Тобуруокап чинчийээччи, суруйааччы
Николай Николаевич Тобуруокап, литэрэтиирэни чинчийээччи, суруйааччы
30-ча кинигэни, билимҥэ 300-тэн тахса үлэни суруйбута. Кини Саха судаарыстыбаннай университет салалтатын ыҥырыытынан 1994 с. саха литэрэтиирэтин хаапыдыратын сэбиэдиссэйигэр куонкуруһу ааһан кэлбитэ. Саха литэрэтиирэтин устудьуоннарга үөрэтии ис хоһоонун уларытарга, учуутал билим таһымын үрдэтиигэ биллэр-көстөр хамсааһыны таһаарбыта.
Ол курдук, Н. Тобуруокап өссө 1965 с. устудьуону үөрэххэ ылыы түмүктэрин үөрэтэн «Кыым» хаһыакка суруйарыгар маннык суоллары бэлиэтээбит эбит: «Литэрэтиирэни чинчийэр каадырдар ахсааннара ситэтэ суохтар. Литэрэтиирэҕэ баара-суоҕа Саха сиригэр үлэлиир икки хандьыдааттаахпыт уонна биэс-алта чинчийэр үлэһиттэрдээхпит. Кинилэр биир күн бары хандьыдаат буолан хааллахтарына да, үйэлэригэр бүппэт үтүмэн үлэ баар. Солбуйар көлүөнэни билиҥҥиттэн бэлэмниэххэ, ырыҥалыахха наада…»
«Тобуруокап оскуолата» диэн өйдөбүлү үөскэтэр сүрүн төрүттэр
Түбэһиэх сиртэн үүнээйи силигилии тыллан, ситэн ас биэрбэт. Ол курдук, бары биллэр учуонай оскуолалаах буолбат. Бу, дьиҥэр, анаан үөрэттэххэ быһаарыллар көстүү эрээри, саба быраҕан сыаналаатахха, итиниэхэ маннык өрүттэр ордук суолталаах буолуохтарын сөп быһыылаах.
Бастакытынан, учуонай дириҥ уонна далааһыннаах буолуутун хааччыйар хаачыстыбалара кини олоҕун бастакы түһүмэхтэриттэн биллэн-көстөн, сайдан барыахтаахтар. Николай Николаевич үөрэҕэр чаҕылхай дьоҕурдара, билиигэ-көрүүгэ тардыстыыта, саха литэрэтиирэтигэр умсугуйуута оҕо сааһыттан саҕаламмыт.
Иккиһинэн, талбыт идэтин бары боппуруостарын иҥэн-тоҥон билиитэ, баһылааһына кини бу кэмҥэ литэрэтиирэ сайдар кэскилин сөпкө сыаналыырыгар кыаҕы биэрэр. Ол түмүгэр кини саҥа үүнэр көлүөнэ дьулуурун кытта утарсыбакка, кинилэр баҕаларын кынаттыыр, көҕүлүүр өрүттэри, онно тоҕоостоох чахчылары урукку чинчийээччилэр үлэлэриттэн булан, көрдөрөн биэрэр – утумнааччы буолар суолу тутан, дьиҥнээх учуутал аналын толорбута. Маныаха
Н. Тобуруокап саха уонна нуучча литэрэтиирэлэрин сайдыытын баай, дириҥ устуоруйатын тэҥинэн ону баһылаабыта ордук суолталаммыттара чуолкай.
Үсүһүнэн, чинчийэр оскуола буолуу сүрүн бэлиэлэринэн манныктары ааттыахха сөп: номуукаҕа улахан суолталаах чинчийэр эйгэни уонна кыһалҕаны таба тутан сырдатыы, арыйыы; биллэр кыһалҕаны уратытык сонуннук оскуола тутуһар хараҕынан көрөн сырдатыы, арыйыы; чинчийэр оскуола бүттүүн билим эйгэтигэр биллэр, сабыдыаллаах, оруоллаах буолуута. Бу өттүнэн көрдөххө, биһиги Н. Тобуруокаппыт оскуолата кэскилэ өссө иннигэр турар. Үөрэнээччилэрин үлэлэрэ-хамнастара бэчээттэнэн киэҥ эйгэҕэ тарҕанан бардахтарына, билигин биһиги көрөр, суолталыыр чахчыларбыт биллэн-көстөн, далааһыннанан иһиэхтэрэ.
Учуонай, учуутал быһыытынан үлэтэ
Киһи оҥорбута, туппута барыта кылаат буолбат. Сороҕун өссө туһата суоҕун ааһан, буортулаах диэхтэрин сөп. Онон биһиги
Н. Тобуруокап оҥорбутун ити кырдьык кытаанах хараҕынан көрөн сыаналыырга дьулуһуохпут. Кини олорбут кэмэ утарсыылаах, арыт мөккүөрдээх да түгэннэрдээх этэ. Ону билигин биһиги ортобутугар Николай Тобуруокап бэйэтэ үчүгэйдик билэр. Оннук дьоннор билиҥҥи кэмҥэ аҕыйаатылар. Атыттар баһын-атаҕын истибит уонна ааҕан билэр буолуохтарын сөп. Н. Тобуруокап үрдүк үөрэх кыһатыгар киллэрбит кылааттарын көрүөххэ.
Бастакытынан, кини саха литэрэтиирэтин устуоруйатын үөрэтиигэ сыһыаннаах бырагырааманы хат бэрийэн уонна устудьуоннарга анаан икки үөрэх кинигэтин суруйан таһаарбыта: «Саха литэрэтиирэтин устуоруйата (19-с үйэ иккис аҥара уонна 20-с үйэ саҕаланыыта)» (2001) уонна «Өксөкүлээх Өлөксөй айар үлэтин үрдүк үөрэх кыһатыгар үөрэтии» (2001). Н. Тобуруокап саха литэрэтиирэтэ саҕаланыытын А.Я. Уваровскай «Ахтыылара» (1951) бэчээттэниэҕиттэн ааҕыллыахтаах диэн көрүүнү тутуһар. Уонна ону дакаастыырга утумнаахтык чинчийэр үлэни ыытар. Саха салаатын устудьуоннарыгар, онон сахалыы литэрэтиирэ саҕаланыытын 19-c үйэ иккис аҥаарыттан «Ахтыыларыттан» ыла үөрэтиини киллэттэрбитэ.
Н.Н. Тобуруокап обкуомҥа үлэлиир кэмиттэн
А.Е. Кулаковскай олоҕун уонна айар үлэтин сырдатыыга “тупсаран, күндээрдэн” сыаналааһыны утарааччы, “кырдьыктаахтык” көрдөрүөххэ диэччилэргэ кыттыһара. Онон
Н.Н. Тобуруокап А.Е. Кулаковскай олоҕун устуоруйатын утарсыытын мөлтөппөккө көрдөрөргө дьулуспута.
Иккиһинэн, кини чинчийэр үлэтин иккис хайысхата хоһоону чинчийии буолар. Кини аспырааннара, үөрэнээччилэрэ хоһоону чинчийиини киэҥник, дириҥник уонна араас хайысхалаахтык ыыталлар. Бу хайысханан үлэ Н.Н. Тобуруокап оскуолатын быһыытынан сыаналанар. Кини үөрэнээччитэ
Е.А. Архипованы кытта устудьуоннарга анаан икки босуобуйаны бэлэмнээн таһаарбыттара. Бастакыта – «Хоһоон тутулун үөрэтии төрүттэрэ» диэн чинчийии ньымаларыгар ананар буоллаҕына, иккистэрэ – «Истоки стихосложения в олонхо “Эр Соготох” А.Я. Уваровского» диэн литэрэтиирэ устуоруйатыгар, норуот тылынан уус-уран айымньытын урамньытыгар уонна хоһоон түөрүйэтигэр сыһыаннаах. Дьэ ити кэнниттэн учуонай үөрэнээччитин кытта өссө хоннохтоохтук ылсан үлэлээн олоҥхо хоһоонун чинчийдилэр – суруйааччылар Эрилик Эристиин, Күннүк Уурастыырап уонна норуот ырыаһыттарын Чээбий, Д.М. Говоров, М.Н. Андросова олоҥхолорун. Көстөрүн курдук, Н. Тобуруокап дьоҕурдаах үөрэнээччититтэн туйах хатарааччыны бэлэмниир тосхоллоох үлэлэтэр, бэйэтин түөрүйэтин салгыы сайыннарар мөккүөргэ киллэрэр.
Үсүһүнэн, Н. Тобуруокап үөрэх босуобуйатын оҥорууга тус бэйэтэ кыттарын таһынан, бииргэ үлэлиир дьоннорун уонна үөрэнээччилэрин көҕүлээбитэ. Ол курдук “Саха литэрэтиирэтэ 10-11 кылаастарга” учуобунньуктары Сивцева П.В., Филиппова Н.И. кытта суруйбута.
Төрдүһүнэн, устудьуоннарга «Драматургия поэтиката», «Уус-уран тиэкис поэтиката», «И.М. Гоголев олоҕо уонна айар үлэтэ» анал куурустары, сэминээрдэри бэлэмнээбитэ. Н.Н. Тобуруокап устудьуоннары бэйиэтикэ эйгэтигэр киллэрэрбитэ. Учуонай-учуутал бу саамай улахан ситиһиитэ, үлэтигэр сүрүн кылаата диэн сыаналаныах тустаахпыт.
Бэсиһинэн, саха салаатын устудьуоннарыгар «Литэрэтиирэ түөрүйэтэ» уонна «Литэрэтиирэ үөрэҕэр киирии» курдук уустук, ыарахан дьиссипилиинэлэри сахалыы, саха литэрэтиирэ холобуругар олоҕуран үөрэтиини олохсуппут эрэ буолбакка, маны үөрэнээччилэрэ П.В. Сивцева, В.Б. Окорокова, Е.А. Архипова ааҕар кыахтаналларын ситистэ. Бу сахалыы үөрэтии иитин кэҥэтэр бэлиэ ситиһии буолар. Биһиги, тыл үөрэхтээхтэрэ, Тыл үөрэҕэр киирии уонна Тыл үөрэҕин түөрүйэтин сахалыы ааҕар таһымҥа тахсарбытыгар көҕүлүүр үтүө холобур курдук сыаналаныан сөп.
Алтыһынан, Н. Тобуруокап саха билэлиэгийэтин, култууратын бакылтыатыгар литэрэтиирэ идэтигэр диссэртээссийэ сэбиэтин арыйан, тус бэйэтэ
В.Г. Семенова, Е.А. Архипова, М.П. Попова, М.Н. Дьячковская, Л.Н. Романова, Н.Г. Гаврильева, У.А. Донгак хандьыдаат буолар үлэлэрин салайбыта. Урукку аспырааннара П.В. Сивцева, В.Б. Окорокова, В.Г. Семенова дуоктар буолалларын ситиспитэ. Кэлин М.П. Попова салгыы үлэлииригэр сүбэ-соргу оҥорбута. Бу маныаха барытыгар Н. Тобуруокап учуонай, киһи уонна бэйэмдьи быһыытынан уһулуччу хаачыстыбалара – интэлигиэнэ, билиитэ уонна далааһына улахан суолталаахтар. Биһиги сахабыт литэрэтиирэтин чинчийии уонна үөрэтии таһыма үрдээһинэ, ситиитэ бу Диссэртээссийэ сэбиэтэ арыллыытын кытта ситимнээн көрөр буоллахха, Н. Тобуруокап чахчы инники көлүөнэ чинчийээччилэр үтүө үгэстэрин тилэри иҥэриммит уонна бэйэтин кэмин литэрэтиирэни чинчийээччилэртэн бастыҥнара буолар. Онон диссэртээссийэ сэбиэтин тэрийиэх киһи тэрийбит диэх тустаахпыт.
Сэттиһинэн, учуонай киэҥ эйгэлээх, далааһыннаах буолуута, чинчийэр үлэтин ис номоҕо, тиэмэтэ дириҥиттэн, далааһыныттан тутулуктааҕын таһынан, кини киһи бэйэмдьи быһыытынан хаачыстыбаларыттан быһаччы сибээстээҕин Н. Тобуруокап үлэтигэр көрөбүт.
Хоһоон түөрүйэтин бүтүн Сибиир эрэгийиэнин хабан эспэримиэннээн чинчийиитэ үгүс учуонай болҕомтотун тардыбыт эрэ буолбатах. В. Найдаков (Улан-Удэ), А. Сок-
тоев (Новосибирскай), З. Ах-
метов (Казахстан), А. Жовтис (Казахстан), Р. Баимов (Башкирия), Н. Родионов (Чувашия) курдук биллэр чинчийээччилэрдиин доҕордоһуннарбыта.
Кырдьык да, бэрэпиэссэр Николай Тобуруокап үлэтэ-хамнаһа бэйэтин сахатын литэрэтиирэтин чинчийии иититтэн өндөйбүт, онон саха литэрэтиирэтин үөрэҕин Бүтүн Арассыыйа, ону ааһан аан дойду таһымыгар таһаарбыт сүдү суолталаах диэн этиэх тустаахпыт. Ону мин кэннибинээҕи чинчийээччилэр анаан тохтоон, дириҥник сырдатыахтара диэн эрэнэбин.
Гаврил Филиппов, бил.н.д., М.К. Аммосов аатынан ХИФУ бэрэпиэссэрэ.
Сообщить об опечатке
Текст, который будет отправлен нашим редакторам: