Тимофей Сметанин стелатыгар сибэкки дьөрбөтүн уурдулар

Share

Кэбээйи улууһун уопсастыбаннаһа фронтовик суруйааччы Тимофей Сметанин төрөөбүтэ 105 сылыгар анаан бүгүн өйдөбүнньүк стелатыгар сибэкки дьөрбөтүн уурдулар.

Үөрүүлээх тэрээһиҥҥэ Аҕалар сэбиэттэрин уонна Кэбээйи улууһун култуураҕа управлениетын бэрэстэбиитэллэрэ кыттыыны ыллылар. Суруйааччы кыыһа Татьяна Тимофеевна Сметанина уонна кинилэр дьиэ кэргэттэрин бэрэстэбиитэллэрэ кыттыылара долгутуулаах буолла. Маннык саха норуотун биир чаҕылхай уолун үйэтитии тэрээһинэ мэлдьи ыытыллар.

Быйыл Тимофей Сметанин төрөөбүт үбүлүөйдээх сылын көрсө, Кэбээйи улууһун дьаһалтатын өйөбүлүнэн, «Улус.Медиа» кыттыытынан суруйааччы «Мэхээлэчээн булчут» айымньытынан уус-уран уонна музыкальнай киинэни уһуллулар.

Улуус Кыайыы 80 сылын көрсө, 2025 сылга диэри Дьокуускай куоракка фронтовик-суруйааччы Тимофей Сметанин стелатыгар, төрөөбүт Кэбээйи сэлиэнньэтин Чомчуһах алааһыгар тупсарыы үлэтэ ыытыллар.

What’s your Reaction?
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0

Recent Posts

  • Итэҕэл
  • Сонуннар
  • Ыйыт - хоруйдуубут

«Саха сирин амтана» бэстибээли Марий Эл асчыттара астылар

Бүгүн "Саха сирин амтана" гастрономическай бэстибээл саха аһын ыалдьыттарга билиһиннэрэр "Махтал" эрэстэрээҥҥэ аһылынна. Тэрээһин Марий…

17 минут ago
  • Хаартыска/Видео

ХААРТЫСКА: Аллайыахалар хараҥаҕа мэһэйдэппэттэр

Хоту дойдуттан кэлэр сонуннар биһиэхэ олус күндүлэр. Ыраах Аллайыаха улууһун Бөрөлөөх нэһилиэгин олохтооҕо Надежда Дьяконова…

1 час ago
  • Сонуннар

Суоттуга үлэһит үөрэнээччилэри чиэстээтилэр

Суотту агрооскуолата элбэх көлүөнэ үөрэнээччилэрин өбүгэ үйэлээх үгэстэригэр, үлэ сатабылларыгар иитэр-үөрэтэр уопута өрөспүүбүлүкэ тас өттүгэр…

2 часа ago
  • Сонуннар

«Мас олортум, уол оҕону улаатыннардым, дьиэ туттум…»

 Бу мин суруйаары олорор ыстатыйам дьоруойа чахчы ыстатыйа аатыгар толору барсар олоҕу олорон аастаҕа. “Биирдэ…

2 часа ago
  • Сонуннар

«Арктика» айан суола аһылынна

Бүгүҥҥүттэн, сэтинньи 25 күнүттэн, «Арктика» айан суолун 0+000 км – 187+000 км (Бурустаах м. –…

2 часа ago
  • Сонуннар
  • Тыа хаһаайыстыбата

Мэхээлискэ Батаахап. Булчут Мэхээлискэ.

Булчут Мэхээлискэ туһунан суруйарга сананным. Дьиҥинэн, бука  соччо улаатан баран алтыспатах буоламмын, суруйа да сананыам…

2 часа ago