Тирэх оҕо сааска ууруллар

Share

Ааспыт кэм оҕолоро сүүрэн-көтөн, киирэн-тахсан хамсана сылдьар эбит буоллахтарына, аныгы ыччат көмпүүтэргэ, төлөпүөҥҥэ умса түһэн олорор. Билиҥҥитэ мантан харыстыыр, сэрэтэр ньыма соҕотох — эти-хааны чэбдигирдии. Бу туһунан педагогика билимин дуоктара, М. К. Аммосов аатынан Хотугулуу-Илиҥҥи федеральнай университет эт-хаан өттүнэн иитиигэ кафедратын сэбиэдиссэйэ Николай Олесовы кытта кэпсэттибит. 

Хаапыдыра устуоруйата

— Николай Петрович, ыччаты эт-хаан өттүнэн иитэр хаапыдыра туох сыаллаах, хаһан тэриллибитэй? Билигин төһө элбэх үлэһиттээх?

— Хаапыдыра 1949 сыллаахха устудьуоннары эт-хаан өттүнэн сайыннарар, салгыы физкултуура, успуорт көмөтүнэн бэйэлэрин доруобуйаларын тупсарынар, көрүнэр буолан тахсалларыгар сирдиир соруктаах тэриллибитэ.

1949 сыллаахха арылларыгар Л. С. Ларионова сэбиэдиссэйинэн анаммыта, уһун кэм устата сэбиэдиссэйдээбит С. Н. Эверстов, Л. Н. Кычкин, Д. Н. Платонов, преподавателлэр Е. К. Суровецкай, Т. Л. Синявина, Р. Р. Бурнашев, В. П. Кочнев, Н. К. Шамаев, В. П. Ноговицын, А. Н. Пест-ряков, В.П. Барахсанов,  Н. Д. Кронников о. д.а. тумус туттар үлэһиттэр, устудьуоннар чэгиэн сылдьалларын туһугар сыраларын уурбуттара. Күн бүгүн хаапыдыраҕа 37 киһи үлэлиир-хамсыыр. Кинилэр кэккэлэригэр үтүөлээх тириэньэрдэр, Олимпиада кыттыылааҕа, успуорт маастардара, педагогика билимин хандьыдааттара бааллар.

— Устудьуоннаргыт туох ситиһиилэрдээхтэр?

— Биһиэхэ барыта 26 сиэксийэ үлэлиир, 10 тыһ. тахса устудьуон дьарыктанар: сүрүннээн волейбол, баскетбол, мини-футбол, бадминтон, тустуу, бокс, кикбоксинг, мас тардыһыы, хапсаҕай о. д.а. Кэлин сахалыы остуол оонньууларын (хабылык, хаамыска) хото киллэрэн сайыннаран эрэбит, араас таһымнаах күрэхтэһиилэр ыытыллаллар. Олохтоох ыччаты сэргэ, тас дойдулартан кэлии устудьуоннар эмиэ сахалыы оонньуулары биһирээн дьарыктаналлар, күрэхтэһиилэргэ да кытталлар.

Аҕыйах сылтан бэттэх киберспорт киирэн, устудьуоннар успуорт көрүҥүн быһыытынан дьарыктаналлар. Университет устудьуоннара ханна үөрэнэллэриттэн тутулуга суох талбыт сиэксийэлэригэр суруйтараллар. Онон хас көрүҥ аайы үгүс ситиһиилэрдээх устудьуоннардаахпыт. Ону тэҥэ, преподавателлэрбит бэтэрээннэр, эдэрдэр кэккэлэригэр күрэхтэһиилэргэ көхтөөхтүк кытталлар, эт-хаан хамсаныыта туһалааҕын бэйэлэрин холобурдарынан көрдөрөллөр.

— Киберспортка устудьуоннар эттэрин-сииннэрин хайдах сайыннараллар? Көннөрү дьон хараҕар, арай, көмпүүтэр иннигэр олорон оонньуур курдук көстөллөр.

— Кырдьык, киберспорт туһунан сорох дьон сыыһа өйдөбүллээх. Көннөрү көмпүүтэргэ оонньуу ис хоһоонунан туох эрэ сорудаҕы толорор оонньуулар бааллар. Киберспортка, холобур, икки хамаандаҕа хас эрэ ахсааны ылар эбэтэр туох эрэ соругу толорор тэҥ сорудах бэриллэр. Маны ситиһии хас да ньыматтан турар: толкуй, логика, түргэнник хамсаныы… Ону тэҥэ, кинилэр көннөрү оонньуу курдук өй-санаа күүһүн кытта буолбакка, тыыннаах киһини кытта оонньууллар. Син биир саахымат, дуобат курдук өй, толкуй күрэһин көрүҥэ. Билигин фиджитал-спорт көрүҥэ биллэ сайдан эрэр.

Көмпүүтэргэ уһуннук олорор доруобуйаҕа охсуулаах. Онон бу сиэксийэлэргэ сылдьар устудьуоннар араас хамсаныылары, эрчиллиилэри эмиэ оҥороллор.

Ыччаты иитии

— Ыччаты эт-хаан өттүнэн иитии олоҕу кытта тэҥҥэ сайдан истэҕэ. Хаапыдыраҕытыгар туох саҥа сүүрээннэр бааллар?

— Үрдүк үөрэх, аата да этэринии үрдүк, таһыччы туруохтаах, чинчийиилэри ыытыахтаах. Былырыын Диссертационнай сэбиэт тэриллибитэ. Преподавател-лэрбит күннээҕи үлэлэрин билими кытта дьүөрэлии тутан, ирдэбил быһыытынан бары билим истиэпэнин ылыахтаахтар. Устудьуоннар туруктарын үөрэтэн хандьыдаат, дуоктар истиэпэнин ылар соруктаахтар. Сүрүннээн успуорт, профессиональнай физкултуура, доруобуйа, киһи туругун үөрэтии хайысхаларынан үлэлэһэллэр.

— Ааспыт уонна билиҥҥи көлүөнэни тэҥнээн көрдөххө, ыччат эт-хаан өттүнэн сайдыыта уратылаах дуо?

— Хас биирдии көлүөнэ син биир туох эрэ уратылаах. Кэлин информационнай технология сайдан, устудьуоннар хамсаналлара аҕыйаата. Онно саамай көдьүүстээх ньыманан физкултуура, успуорт буолар. Ол иһин биһиги устудьуоннарбытын барыларын успуордунан дьарыкка сыһыарарга дьулуһабыт.

Киберспорт — аныгы олох ирдэбилэ, араас күрэхтэһиилэр ыытыллаллар, успуорт көрүҥүн быһыытынан билиниллибитэ, дьарыктаныан баҕарар ыччат да олус элбэх. Ол иһин сүүмэрдээн ылабыт, үгүстэрин хамсаныылаах-имсэниилээх көрүҥнэргэ ыытабыт.

ГТО тургутан көрөр эрэгийиэннээҕи киинин кытта ыкса үлэлэһэбит. Ол нуорматыгар сөп түбэһиннэрэн устудьуоннар таһымнарын сыллата кэтээн көрөбүт. Олох таһыччы ыччат да баар, мөлтөхтөр да көстөллөр. Кинилэри кытта биирдиилээн кэриэтэ таһымнарын тупсарарга үлэлэһэбит. Үөрэххэ киирээттэрин кытта күһүн миэдиктэр устудьуоннар доруобуйаларын кичэйэн көрөллөр. Ол түмүгүнэн устудьуоннары үс бөлөххө (сүрүн, анал мэдиссиинэ, эмтиир) араартыыбыт. Доруобуйаларынан эрчиллиини оҥоруу букатын кыаллыбат, көҥүллэммэт дьон түөрүйэ сорудахтарын толороллор, тус туруктарын үөрэтэллэр, лаппа судургутутуллубут хамсаныылары оҥороллор. Уопуттаах преподавателлэр кэтээн көрүүлэринэн дьарыктаналлар.

Сүбэлэр

— Чөл олоҕу тутуһууга туох ханнык сүбэлэри биэриэҥ этэй?

— Чөл олох өйдөбүлэ бэрт киэҥ, манна арыгыттан, табахтан эрэ аккаастаныы киирбэт. Кыра оҕо эрдэхтэн, төрөппүттэр холобурдарыттан, уһуйууларыттан, оҕо саада, оскуола, үөрэх салгыы иитиилэриттэн утум-ситим сайдан баран иһэр. Улааттахпына ханнык идэни талабын, ситиһиилээх буолуум туохтан тутулуктаах, хайдах сырыттахпына чөл олохтоох, доруобай киһи үүнэн-сайдан тахсабын диэн оҕо, ыччат бэйэтин инникитин туһунан толкуйдуохтаах. Манна төрөппүт сөптөөх суолу ыйан-кэрдэн биэриэхтээх. Онно сирдиир саамай көдьүүстээх ньыма эти-хааны эрчийии, успуорт буолар.

— Сэрээккэлиэн сүрэҕэлдьиир, олорор үлэлээх, успуорт саалатыгар үктэммэт дьоҥҥо туох, ханнык хамсаныылары сүбэлиэҥ этэй?

— Ханнык баҕарар киһи сарсыарда уһугунна даҕаны судургу хамсаныылары оҥоруохтаах. Манна дьиэ иһигэр толоруллар, ыгылыйбакка оҥоһуллар тыыныы, сыыйа- баайа эти-сиини уһугуннарар, сүһүөхтэри хамсатар эрчиллиилэр киирэллэр. Киһи күннээҕи тэтимигэр этин-хаанын уһугуннаран бэлэмниэхтээх, оччоҕо күн устата чэгиэн сылдьар.

— Бэлиэ сылгытын хайдах көрсөн эрэҕит?

— Бэлиэ сыл иитинэн алтынньы 24 күнүгэр Бүтүн Арассыыйатааҕы билим-быраактыка кэмпириэнсийэтэ ыытыллаары турар. Өрөспүүбүлүкэ үөрэҕин, успуордун эйгэтигэр үлэлиир дьон, атын эрэгийиэннэртэн ыалдьыттар кыттыахтара. Ону тэҥэ, хаапыдыра 75 сыл устата сайдан кэлбит устуоруйатын кэпсиир “Кафедра физического воспитания. История и современность” кинигэни таһааран эрэбит.

Түгэнинэн туһанан университет салалтатыгар — ректор А. Н. Николаевка, үөрэх проректора А. И. Голиковка, үп проректора Г. Н. Павловка, физкултуура институтун дириэктэрэ Н. Е. Гоголевка үлэбитин өйүүллэрин иһин барҕа махталбытын тириэрдэбит.

What’s your Reaction?
+1
2
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0

Recent Posts

  • Сонуннар
  • Спорт

Доҕордуу көрсүһүүгэ икки хамаанда күөн көрүстэ

Уус Алдан улууһугар Тиит Арыыга 16 сылын доҕордуу көрсүһүү үрдүк тэрээһиннээхтик ыытылынна. Манна Тиит Арыыттан…

2 минуты ago
  • Интэриэһинэй
  • Сонуннар
  • Сүрүн

Тускул: «Кэлэр нэдиэлэттэн улахан сылыйыы буолуоҕа»

Бу күннэргэ дойду бары сиригэр-уотугар өтөрүнэн бэлиэтэммэтэх сылыйыы буола турарын туһунан Арассыыйа Гидромет киинин научнай дириэктэрэ…

43 минуты ago
  • Сонуннар
  • Сүбэһит

Норуот ньыматынан эмтэнии

Былыр аныгы курдук аптека да, балыыһа даҕаны диэн суох. Онон хас эмэ үйэ тухары көлүөнэттэн…

1 час ago
  • Байыаннай эпэрээссийэ
  • Сонуннар

Психологтар байыастарга сүбэ-ама биэрэллэр

Байыаннай дьайыы кыттыылаахтарыгар уонна кинилэр дьиэ кэргэттэригэр психологтар көмөлөрө, өйөбүллэрэ салҕанар. Ааспыт нэдиэлэҕэ, ону сэргэ…

2 часа ago
  • Сонуннар
  • Сүрүн

Блогердыах баҕаттан…

Сорохтор уонунан, сүүһүнэн миэтэрэ үөһэ ытталлар, атыттар саастыылаахтарын кырбыылларын видеоҕа усталлар. Бу барыта биир эрэ…

2 часа ago
  • Интэриэһинэй
  • Сонуннар
  • Сүбэһит

Уһун үйэлэниэххин баҕараҕын дуо?

Ким этэҥҥэ сылдьыан, уһун үйэлэниэн баҕарбат буолуой? Бары да уһуннук, дьоллоохтук олорору сэргиир, сэҥээрэр буоллахпыт.…

3 часа ago