Саас кэлэн, сайын саҕаланыыта тимир көлөҕө олоруон баҕалаах балачча элбиир. Маннык балаһыанньаны киин куоракка парковка миэстэтэ тиийбэтэ ала-чуо көрдөрөр. Ааҕан-суоттаан да көрбөккө, Саха сиригэр нэһилиэнньэ хас биирдии үһүс киһитэ араас моһуоннаах уонна мааркалаах массыыналааҕа биллэр. Билигин массыына сыанатын балаһыанньата хайдаҕын билээри, солуоннары кэрийдибит, ырыынакка тиийэ сырыттыбыт.
Бу сылга муус устартан, эспиэртэр сабаҕалааһыннарынан, Арассыыйаҕа кыраныысса таһыттан киллэриллэр ханнык баҕарар мааркалаах массыына барыта кэриэтэ 30% үрдүөхтээҕэ. Манна даҕатан, чахчы, тимир көлө сыаната былырыыҥҥы рекорду үс бүк куоһарда, ол курдук, сыл саҕаланыытыттан омук тиэхиньикэтигэр наадыйыы баар эрээри, билигин тимир көлөнү атыылаһан ылыан баҕарааччы элбэх толкуйга түһэр. Холобур, Арассыыйа үрдүнэн Седан Chery Arrizo 8 мааркалаах массыына кыраныысса таһыгар 3 мөл. 510 тыһ. солк. атыыланар, оттон Арассыыйаҕа үрдээн, сыаната 4 мөл. 170 тыһ. солк. тиийэр. Онон солуоннарынан саҥа массыына орто сыаната номнуо 3 мөл. 500 тыһ. солк. тиийдэ. 1-тэн 2 диэри кыамталаах мотуордаах мааркалаах массыыналар сыаналара ортотунан 300-500 тыһ. солк. эбиллибитэ көстөр.
Дойду үрдүнэн 2023 сыл түмүгүнэн ырыынакка саамай атыыламмыт массыына испииһэгэр 3 мөл. солк. орто сыаналаах Toyota Camry бастакы миэстэни ылар. Бу испииһэккэ иккис миэстэҕэ – BMW X5, оттон үһүскэ Toyota Land Cruiser тигистэ. Билиҥҥи туругунан, Toyota Land Cruiser Prado – төрдүс миэстэҕэ уонна Geely Monjaro бэһис миэстэҕэ таҕыстылар. Испииһэк бүтэһигэр BMW 5, Lexus RX, Hyundai Santa Fe, Mercedes-Benz уонна Hyundai Palisade киирдилэр. Бу испииһэккэ киирбит массыыналар сыаналара үрдээбит төрүөтэ биллэр диэн эспиэрдэр этэллэр. Ол курдук, былырыын от ыйыттан 2024 сылга омук массыынатын сыаната 15-30% үрдүөҕэ диэн эрдэ сэрэтиллибитэ.
Билигин Саха сиригэр сыана бас баттах баран иһэринэн, туһаныллыбыт ол эбэтэр, эргэ массыыналары атыылаһаары, киин куоракка киирэллэр. Саҥа солуоннары кэрийэ да барбакка, уруулга саҥа олороору сылдьар суоппардар чэпчэки сыанаҕа атыылаһыахпыт диэн эрэл санаалаах ырыынакка тиийэллэр. Кистээбэккэ да эттэххэ, чахчы, суоппардар собуоттан саҥа тахсыбыт массыына оннугар эргэ эбэтэр туһаныллыбыт массыынаны атыылаһарга дьулуһаллар. 2000 сылтан бэттэх сүүрэ сылдьар тиэхиньикэ эргэ көрүҥнээҕэ уонна хаһаайына хас да төгүл уларыйа сылдьыбыта дьону тэйиппэт – саҥа тиэхиньикэ сыаната үрдүк.
Балаһыанньа хайдаҕын билээри, бастаан солуоннарга сырыттыбыт, ол кэннэ ырыынагы кэрийдибит. Бастакы солуоҥҥа араас мааркалаах массыына турара элбэх эрээри, атыылаһааччы көстүбэт, оннооҕор атыыһыттар кытта наадыйбат курдуктар. Кэтэһэ сатаатым да, ким да кэлэн сүбэ-ама биэрбэтэ. Дьэ, кырдьык, балаһыанньа уустугурбут. Иккис солуоҥҥа саҥа массыына оннугар, хата, араас мааркалаах эргэ эбэтэр туһаныллыбыт массыына кэчигирэһэн, кутуйах да сүүрбэт гына ыга симиллэн тураллар. Харах таптаабытынан тиэхиньикэ моһуона уонна маарката араас. Дьиктитэ диэн, саҥа массыына атыыга суох. Ол оннугар эргэ тимир көлө 2000 сылтан бэттэх оҥоһуулааҕа сыаната
1 мөл. 200 тыһ. солк. түспэт. Холобур, дьон сөбүлээн атыылаһар 2012 сыллааҕы 7 миэстэлээх Toyota Wish массыына 1 мөл. 525 тыһ. солк., аттыгар турар 2021 cыллааҕы Suzuki Jimmy тимир көлө – 3 мөл. 450 тыһ. солк., оттон 2019 cыллааҕы Honda H-RV 2 мөл. 860 тыһ. солк атыыланар. «Тоҕо сыана үрдээтэ?» диэн солуон атыыһытыттан ыйытыыбар, «сыана эргиччи үрдүү турар, билигин кирэдьиит эрэ оҥортордоххо, 5% чэпчэтиилээх атыылаһаҕын. Бу солуоҥҥа
1 мөл. 200 тыһ. солк. сууматтан кыра сыанаҕа массыына суох» диэн түргэн үлүгэрдик хоруйдаата. Манан биири өйдүүр наадалаах – тимир көлөнөн эргинээччилэр сыана үрдүөн баҕараллара чуолкай. Түмүгэр чэпчэки сыанаҕа, баҕар, көрүөм диэн эрэл санаалаах ырыынакка айаннаатым.
Урут солуонтан саҥа массыынаҕа наадыйыы үрдүк буоллаҕына, билигин нэһилиэнньэ ордук эргэ массыыналары ыларга күһэллэр. Ол тоҕото өйдөнөр. Статистика дааннайдарынан, тохсунньуга дойду үрдүнэн былырыыҥҥытааҕар 7%-нан элбэх, 371,9 млрд солк. эргэ массыынаны атыылаһыыга ороскуоттаммыта биллэр. Итиниэхэ солуоннарынан уонна ырыынактарынан атыыланар тимир көлө 60%-тан тахсата эргэ буолара бэлиэтэнэр. Киин куоракка бу хартыына ити көрдөрүүттэн атын буолбата чахчы. Тимир көлөҕө чэпчэки сыананы батыһан, эрэл санаалаах ырыынакка тиийдим. Саас буолан, кыһыҥҥы курдук буолбатах, иһинэн-таһынан массыына биллэрдик элбээбит. Эргинээччилэр этэллэринэн, тиэхиньикэ билигин өссө аҕыйах, ыам ыйын бүтүүтэ элбиирэ күүтүллэр. Онон, атыы-тутуу, атыылааччы да, атыылаһааччы да элбэх буолуо диэн санаалаах ырыынакка киирдим. Хартыына солуоҥҥа курдук хатыланна, баҕар, үлэ күнэ буолуо диэн санаатым да, биир атыыһыт “дьон кэнники кэмҥэ сылдьара аҕыйаата” диэтэ. Суол быылыгар турбута ырааппыт тимир көлө арааһа да, ахсаана да элбэх. Саха сиригэр ордук атыыга барар кыра кыамталаах, ол эбэтэр бэнсиини кыратык ороскуоттуур 2018 cыллааҕы Toyota Vitz
1 мөл. 35 тыһ. солк., оттон ыччат сөбүлээн ыытар 2019 cыллааҕы Toyota Premio –
1 мөл. 960 тыһ. солк., 2010 сыллааҕы Toyota Wish – 1 мөл. 485 тыһ. солк., 2012 сыллааҕы Toyota Allion 1 мөл. 299 тыһ. солк. атыыланаллар. Ити курдук, түмүгэр ырыынакка сыана биллэрдик үрдээбитин бэлиэтээтим. Оччотугар мөлүйүөнтэн кыра суумалаах 2000 сылтан бэттэх оҥоһуллубут эргэ массыына атыыга ханна да суох. Оттон 20 сылтан ордук сүүрдүллүбүт массыыналары ханнык да уопуттаах суоппар атыыласпата чуолкай.
Ити курдук, быйыл массыына устуудьуйа кыбартыыраҕа тэҥ сыаналаах буоллаҕына, эргэ массыыналаахтар саҥа тимир көлөҕө уларытан атыылыахтарын иннинэ элбэхтик ырытан уонна үөрэтэн көрөллөрө наада буолбут. Оттон саҥа суоппардар эргэ эбэтэр туһаныллыбыт тиэхиньикэ ылыахтарын оннугар, кирэдьиит өҥөтүн туһанан эрэ саҥа массыына уруулугар олороллоро мөккүөрэ суох дии саныыбын.
Атыылааччы суоппар:
– Владивосток, Новосибирскай, Благовещенскай куораттар ырыынактарыттан атыылаһан, сүүрдэн аҕалабыт. Билигин атыылаһааччы аҕыйах да буоллар, аны күһүн, баҕар, элбиэхтэрэ диэн күүтэбит. Оттон сыана туһунан ыйытыыгар, аны күһүн, ортотунан, 5-10% эбиллиэ диэн сабаҕалыыбыт.
Сунтаар Хаданыттан Роман Попов уонна Геннадий Пустоляков атырдьах ыйын 15 күнүгэр ыҥыыр атынан Монголияҕа диэри…
ТАСС суруйарынан, дойду Аҕа баһылыга Владимир Путин байыаннай дьайыы кыттыылаахтара уонна кэргэттэрэ 10 мөл. солк.…
I I Бишкектээҕи норуоттар икки ардыларынааҕы киинэ бэстибээлигэр Гран-при ылбыт «Хаар куйаар номохторо» («Легенды вечных…
Быйыл, сэтинньи бүтүүтэ, биһиги Саха сирин суруйааччыларын айар сойуустарын 90 сылын бэлиэтиэхпит. Бу 90 сылтан…
Бүгүн, сэтинньи 24 күнүгэр, 19:00 чаастан "Россия 24" телеханаалга «ВМЕСТЕ с Айсеном Николаевым» биэриини көрүҥ.…
Соторутааҕыта буолан ааспыт фашизмы утарыы пуорумугар байыаннай дьайыыттан 25 бастыҥ байыас инники кирбииттэн кэлэн кыттыбыта.…