«Титаны» реалити-шоуга Үөһээ Дьааҥы спортсмена кыттар
Бүгүн, тохсунньу 26 күнүттэн, ТНТ телеханаалга «Титаны» экстремальнай шоу иккис сезона саҕаланар.
Бу шоуга Саха сириттэн Үөһээ Дьааҥы улууһуттан ушу-саньда, ММА успуорт көрүҥэр чөмпүйүөн Валид Казанжи кыттар. Иккис сезоҥҥа кыттааччылар ахсаана элбээн биэрдэ, ону таһынан бырайыак бастакы сезонугар кыттыбыт атлеттар эмиэ киирсиэхтэрэ. Ити курдук шоу иккис сезонугар бастакы миэстэ иһин 111 киһи күрэстэһэр.
«Титаны» — ТНТ телеханаалга успуорка реалити-шоу 2024 сылтан тахсар. Шоуга профессиональнай боксердар, гимнастар, успуорка тириэньэрдэр, бодибилдердэр уонна да атын спортсменнар кыттыыны ылыахтарын сөп. Итини таһынан үчүгэй доруобуйалаах, 18-тан 60 саастарыгар диэри ким баҕалаах кыттар. Шоу сүрүн сыала — күрэстэһээччилэр ортолоруттан күүстээх атлеты быһаарыы.
Сообщить об опечатке
Текст, который будет отправлен нашим редакторам: