ago
  • Бэрээдэк

Саха сиригэр үлэлээбит үс вьетнамеһы Арассыыйаттан таһаардылар

Саха сиригэр үс вьетнамец үлэлииллэригэр көҥүллэммит идэлэринэн буолбакка, атынынан дьарыктана сылдьаллара биллибит. Кинилэр кафеҕа үлэлии…

13 минут ago
  • Бэрээдэк

Биэнсийэлээх дьахтар төлөпүөнүн күүһүнэн былдьаабыт

Дьокуускай полициятын дьуһуурунай чааһыгар биэнсийэлээх дьахтар 16 тыһ.солк. суумалаах төлөпүөнүн күүһүнэн былдьаабыттарын туһунан иһитиннэрбит. Полиция…

31 минута ago
  • Култуура
  • Сонуннар

Бүгүҥҥүттэн киинэ тыйаатырдарыгар «Аптаах дорҕоон» киинэ көстүөҕэ

Бүгүҥҥүттэн, ахсынньы 12 күнүттэн, өрөспүүбүлүкэ бары киинэ тыйаатырдарыгар "Аптаах дорҕоон" киинэ көстүөҕэ. Саҥа киинэҕэ Алексей…

1 час ago
  • Чэгиэн

СПИД-Кииҥҥэ ФЛГ кэбиниэтэ аһылынна

СПИД-ы уонна сыстыганнаах ыарыылары сэрэтиигэ уонна охсуһууга өрөспүүбүлүкэтээҕи кииҥҥэ сыыппаралаах флюорография кэбиниэтэ аһылынна. Бу сыстыганнаах…

2 часа ago