Салгыы
Тиксиигэ «Днепр» суудунаны ыраастааһын үлэтэ түмүктэнэн эрэр

Тиксиигэ «Днепр» суудунаны ыраастааһын үлэтэ түмүктэнэн эрэр

Ааптар:
27.08.2024, 20:21
Андрей Сорокин хаартыската
Бөлөххө киир:

Бүгүн, атырдьах ыйын 27 күнүгэр, Ил Дархан Айсен Николаев Булуҥ улууһугар  сырыытын кэмигэр, «Днепр» причальнай суудунаны ыраастааһын үлэтин көрдө.

Күн бүгүн суудунаны ыраастааһыны харгыстаһар тимир конструкциялары хомуйуу, трюмтан бөҕү хомуйуу ыытыллар. Бастакы  трюмтан  100 кубомиэтэрэ ньиэп бородууктатын хачайдаатылар.

«Хоту»  наука-үөрэх киинин өйөбүлүнэн «Газпассервис» аварийнай-быыһыыр тэрилтэ  итиэннэ  РНА СС Саха сиринээҕи научнай киинин ньиэп уонна гаас институтун кыттыытынан ыытыллар ыраастааһын үлэтэ тымныылар түһүөхтэрин иннинэ бүтүөхтээх диэн Ил Дархан эттэ.

«Днепр» суудуна экологияҕа улахан кутталлаах. Уонунан сыллар тухары бу суудуна ньиэп бородууктатын тобоҕун тоҕор  ёмкость быһыытынан туһаныллыбыта. Бу сыллар тухары суудунаҕа хайаҕастар үөскээннэр,  ньиэп бородууктата порт  акваториятыгар тохтуон сөп этэ.  Саха сирин наукатын, Арассыыйа инновационнай предприятиеларын көмөлөрүнэн сөптөөх миэрэлэр ылыллан,  куттал суоһаабат буолла.  Бүгүн суудунаттан тобоҕу ыраастааһын үлэтин улахан аҥаара оҥоһулунна. Онон, бу сезон бүтүөр диэри үлэ түмүктэниэҕэр эрэллээхпит,  — диэтэ Айсен Николаев.

Ил Дархан инникитин Тиксиитээҕи муора пордун акваториятыттан номнуо туһаныллыбат, эргэ 18 суудунаны утилизациялааһын соруга туруоруллуоҕун бэлиэтээн эттэ.

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
Бары сонуннар
Салгыы
22 ноября
  • -22°C
  • Ощущается: -29°Влажность: 77% Скорость ветра: 3 м/с

Сообщить об опечатке

Текст, который будет отправлен нашим редакторам: