Салгыы
Тимир уустара научнай-практическай конференцияҕа бэлэмнэнэллэр

Тимир уустара научнай-практическай конференцияҕа бэлэмнэнэллэр

Ааптар:
20.09.2024, 17:00
"Нам улууһа” МТ пресс-сулууспата
Бөлөххө киир:

Сарсын, балаҕан ыйын 21 күнүгэр, Нам улууһун киинигэр “Тенгрианствоҕа Айыы Таҥара уонна Уус кыһата” диэн киэҥ бырагыраамалаах Бүтүн Арассыыйатааҕы  IV-с научнай-практическай конференция ыытыллыаҕа.

Өбүгэбит үтүө үгэһин утумнуу тутар бөлөх тимир уустарын салайааччыта Михаил Баишев көҕүлээһининэн, бэҕэһээ тириинэн, П.П.Ядрихинскай – Бэдьээлэ аатынан  Олоҥхо дьиэтин үлэһиттэрин көмөлөрүнэн тэрээһиҥҥэ, тимир уһаарыытыгар кэтэр таҥастарын тиктилэр.
Бүгүн тимир уһаарар оһохтору оҥоруу үлэтэ бара турар.

Тимир уустара төрүт былыргы ньыманан болгуо тимири уһаарыытын көрдөрүөхтэрэ, туой иһиккэ ас астаан, алаадьы буһаран ыалдьыттары күндүлүөхтэрэ.
Тэрээһин икки түһүмэхтээх буолара былааннанар.
Ол курдук, П.И. Сивцев аатынан Намнааҕы история уонна этнография музейыгар уонна «Маастардар дэриэбинэлэригэр”
Сарсын тэрээһиҥҥэ көхтөөх кыттыыны ыларгытыгар ыҥырабыт.

«Нам улууһа” МТ пресс-сулууспата

+1
0
+1
0
+1
1
+1
1
+1
0
+1
0
+1
0
Бары сонуннар
Салгыы
7 октября
  • -0°C
  • Ощущается: -4°Влажность: 95% Скорость ветра: 3 м/с

Сообщить об опечатке

Текст, который будет отправлен нашим редакторам: