Салгыы
Тиксии бөһүөлэгэр ыксаллаах быһыы-майгы эрэсиимэ уһулунна

Тиксии бөһүөлэгэр ыксаллаах быһыы-майгы эрэсиимэ уһулунна

24.01.2023, 22:52
Бөлөххө киир:

Булуҥ улууһугар,  Тиксиигэ, Мелкай күөлгэ уу таһыма түспүтүнэн сибээстээн, бөһүөлэккэ биллэриллибит ыксаллаах быһыы-майгы эрэсиимэ уһулунна.

Тустаах дьаһалга бүгүн Булуҥ улууһун баһылыга Афанасий Андросов илии баттаата. Билигин манна бэлэмнээх буолуу эрэсиимэ үлэлиир. Миэстэтигэр превентивнэй дьаһаллар ылыллаллар. Саас чугаһаатаҕына фильтрацияны кыччатарга тымнытар тэриллэри оҥорорго былаанныыллар. Бырайыактыыр бөлөх өссө былырыын тиэхиньиичэскэй быһаарыылары ылыммыта, смета сыаналыыр экспертизаҕа ыытыллыаҕа.
Күөлгэ бэйэтигэр бөһүөлэги хааччыйар уу баар. Водохранилище холуодьастарыгар уу таһыма 5 м 9 сантиметрга уонна 5 м 7 сантиметрга тэҥнэһэр. Уу муҥутуур таһыма — 2 м 80 сантиметр. Холуодьастары толорорго СӨ Дьиэ-уот, коммунальнай хаһаайыстыбата улууска тимирдэр носуоһу ыытта.
Уунан туһаныыны хааччахтааһын тахсыбатаҕа. Тиксии-1 уонна Тиксии-3 бөһүөлэктэри уунан хааччыйар водозаборнай ыстаансыйа үлэтэ тохтотуллубата.

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
Бары сонуннар
Салгыы
27 декабря
  • -37°C
  • Ощущается: -37°Влажность: 74% Скорость ветра: 1 м/с

Сообщить об опечатке

Текст, который будет отправлен нашим редакторам: