Сэбиэскэй иитиилээх дьон “татуировка” түһэриини олох сөбүлээбэттэр. Кинилэр санааларыгар эти-сиини ойууланыы аҥаардас хаайыыга олорбут дьон кэмэлдьилэрэ буолар. Ол иһин, билиҥҥи ыччат татуировканан үлүһүйүүтүн саастаах дьон үксэ олох сөбүлээбэт. Дьиҥэр, ойууну түһэринии түҥ былыргы үгэс буолара биллэр.
Саха сиригэр олорбут былыргы биис-уустарга ойуу түһэринии тарҕана сылдьыбыта устуоруйа билимэ дакаастаабыт чахчыта. «Дьирикинэйдэр», «тигиилээх сирэйдэр» диэн ааттыыр, тириилэригэр ойуу түһэринэр биис-уустар туһунан үгүспүт Далан айымньытыттан ааҕан билэр. Суруйааччы түҥ былыргы кэм туһунан суруйарыгар, дьиҥнээх олоххо, устуоруйаҕа олоҕурар.
Билигин Саха сиригэр олорор омуктар – эскимостар, чукчалар, дьүкээгирдэр өбүгэлэрэ араас сыаллаах татуировкалары оҥостоллоро биллэр.
Холобур, Арассыыйа этнограф учуонайа Владимир Богораз чукчалар олохторун-дьаһахтарын чинчийбитэ. Кини этэринэн,чукчалар кыыс оҕоҕо 10 сааһын ситиитэ сирэйигэр ойуу түһэрэллэр. Ойууну түһэрии ньымата тигии – кырааскалаах сабы тирии анныгар киллэрэн сүппэт бэлиэлэри хааллараллар. Бэрт ыарыылаах, тулууру эрэйэр үгэс. Муннуттан сирэйин икки кытыытыгар сурааһыннары ыыталлар, өссө хас да сурааһын сэҥийэтигэр уруһуйданар. Дьахтар ыарыыларыттан көмүскээн кыыс ситэр кэмигэр иэдэстэригэр иккилии тас уонна ис тиэрбэстэри тиһэллэр. Сатаан оҕоломмот дьахтары эмтиир сыаллаах иэдэстэригэр үс сурааһыннары тигэллэр эбит.
Чукча эр киһитин татуировката үксэ булка уонна сэриигэ сыһыаннаах эбит. Саастаах киһи этигэр-сиинигэр түһэриллибит ойууларынан хас өстөөҕүн өлөрбүтүн, хас киты бултаабытын билиэххэ сөп. Куһаҕан тыынтан харысхал быһыытынан сорох чукчалар уос кытыытыгар чоп ойуутун түһэрэллэр. Үрүҥ эһэни, киты өлөрбүт булчут тарбаҕар бэлиэ охсунара үһү. Халыма чукчаларыгар сэриигэ киһини охторбут буойун уҥа илиитигэр чоп ойуулатар эбит. Төһөнөн элбэх бэлиэлээх, оччонон суостаах хоһуунунан аатырар. Атын биис уустарга “кыайыы бэлиэтэ” сотоҕо, тобукка, бэрбээкэйгэ түһэриллэр эбит. Бу ахсаан эрэ ааҕыы буолбатах – өлбүт кыыл (өстөөх) кута үөр буолан кэлэн иэстэһэриттэн куотунуу харысхал эмиэ быһыылаах. Татуировканы бииc ууһун саамай саастаах дьахтара түһэрэр эбит.
Эскимостар дьахталлара эмиэ сирэйдэригэр ойуу түһэрэр үгэстээхтэрэ биллэр. “Кит кутуруга” диэн хоһуллар Ү буукубаҕа майгынныыр ойуу – хаастарын икки ардынан мурун кынаттарыгар түһэр эбит. Араас дьэрэкээн ойуулары ытыс тоҥолох икки ардыгар түһэрэллэрэ биллэр. Эмиэ үксэ эмтиир ньыма көрүҥэ быһыылаах.
ССРС антрополог учуонайа Сергей Руденко “Азия эскимостарын татуировкалара” диэн үлэтигэр 1945 сыллаахха дьабадьыларыгар тиэрбэс ойуулаах эскимос дьахталлары көрбүтүн хоһуйар. Хаастарын үрдүнэн “тураах суола”, иэдэстэригэр дьикти араас ойуулаахтар, бу барыта кинилэри “айн омукка майгынныыр оҥорор” диэн суруйбут. Уустук ойууну сирэйгэ түһэрии олохтоох итэҕэлинэн дьахтары ордук кэрэ оҥорор, ойох тахсарын түргэтэтэр суолталаах эбит. Өссө биир суолтата – анараа дойдуга тигиилээх сирэйдээхтэр эрэ тиксэр ордук үчүгэй баар үһү.
Устуоруйа билимин дуоктара Анатолий Алексеев суруйарынан, былыргы кэм учуонайа Иоанн Гмелин 1773 сыллаахха Казань куоракка икки эдэр саханы көрбүт. Иккиэннэрин сирэйдэрэ барыта ойуунан киэргэтиллибит эбит, бу дьону ыраахтааҕыга көрдөрө илдьэ баран иһэллэрэ үһү. Ол эрэн, Гмелин суруйуутугар сыһыарыллыбыт уруһуйдарга тоҥус бииһин-ууһа үгэс курдук түһэринэр ойуулара уруһуйдаммыттар. “Маны кытта Гмелин суруйар чахчылара кырдьыктан туораабат чопчу буолаллара биллэр, онон бу эдэр дьон бэйэлэрин саханан ааҕынар дьон буолаллара кырдьык курдук. Сэрэйдэххэ, хотугу сахалар буолуохтарын сөп”, – диэн бу түгэн туһунан суруйар Алексей Окладников. Маны кытта Анатолий Николаевич сөбүлэһэр, кини этэринэн, сахалар үһүйээннэригэр хоһуллар “тигиилээх сирэйдэр” хотугулуу-арҕаа Анаабыр өрүстэн Өлүөнэ өрүскэ диэри тарҕанан олорбуттар. Түүр омуктар бу диэки тарҕаныыларыгар төрүт омуктар сорохторо саха тылыгар, үгэһигэр көһөн саханан ааттанар буолбуттар. Ону кытта сорох үгэстэрин ыһыктыбыкка илдьэ сылдьыбыт буолуохтарын сөп.
Үһүйээннэргэ сирэйдэрин ойуулуур саха боотурдарын туһунан эмиэ баар. Сорох сэрииһит идэлээх эр дьон татуировка киэргэллээх буолаллар. Тыгын Дархан сорох буойуттара, хаҥаластар, ойууламмыт сирэйдээхтэрэ ахтыллар. Устуоруктар бу үгэс канглы бииһин-ууһа илдьэ кэлбит үгэһэ буолуо диэн сабаҕалыыллар.
“Тигиилээх сирэйдээхтэр” диэн сахалар хас даҕаны туспа ааттаах, туттуулаах биис-уустары холбоон ааттыыллара көстөр. Бүлүү бөлөх улуустар билиҥҥи сирдэригэр үһүйээн этэринэн дьирикинэйдэр диэн туспа омук олоро сылдьыбыт. Сорох чинчийээччилэр суруйалларынан, Мииринэй улууһун Таас Үрэх сэлиэнньэтигэр “дьирикинэйдэртэн төрүттээхпит” диир дьон билигин олороллор. “Дьирикинэй” диэн ааттааһын “дьэрэкээн сирэй” диэн өйдөбүлтэн тахсыбыт буолуон сөп диэн санаа баар. Ону кытта Эдуард Пекарскай “дьирикинэй” диэн аата “дьирики” (моҕотой) диэн тылтан тахсыбыт диэн суруйбут. Дьирикинэйдэр таба иитэр биис-уус эбиттэрэ үһү. Алексей Окладников дьирикинэйдэр уонна туматтар диэн биир омугу ааттыыллар диэн түмүккэ кэлбит. Ол эрээри, атын учуонайдар дьирикинэйдэр уонна туматтар ыаллыы олорбут туспа омуктар диэн ааҕаллар. Туматтар эмиэ сирэйдэрин ойуунан киэргэтэр үгэстээхтэр эбит быһыылаах.
Бу күннэргэ Олоҥхо дэкээдэтинэн сибээстээн В.Г. Белинскэй аатынан Кыраайы үөрэтэр бибилэтиэкэ «Саха сирин кэлэксийэниэдэрэ" түмсүүнү кытта холбоһон…
Анал байыаннай дьайыы 626 кыттыылааҕа уонна кинилэр дьиэ кэргэттэрэ квотанан үлэ буллулар. Бу туһунан Дьарыктаах…
Аллайыаха улууһун Быйаҥныыр нэһилиэгин сиригэр-уотугар бөрөлөр билиннилэр. Бу адьырҕалар сылгыларга кутталы үөскэтэллэр. Онон тыа хаһаайыстыбатыгар…
«Саха» национальнай көрдөрөр-иһитиннэрэр хампаанньа «Тэтим — Саха араадьыйата» аныгы сайдыылаах олох хардыытынан бары сыыппара былаһааккаларыгар…
Кэбээйитээҕи участковай балыыһа кэлэктиибэ (кылаабынай быраас З.С. Полятинская) нэһилиэккэ биир көхтөөх тэрилтэнэн биллэр. [gallery ids="172276,172277,172278"]…
Дойдубут аҕа баһылыга Владимир Путин Успуорт сайдыытын сэбиэтин мунньаҕын түмүгүнэн 2025 сылтан “Земскэй тириэньэр” федеральнай…