Тимур Ханды: “Улуустар туризм салаатын өйүүллэрэ наада”
Бу күннэргэ өрөспүүбүлүкэ урбаанньыттара түбүктээх үлэлэрин түмүгүн таһаарар идэлээх бырааһынньыктарын бэлиэтээтилэр.
Аһаҕас миниистир
Аан дойдутааҕы Туризм күнүгэр түбэһиннэрэн, урбаан, эргиэн уонна туризм миниистирэ Тимур Хандыны кытта өрөспүүбүлүкэҕэ туризм сайдыытын туһунан кэпсэтээри болдьоммут кэммэр тиийдим.
Сэкирэтээр кыыс “киир” диэн ааны аһан биэрдэ. Миниистир Тимур Ханды көмпүүтэриттэн арахсыбакка, “аас, олор” диэтэ. “Бырабыыталыстыба иһинэн үлэлиир Координационнай сэбиэт уочараттаах мунньаҕар өрөспүүбүлүкэҕэ туризм салаатын сайыннарыы туһунан кэпсэтии түмүктэнэн эрэр. Бары улуустар дьаһалталара кыттыыны ылаллар. Эн биһикки таарыйыахтаах тиэмэбит эмиэ – туризмы сайыннарыы. Олоруохтааҕар, иһит. Мунньах бүтээтин кытта кэпсэтиэхпит”, – диэн Тимур Юрьевич эппитигэр, олохпун булан олорон иһиттим. Мин интэриэһиргиир боппуруостарым, хата, бу кэпсэтиигэ таарыллан истилэр. Мунньаҕы истэрин быыһыгар миниистир сотору-сотору көмпүүтэригэр тугу эрэ бэчээттээн ылар. Онтон эмиэ салгыы истэр. Мунньахпыт дьэ бүттэ. Уонча мүнүүтэ иһигэр миниистир үлэлиир истиилин биллим диэххэ сөп. Онон кэпсэтиибит бэрт судургутук тахсан истэ.
– Тимур Юрьевич, бу мунньаҕы истэ олорон, эн ити тугу бэчээттиир буолаҕын? Кэпсэтиибитин итинтэн саҕалыахха.
– Мин, бастатан туран, урбаанньыппын. Бэрт үгүс эйгэҕэ үлэлээбитим: производствоҕа, табаары оҥорон таһаарыыга, өҥө оҥоруутугар, сир боппуруоһугар тиийэ. Онон хас биирдии урбаанньыт тугу туруорсарын чуолкай билэбин диэхпин сөп. Онуоха эбии тугу барытын хонтуруоллуурга үөрэнэн хаалбыппын. Онон бириэмэбин олох халтай ыыппаппын. Бу миэхэ кэлэр суруктарга тута хоруйу биэрэ олоробун.
– Ол аата, эн урбаанньыттары кытта куйаар нөҥүө кэпсэтэ олороҕун дуо?
– Мин аһаҕас киһибин. Миэхэ ханнык баҕарар эйгэҕэ үлэлиир урбаанньыт тахсан кыһалҕатын кэпсиэн, кэскиллээх этиитин, санаатын тиэрдиэн сөп. Бу күннэргэ олус элбэх ыйытыы киирэр. Онон, дьону күүттэрбэккэ, тута хоруйу биэрэ олоробун.
Дьэ, ити эбит миниистир куйаар нөҥүө мунньахха тугу эрэ бэчээттиирин “кистэлэҥэ” – бириэмэтин халтай ыыппакка, урбаанньыттарыгар сүбэ-ама биэрэ, быһаара олорор.
Суһал ыстаап үлэтин саҕалаата
– Эн мин төлөпүөммүн үгүс урбаанньыт билэр диигин. Ол, биллэн турар, дьыалабыай эргимтэ буолуо. Оттон тыа сирин урбаанньыттара эйигин кытта эмиэ ити курдук кэпсэтиэхтэрин баҕараллара буолуо?
– Төлөпүөммүн билбэт урбаанньыттарга анаан 8-924-873-00-97 (Whatsapp) нүөмэргэ “Суһал лииньийэ” (“Горячая линия”) тэрийбиппит. Өрөспүүбүлүкэ 32 улууһугар “Мин биисинэһим” диэн кииннэрдээхпит. Онно урбаанньыттары долгутар боппуруостары хомуйан, наардаан, тута хоруйдары биэрэн иһэбит. Холобура, быстах хомуурунан сибээстээн, бу күннэргэ урбаанньыттартан бэрт элбэх ыйытыы киирэр. Ол курдук, байыаннай сулууспалаах урбаанынан дьарыктанар бырааба суох. Эбэтэр салайааччыта хомуурга түбэһэн барбыт тэрилтэ кини бирикээскэ илии баттааһына суох хамнаһын хайдах ылар? Итинник араас ис хоһоонноох ыйытыы үгүс. Онон биһиги министиэристибэбит Үлэ министиэристибэтин кытта холбоһон суһал ыстаап тэрийдибит. Онно урбаанньыттар бары ассоциациялара, улуустар Координационнай сэбиэттэрэ киирдилэр.
Сыыппара хараҕынан
– Туристическай хайысханы арыйар кэпсэтиибитин статистика сыыппараларынан холобурдуохха. Бу салааҕа сайдыы төһө бара турарый?
– 2021 сылга туристар барыылара-кэлиилэрэ урукку таһымҥа тиийдэ – 190 504 киһи. Саха сирин 28 туроператора 200-тэн тахса туристическай өҥөнү оҥорор. Бу бары Биир кэлим федеральнай реестргэ киирбит анал докумуоннаах урбаанньыттар.
2021 сыллаахха оҥоһуллубут судаарыстыбаннай үбүлээһин өйөбүлэ – сылы эргиччи үлэлиир ыалдьыт түһэр дьиэлэрин тутууга субсидия көрүллэн – өрөспүүбүлүкэҕэ үгүс турбаза аһылларыгар олугу уурда. Ол курдук, 14,3 мөлүйүөн солкуобай суумалаах субсидия 16 аччыгый биисинэс тэрилтэтигэр бэриллибитэ. Онон 2021 сыл түмүгүнэн, ыалдьыт түһэригэр 7 дьиэ уонна турбааза аһыллыбыттара. 9 эбийиэк 2022 сыл бүтүүтүгэр тутуллан үлэҕэ киириэҕэ.
Сөбүлэҥнэри түһэрсии
– Быйылгы Илиҥҥи экэнэмиичэскэй пуорумҥа Урбаан, эргиэн уонна туризм министиэристибэтэ туризм сайдыытын салаатыгар үгүс үлэни ыыппытын истэ-билэ сылдьабыт. Бу туһунан сырдатарыҥ буоллар.
– Соторутааҕыта Владивостокка ыытыллыбыт пуорумҥа бииргэ үлэлээһин хайысхаларыгар Саха сирэ туризм федеральнай ааҕыныстыбатын, «Туроператор ИНТУРИСТ» ХЭУо кытта сөбүлэҥ түһэристэ. Маны таһынан, туризм эйгэтигэр бииргэ үлэлээһин сөбүлэҥин Амурскай уонна Сахалинскай уобаластары, Забайкальскай кыраайы кытта түһэристибит. Түгэнинэн туһанан, Саха сирэ быйыл атырдьах ыйыгар “Туризм инфраструктуратын сайыннарыыга судаарыстыбаннай өйөбүлү оҥорууга субсидияны көрүү” диэн федеральнай куонкурус кыайыылааҕынан буолбутун иһитиннэрэбин.
Улуустар өйөбүллэрэ
– Тимур Юрьевич, улуустарга туризм сайдыытын төһө өйүүллэрий?
– Биллэн турар, соҕотох министиэристибэ бары улуустар туризмынан дьарыктанар урбаанньыттарын үбүлүүр кыаҕа суох. Онон миэстэтигэр улуустар туризм салаатын эмиэ өйүүллэрэ наада. Бастыҥ холобур быһыытынан Хаҥалас, Мэҥэ Хаҥалас улуустарын ааттыахха сөп. 2021-2022 сылларга бу оройуоннарга 2-2,5 мөлүйүөн солкуобай субсидия көрүллүбүт этэ. Ол эбэтэр хас биирдии кыайыылаахха тутууга уонна туринвентарь ыларыгар ороскуотун толуйарыгар – 500 тыһыынча солкуобай. Нам улууһугар 2022 сыллаахха сыл аайы ыытыллар “событийнай” дэнэр туризм сайдыытыгар 685 тыһыынча солкуобай көрүллүбүт. Горнай улууһугар туристическай комплекстар эбийиэктэрин тэрийиини үбүнэн өйөөбүттэр. Онон бу ааттаабыт улуустарым холобурдарын атын улуустар эмиэ батыһыахтара диэн улаханнык эрэнэбин.
Туриһы угуйуу ньымата
– Туристары угуйар үлэни хайдах ыытаҕыт?
– Ити боппуруоска бу күннэргэ буолан ааспыт бырабыыталыстыба иһинэн үлэлиир Координационнай сэбиэккэ «Тур люкс» ХЭУо генеральнай дириэктэрэ Татьяна Гармаш санаатын атастаспыта. Кини бэлиэтээбитинэн, бүгүҥҥү күҥҥэ Саха сирин курдук бөдөҥ туристическай эрэгийиэни интэриэһиргээччи үгүс. Хас биирдии эрэгийиэҥҥэ килийиэн баазата баар. Олор истэригэр, үгүс өттө Саха сирин интэриэһиргиирэ чахчы. Ол иһин маннык туристскай тэрилтэлэри кытта ыкса сибээһи тутуһуохха наада.
Татьяна Гармаш өссө биир олус наадалаах өрүтү холобурдаата. Ол – Саха сирин сырдатыыга федеральнай иһитиннэрэр-биллэрэр тиһиктэри, блогердары хото туһаныахха диирин кытта сөбүлэһэбин. Маны таһынан, кини улуустар бреннэригэр болҕомтону уурарга туһаайда. Алмаастаах кыраай оройуона Арассыыйа брендинэн буолла. Сунтаар улууһа – Олоҥхо дойдута. Кэмпэндээйи тууһунан эмиэ угуйуохха сөп. Ленскэй оройуона Өлүөнэ Эбэ устун туристары күүлэйдэтиэн сөп. Өймөкөөн – чысхаан тымныытынан угуйар.
… Ити курдук, урбаан, эргиэн уонна туризм миниистирэ Тимур Хандыны кытта киһи туризм салаатыгар кэпсэтэр тиэмэтэ үгүс. Онон салгыы өссө да көрсөн сэһэргэһиэх буолан, бу эйгэни хото сырдатар соругу туруоран, биир тылга кэллибит.
Сообщить об опечатке
Текст, который будет отправлен нашим редакторам: