Салгыы
Тиийинэн олоруу алын кээмэйэ Арассыыйаҕа 14,3 тыһыынча солкуобай буолуоҕа

Тиийинэн олоруу алын кээмэйэ Арассыыйаҕа 14,3 тыһыынча солкуобай буолуоҕа

06.12.2022, 09:35
Бөлөххө киир:

Эһиил тиийинэн олоруу алын кээмэйэ 14375 солкуобай буолуоҕа. Тустаах сокуоҥҥа РФ бэрэсидьиэнэ Владимир Путин илии баттаата.

 Быйылгы сокуонунан, тохсунньуга тиийинэн олоруу алын кээмэйэ нэһилиэнньэҕэ 12654 солкуобай этэ. Бэс ыйыгар уон бырыһыан үрдээн, 13919 солкуобай буолбута. Эһиил, тохсунньуттан саҕалаан, бу суума нэһилиэнньэҕэ ортотунан 14,3 тыһыынча солкуобай буолуоҕа. Үлэлиир дьоҥҥо – 15669, биэнсийэлээхтэргэ – 12363, оҕолорго – 13944 солкуобайга тэҥнэһиэҕэ.

Тиийинэн олоруу алын кээмэйэ туохха дьайарый? Бастатан туран, бу көрдөрүүгэ олоҕуран, судаарыстыбаттан көрүллэр араас чэпчэтии төлөбүрдэрэ быһыллаллар. РФ үлэтин, социальнай харыстабылын миниистирэ Антон Котяков иһитиннэрбитинэн, тиийинэн олоруу алын кээмэйэ улааппытынан дойду үрдүнэн 15 мөлүйүөнтэн тахса киһи эһиилгиттэн үрдэтиллибит социальнай төлөбүрдэри ылыахтара. Ол иһигэр оҕолоох ыаллар, биэнсийэлээхтэр, хат дьахталлар.

Тиийинэн олоруу алын кээмэйэ эрэгийиэннэринэн тус-туһунан. Холобур, Москваҕа билигин нэһилиэнньэҕэ уопсай 20585 солкуобайынан быһыллан турар. Оттон үлэһиттэргэ – 23508, биэнсийэлээхтэргэ – 15410, оҕолорго – 17791 солкуобай. Крым Өрөспүүбүлүкэтигэр үлэһиттэргэ – 13379, биэнсийэлээхтэргэ – 10556, оҕолорго – 12720 солкуобай. Татарстаҥҥа: үлэһиттэргэ – 11724, биэнсийэлээхтэргэ – 9250, оҕолорго – 10433 солкуобай. Хабаровскайга: үлэһиттэргэ – 18389, биэнсийэлээхтэргэ – 14509, оҕолорго – 18586 солкуобай. Оттон Саха сиригэр билигин үлэһиттэргэ – 22911, биэнсийэлээхтэргэ – 18076, оҕолорго – 21839 рублей солкуобай.

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
Бары сонуннар
Салгыы
29 марта
  • -12°C
  • Ощущается: -19°Влажность: 44% Скорость ветра: 7 м/с

Сообщить об опечатке

Текст, который будет отправлен нашим редакторам: