Тиит үрдүгэр турар дьиэлэрдээх Булгунньахтаах турбазата

Тиит үрдүгэр турар дьиэлэрдээх Булгунньахтаах турбазата

31.07.2023, 10:05
Хаартыска уонна видео -- Елена Потоцкая
Бөлөххө киир:

Ааспыт бээтинсэ күн Булгунньахтаах нэһилиэгэр сарсыардаттан киэһээҥҥэ диэри турист быһыытынан нэһилиэк олоҕун-дьаһаҕын кытта билистибит.

Онон биир нэһилиэк төһө баҕарар олоҕун-дьаһаҕын көрдөрөн, туристары кэрэхсэтэр кыахтаах эбит. Булгунньахтааҕынан Өлүөнэ Очуостарыгар, Тукулааҥҥа, Сиинэҕэ, бизонарий питомнигар суол аһыллар.

Оттон нэһилиэккэ бэйэтигэр аатырбыт «Номох биэрэгэ» («Берег легенд»), «Аартык»  курдук дьон сөбүлээн сынньанар уонна саҥа олоххо киирэн эрэр  «Тиит үрдүгэр дьиэлэр» сонун бырайыак туристар болҕомтолорун тардаллар.

Дьэ, интэриэһинэй туристическай бааза тутуллан эрэрин илэ харахпытынан көрөн, сөҕүү бөҕөтүн сөхтүбүт. Массыынаттан түһээппитин кытта, «хайа үрдүгэр тахсабыт»  диэбиттэригэр, туох кистэлэ кэлиэй, сүрэҕэлдьээн ылбытым. Онтум баара…

Бэрт интэриэһинэй туристическай бырайыагы аан бастаан биһиэхэ, суруналыыстарга көрдөрдүлэр.  Урбаанньыт Анатолий Габышев федеральнай граҥҥа кыайан, бу сонун сүүрээни олоххо киллэрэн эрэр. Туристическай бааза эбийиэктэрин  Анатолий аҕата Василий Габышев тута сылдьар эбит.

Турбааза дьиэлэрин ис-тас моһуонун дизайнера ыал ийэтэ — Альбина Васильевна. Онон Габышевтар дьиэ кэргэн бэртээхэй бырайыагы олоххо киллэрэн эрэллэр.

Уопсайа билиҥҥитэ алта дьиэ тутулла турар. Василий Анатольевич уолун үлэтигэр мэһэйдэппэтин курдук, тутуу үлэтин барытын бэйэтин эппиэтигэр ылан сылдьар.

Хаһаайын дьиэ иһин көрдөрдө, билиһиннэрдэ. Эбии өссө 12 дьиэ тутуллуохтаах эбит.

Федеральнай граннарга киирсии түмүгэр бу маннык сонун бырайыактар олоххо киирэллэрин туһунан туризмы сайыннарыыга  үлэлэһэр Дмитрий Громов санаатын маннык үллэһиннэ:

Тиит үрдүгэр турар турбааза икки этээстээх дьиэлэрдээх.

Аллараа аһыыгын, үөһээ тахсан утуйаҕын. Олох остуоруйа курдук сиргэ турар буолан, туристар анаан сөбүлээн сылдьар сирдэринэн буолсу.

Удамыр сыанаҕа манна кэлэн сынньаныахха сөп эбит. Онон Габышевтар сонун бырайыактарын бастакынан илэ көрөн, бэркэ астынан бу сиртэн араҕыстыбыт.

Эчи, аата турбааза аата да үчүгэйэ бэрт эбит — «Тиит үрдүгэр дьиэ» («Домик на дереве»). Киһини аҥардас аата да угуйарга дылы…

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
Бары сонуннар
Салгыы
15 декабря
  • -32°C
  • Ощущается: -32°Влажность: 68% Скорость ветра: 1 м/с

Сообщить об опечатке

Текст, который будет отправлен нашим редакторам: