Тиксиигэ буурҕа кэмигэр бөртөлүөттэр алдьаммыттар
29.01.2025, 16:48
Хаартыска: "Полярные авиалинии" пресс-сулууспатыттан.
Бөлөххө киир:
Бэҕэһээ Булуҥ улууһун Тиксии бөһүөлэгэр сөкүүндэҕэ 40 миэтэрэ түргэннээх буурҕа түһэн, «Полярные авиалинии» хампаанньа икки бөртөлүөтүн торуостара быһа баран, салбахтара алдьаммыттар. Быһылаан кэмигэр биир да киһи эчэйбэтэх.
«Күүстээх тыал уонна буурҕа түһүөн сөптөөх улуустарга бөртөлүөт салбахтарын торуостарынан туттараллар. Тиксиигэ күүстээх буурҕа түһэн, торуостара быһа барбыттар. Ол иһин икки Ми-8 бөртөлүөт салбахтара алдьаннылар», — диэн авиахампаанньа пресс-сулууспатыгар иһитиннэрдилэр.
Булуҥҥа күн-дьыл туруга бигэтийдэҕинэ, Дьокуускайтан инженернэй-техническэй састаап уонна Росавиация эрэгийиэннээҕи управлениетын үлэһиттэрэ оҥоро көтүөхтэрэ.
+1
1
+1
+1
+1
+1
2
+1
+1
1
Сообщить об опечатке
Текст, который будет отправлен нашим редакторам: