Тимир суолунан пассажирдары таһыы олохтоммута 5 сылын туолла
2019 сыл от ыйын 27 күнүгэр Аллараа Бэстээх ыстаансыйатыттан пуойастар пассажирдары тиэйэн саҕалаабыттара. Бу күн бастакы пуойас Амур-Дьокуускай магистралынан айаннаабыта.
Саха сирин нэһилиэнньэтэ тимир суолунан айаннаан, Уһук Илиҥҥэ да, киин эрэгийиэннэргэ да тиийэр буолбуттара. Билигин тимир суолунан айанныыр пассажир ахсаана хас да төгүл элбээтэ.
2019 сылга тэҥнээтэххэ, пассажир ахсаана 4,3 төгүл эбиллибит. 2023 сыллаахха 388,2 тыһыынча киһи айаннаабыт. Быйыл 6 ый иһигэр 204,7 тыһыынча киһи номнуо айаннаабыт.
«Саха сирин тимир суоллара» хампаанньа пассажирдарга табыгастаах буоллун диэн, Аллараа Бэстээх ыстаансыйатыттан Дьокуускайга диэри тиэрдэн биэрэр өҥөнү оҥорор.
2020 сылтан «Аллараа Бэстээх-Нерюнгри» хайысханан пассажирдары таһар пуойас күн аайы сылдьар буолбута.
2023 сыл кулун тар 31 күнүттэн Аллараа Бэстээх-Тыында, Аллараа Бэстээх-Иркутскай, Аллараа Бэстээх-Владивосток, Аллараа Бэстээх-Благовещенскай, Аллараа Бэстээх-Нерюнгри пассажирскай хайысхаларынан «гендернэй» купелар баар буолбуттара. Ол эбэтэр, купеҕа дьахталлар дьахталлары, эр дьон эр дьону кытта айанныыллар. Бу өҥө иһин эбии төлөөбөттөр.
Бүгүҥҥү күҥҥэ пассажирдар Благовещенскайга уонна Иркутскайга диэри күн аайы, Владивостокка диэри күн өрүү-өрүү айанныахтарын сөп.
Сообщить об опечатке
Текст, который будет отправлен нашим редакторам: