Тимир суолунан айан уратылара
Оҕо эрдэхпиттэн киинэҕэ тимир суолунан айанныыр дьону ымсыыра көрөр этим. Кыараҕас массыынаҕа нэксиэҕэ сахсыллыбакка, сылаас богуоҥҥа аһыы-аһыы, утуйа-утуйа кыырай ыраах дойдуга тиийэр туолбат баҕа санаа курдуга. Билигин Саха сирин олохтоохторо атын дойду дьонун тэҥэ бу тырааныспар өҥөтүнэн туһанар кыахтаахтар. Тус бэйэм соторутааҕыта Благовещенскай куоракка тиийэ сырыттым. Тимир суол туһунан санаам хайдах уларыйбытын туһунан кэпсээн көрүүм.
Бастакы уопут моһуога
Дьиҥэр, “бу иннинэ тимир суолунан айанныы илик этим” диирим кырдьыгы ханарытыы буолар. 2019 сыллаахха, “Саха сирэ” хаһыакка саҥардыы үлэлээн иһэн, бастакы пассажирскай богуоннар кэлбиттэригэр, эрэдээксийэ сорудаҕынан Аллараа Бэстээххэ сылдьан турардаахпын. Онно “кылгас кэрчиккэ пуойас айанын тургутан көрөҕүн дуо?” диэн этии киирбитигэр, үөрүүнү кытта сөбүлэспитим. Уонча биэрэстэлээх сиргэ “Күөрдэм” диэн дьоҕус ыстаансыйа баарын көрөн, онно хаалыах буолан үлэспитим. Санаабар маннык этэ: “Күөрдэмҥэ түһэбин, өрүһү уҥуордаан Покровскайга тиийэбин, онно маршруткаҕа олорон бүгүн Дьокуускайга тиийэбин”. Былааным чопчу курдук этэ да, сатамматаҕа. Ыстаансыйаҕа диэри начаас элэҥнэтэн тиийбиппит эрээри, ыстаансыйа начаалынньыга эдэркээн саха уола: “Күөрдэм ыстаансыйатыттан Күөрдэм дэриэбинэ 19 килэмиэтир тэйиччи турар”, — диэн соһутта. Хата уолум бэйэтин массыынатынан дэриэбинэҕэ илдьэн биэрдэ. Син сырдыгы баттаһа тиийбиппит эрээри, аны Өлүөнэ өрүс уолан, Күөрдэми утары туорааһын суох буол-
бутун билбитим. Киинэ артыыһа Ыстапаан Бөтүрүөпкэ (эрдэ киниттэн интервью ыла сылдьыбыттаахпын) сыҥаланан, хоноһо буоларга тиийбитим…
Сыылба айан
Киинэҕэ көрдөххө, пуойас сүр сыыдамнык айанныыр, түннүгүнэн барыта элэҥнэччи ааһар. Дьиҥэр, айан улахан аҥаарын 50–60 км/ч түргэнинэн айанныыр эбит. Аны көнөтүк ууруллубут икки тимир рельсэнэн бэрт сымнаҕастык айанныа дии санаабытым, туора-маара хаадьаҥнаан, субу-субу ходьоҥноон, биллэрдик сахсыйар эбит. Сорох сирдэригэр уулаах ыстакаан тутан иһэр буоллаххына, тула сытар дьоҥҥо дьалкытыам диэн куттанаҕын. Саха сиригэр, Алдан, Нерюнгри чугаһынан сырыыта ордук бытаарар, нэксиэтэ
элбиир. Ити хайалаах сир буолан тимир көлөбүт туора салайара элбиириттэн, үөһээ тахсарыттан, аллараа түһэриттэн тутулуктаах эбит. Амур уобалаһыгар сир-дойду үксэ сытыары сыһыы буолан сырыыбыт икки төгүл сыыдам буолбута, 100–110 км/ч түргэнинэн барбыппыт. Суолун тухары ити курдук айаннаабыппыт эбитэ буоллар, суукканы кыайбат кэм иһигэр Благовещенскайга тиийиэххэ сөп эбит. Ол эрэн, пуойаспыт кыраапыгыттан тахсыбакка, балтараа суукка кэриҥэ айаннаан, лоп анаммыт кэмигэр тиийбитэ.
Сорох дьон Благовещенскайга массыынанан айанныылларын ордороллор, ортотунан биир суукка айаннаан тиийиэххэ сөп. Ол эрэн, бу айан бэрт ыарахан — биир суукка чороччу олорортон сис баранар, сэниэ эстэр. Сытан эрэ айанныыр кыах баар буолбутун кэнниттэн, тус бэйэм массыынанан айанныыр санаам суох.
Билиэти эрдэ атыылаһыҥ
Айаным эмискэ саҕаланан, пуойас билиэтин тиһэх түгэҥҥэ атыыласпытым. Ол иһин сытар миэстэм богуон устатына турар үөһээҥҥи олбох буолбута. Эбиитин туалет ааныттан чугас эбит. Бу саамай сириллэр миэстэ. Бастатан туран, дьон алларааҥҥы олбоҕу ыла сатыыр эбит — үөһээҥҥи миэстэҕэ ыттар оннооҕор эдэр эр киһиэхэ уустук. Иккиһинэн, үөһээ миэстэттэн түһэр ыарахаттардаах — наар аттыгынан дьон ааһар буолан тоҕоостоох түгэни күүтүөххэ наада. Уонна туалет чугаһыгар куруутун ааны сабар тыаһы истэн тахсаҕын. Хата, сыта-сымара улаханнык биллибэт дии санаатым эрээри, арыый да «нарын муруннаах» киһи сөбүлэһимиэн сөп.
Онон, билиэти эрдэ атыылаһа сатааҥ, икки ый иннинэ ылыахха сөп. Купе уонна плацкарт туһунан этэр буоллахха, купе сыаната арыый ыарахан соҕус, ол оннугар айан бүөм соҕус буолар. Купены сорох айанньыттар оннук айылаах үчүгэйинэн аахпаттар эбит. Хайдах “дьукаах” түбэһэриттэн тутулуктаах үһү. Өскөтүн аһыы утаҕынан үлүһүйэр эрэт, эбэтэр айдааннаах эмээхсин, эбэтэр кыра оҕолоох дьиэ кэргэн, эбэтэр суунарын сөбүлээбэт барахсан дьукаахтастахтарына, суолуҥ аҥаарын купе таһыгар атаарар куттал баар.
Ыһык туһунан умнумаҥ
Пассажирдары таһар пуойаска “эрэстэрээн богуон” диэн аһыыр сир баар эрээри, дьон үксэ бэйэтин өйүөтүнэн үссэнэрин ордорор. Балтараа суукка айан кэмигэр иккитэ утуйан тураҕын, хаста да аһыыгын. Онон ас-үөл кыбыныылаах айаннаабыт ордук. Дьон тугу ыларый? Бэрэски, алаадьы, бүтэйдии буспут сымыыт, эт аһылык таһынан, үгүс дьон түргэнник буһар лапсаны илдьэ барарын ордорор. Манна богуон аайы оргуйбут итии уу босхо баара туһалыыр. Биир кэтээн көрүү — “доширак” курдук хаптаҕай иһиттээх лапсаны ылымаҥ, пуойас айаннаан истэҕинэ “титантан” сытар сиргитигэр диэри итии уулаах иһиккитин илдьэр уустук буолуо. Ыстакаан моһуоннаах лапса иһитэ быдан ордук. Оргуйбут уу баар буолан, сылаас чэйи иһээччилэр абыраналлар. Ол эрэн, өссө биир сүбэ — чэйи уктаргытын умнумаҥ! Бүтэн хаалан, пуойас үлэһиттэриттэн атыылаһарга күһэллибитим, дьэ доҕор, сыана да сыана. Биир “пирамидка” бакыат чэйи 55 солкуобайга атыылаабыттара. Биир “3 в 1” кофе 45 солкуобай. Чэйи, лапсаны, бэрэскини уһун тохтобулларга, холобур Тындаҕа, Сковородиноҕа атыылаһыахха сөп.
Түмүккэ
Тимир суол Саха сирин киин улуустарыгар тиийбитэ — улуу ситиһии. Таһаҕас тиэйиитэ чэпчээбитин таһынан, дьон-сэргэ айанныыр кыаҕа кэҥээтэ. Тус бэйэм сиһим туруга соччото суох буолан маннык сынньалаҥ айан көрүҥэ баар буолбутун өрөгөйдүү көрүстүм. Сыаната да удамыр (Аллараа Бэстээхтэн Благовещенскайга диэри 3600–5600 солк), айана да сымнаҕас. Сахсыллыы баарынан баар эрээри, гравий суолунан айаны кытта тэҥнэммэт үтүө айан. Кэлэр кэмнэргэ түргэн пуойастар сылдьан бардахтарына, балаһыанньа өссө тупсуо турдаҕа. Бэйэм айаным туһунан этэр буоллахха, анараа диэки айаннаан иһэн сорох түгэннэри астыммакка, мыына санаабытым. Оттон төннөр суолбар “уопуттаах айанньыт” быһыытынан “Саха сиригэр тимир суол кэлбитэ олус да үчүгэй!” диэн үөрэ саныы сыппытым. Саха сирин тимир суолларынан айаннааҥ, доҕоттор!
Сообщить об опечатке
Текст, который будет отправлен нашим редакторам: