Тирэх пууннар анал байыаннай дьайыыга сылдьааччыларга көмөлөһөллөр

Share

Биир кэлим координационнай киин иһинэн баар тирэх пууннар кылгас кэм иһигэр тэриллэн көдьүүстээхтик үлэлээн эрэллэр.

Билиҥҥитэ каадыр, тырааныспар, сибээс, боппуруостара быһаарылыннылар, логистика оҥоһулунна.  Саха сириттэн сулууспалыы сылдьааччылар байыаннай чаастарын кытары тиһиктээх бииргэ үлэлээһин олохтонно.
Ол туһунан тирэх пууннары кытары үлэлиир суһал бөлөх ыстаабын бэрэстэбиитэлэ Георгий Куркутов брифиҥҥэ кэпсээтэ. Сорох тирэх пууннар Уһук Илиҥҥи Федеральнай уокурукка – Улан-Удэҕэ, Владивостокка,  Соҕурууҥҥу Федеральнай уокурукка – Доннааҕы Ростовка итиэннэ Крымҥа уонна Донецкай Народнай Өрөспүүбүлүкэҕэ үлэлииллэр. Москубаҕа байыастарга атаарыллар таһаҕастары харайарга Саха сирин постпредствотын ыскылааттара туһаныллаллар.


Ол курдук, сулууспалыы сылдьааччы уолаттарбытыгар таһаҕаһы илдьиигэ дьоһуннаах көмөнү «Якутия», «S7», «Аврора» хампаанньалар оҥороллорун, нэдиэлэҕэ икки бортан кырата суох, 600 киилэттэн 1,5 тоннаҕа тиийэ таһаҕас ыытылларын туһунан Георгий Куркутов кэпсээтэ.
Итини таһынан пууннар үлэһиттэрэ эчэйиини ылбыт  байыастарга араас кыһалҕаларын быһаарсалларыгар көмөлөһөллөр. Ол курдук пууннар элбэх хайысхалаах өҥөнү оҥорор кииннэринэн буоллулар. Анал быстах дьайыыга барбыт уонна байыаннай чаастарга бэлэмнэниини ааһа сылдьар уолаттарбытын кытары үлэ мэхэньиисимэ оҥоһуллубут.


Санатар буолахха, Москубаҕа өрөспүүбүлүкэ координационнай киинэ Ил Дархан Айсен Николаев сорудаҕынан тэриллибитэ. Эппиппит курдук, Кэлим киин анал байыаннай дьайыыга сылдьар дьоммутугар уонна кинилэр дьиэ кэргэттэригэр араас көрүҥнээх көмөнү итиэннэ саҥа киирбит өрөспүүбүлүкэлэр нэһилиэнньэлэригэр гуманитарнай көмөнү оҥороллор. Оттон куораттарга баар тирэх пууннар байыаннай чаастары уонна госпиталлары кытары үлэлииллэр, ону тэҥэ Саха сириттэн барбыт байыаннай сулууспалаахтарбытын аһынан-үөлүнэн, таҥаһынан-сабынан хааччыйар аналлаахтар.

What’s your Reaction?
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0

Recent Posts

  • Маны аах
  • Сонуннар
  • Уопсастыба

«Бээтинсэ, 13-һэ»: Туох суолталааҕый?

Бүгүн бээтинсэ, ахсынньы 13 күнэ. Христианнар бу күнү туох да табыллыбат, дьоло суох күнүнэн ааҕаллар.…

3 минуты ago
  • Быһылаан
  • Сонуннар

Покровскайга икки эр киһи быһаҕынан анньыллан балыыһаҕа киирдилэр

Ааспыт сууккаҕа Саха сиригэр  8 буруйу оҥоруу бэлиэтэммит. Бу туһунан СӨ Борокуратууратын пресс-сулууспата суруйар. Покровскай…

18 минут ago
  • Сонуннар
  • Спорт

Ньурба улууһугар Саха сирин норуоттарын  IX Спортивнай оонньууларын көрсө саҥа эбийиэктэр тутуллуохтара

Спортивнай күрэхтэһии түмүктүүр чааһа 2027 сыл от ыйын 7-11 күннэригэр Ньурбаҕа буолуоҕа. Ньурба улууһугар 2027…

33 минуты ago
  • Сонуннар
  • Уопсастыба

Тыыннаах харыйалар атыыга тахсыахтара

Тыыннаах харыйалар атыыга хаһан тахсыахтарай?  Ахсынньы 14  күнүттэн киин куорат "Якутлесресурс" баазатыгар, Кеша Алексеев аатынан…

1 час ago
  • Байыаннай эпэрээссийэ
  • Култуура
  • Сонуннар

Инники кирбиини сырдатар бэстибээл

Бу күннэргэ Дьокуускайга “Кино на службе Отечеству” норуоттар икки ардыларынааҕы көһө сылдьар бэстибээл ыытылла турар.…

1 час ago
  • Сонуннар
  • Сүрүн
  • Үөрэх

“Инники идэҕэ хардыы” эдэр чинчийээччилэр пуорум кыайыылаахтарын аата билиннэ

Ахсынньы 11-12 күннэригэр Дьокуускайдааҕы тыа хаһаайыстыбатын тиэхиньикумугар “Инники идэҕэ хардыы” эдэр чинчийээччилэр XVIII пуорумнара буолан…

2 часа ago