Бүгүн, от ыйын 11 күнүгэр, Булуҥ оройуонугар Тиксиитээҕи оҕо ускуустубатын дьиэтигэр биллэр судаарыстыбыннай уонна политическэй диэйэтэл Владимир Членовка анаммыт өйдөбүнньүк мемориальнай дуосканы ыйаатылар.
«Мин Владимир Михайлович Членову үчүгэйдик билэр этим. Биһиги кинини кытта өрөспүүбүлүкэ бырабыытылыстыбатыгар бииргэ үлэлээбиппит. Кини Булуҥ оройуонун, Тиксиини олоҕор биир саамай кэрэ кэминэн ахта саныыра. Владимир Членов Булуҥ оройуонугар, Тиксиигэ, Саха Арктикатыгар, уопсайынан, биһиги өрөспүүбүлүкэбитигэр элбэҕи оҥорбута. Бүтэһик сылларга, кини баҕарбытын курдук, Тиксии уонна Арктика сайдан иһэриттэн үөрэбин. Бүгүн Тиксии уларыйа, иннин диэки бара турар. Саамай кылаабынайа – бүгүн манна баар ыччат ханна да барыа суоҕа. Төттөрү дьон-сэргэ кэлэн, биһиги ытыктыыр табаарыспыт Владимир Членов курдук саҥа улуу хамсааһыннары оҥоруохтара. Кини дьыалатын биһиги салҕыахпыт», — диэтэ Ил Дархан Айсен Николаев.
Булуҥ улууһун баһылыга Афанасий Андросов олохтоох дьон Владимир Членовка куруутун махтанарын уонна Арктика патриотын быһыытынан өйдүү-саныы сылдьарын эттэ.
Горнай улууһугар Атамайга "Радуга" уһуйаан тэриллибитэ 65 сылын бэлиэтиир тэрээһин өрө көтөҕүллүүлээхтик буолла. Бу күн…
Оҕо уруһуйугар болҕомтоҕутун ууруҥ диэн психологтар сүбэлииллэр. Баһыйар өҥүнэн оҕо уйулҕатын туругун быһаарыахха сөп диэн…
Былыр-былыргыттан дьон харчыга сыһыаннаах бити-билгэни итэҕэйэр, туһанар. Ол ханныктарый? Остуолга кураанах иһиттэр, вазалар, бытыылкалар туруо…
Дьокуускайга сылы эргиччи оҕуруот аһын, күөх үүнээйини үүннэриинэн дьарыктанар "Саюри" тэпилииссэ комплексыгар газовай электрстанция (ГПУ)…
Сахаҕа сылгы сүдү суолталаах, ону кытта сылгы идэһэ биир мааны аһылыгынан биллэр. 1980–1990‑с сылларга тэҥнээтэххэ,…
Бүгүн, сэтинньи 23 күнүгэр, Усуйаанатааҕы ЕДДС Уйаандьы сэлиэнньэтин баһылыгын солбуйааччытыттан иһитиннэрии киирбит. Кини 1999 уонна…