«Тобуруокап көмүс күһүнэ». Тута хоһуйуу кыайыылааҕа – Харыйалаах Уола

«Тобуруокап көмүс күһүнэ». Тута хоһуйуу кыайыылааҕа – Харыйалаах Уола

07.09.2024, 16:41
Хаартыска: дьүүллүүр сүбэ тиксэриитэ
Бөлөххө киир:

Балаҕан ыйын 6-7 күннэригэр  Үөһээ Бүлүү улууһун Нам сэлиэнньэтигэр  «Тобуруокап көмүс күһүнэ»  VIII өрөспүүбүлүкэтээҕи айар куттаах хоһоонньуттар көҥүл түһүлгэлэрэ түстэннэ. 

Саха норуодунай бэйиэтэ Петр Николаевич Тобуруокап түмэл-уһаайбатыгар «Түөрт устуруока» хоһоону тута хоһуйуу күрэҕэр кыайыылаах үрдүк аатын Николай Васильев-Харыйалаах Уола ылла.

«Күрэххэ олус уустук уонна ыарахан ис хоһоонноох «Сэрии» диэн тиэмэни 4 устуруоканан хоһуйарга сорудахтаатылар.
Бэриллибит тиэмэҕэ 51 хоһоонньут 4 устуруокалаах хоһоону 20 мүнүүтэ иһигэр айан таһаарда.
Дьүүллүүр сүбэ сыаналыыр үлэтин түмүгэр кыайыылааҕынан Кэнтик нэһилиэгиттэн төрүттээх хоһоонньут Николай Васильев-Харыйалаах Уола кыайда.
Кыайыылаах 4 устуруока иһигэр сэрии иэдээнин, алдьархайын тиэрдибит сытыы тыллаах хоһооно дьон-сэргэ биһирэбилин ылла.

«Ийэ сирим иэнигэр
Билигин даҕаны сэтэриир
Икки атах иэдээнэ
Хара дьайдаах ыар сэрии».

Харыйалаах Уолун кыайыыгынан итиитик-истиҥник эҕэрдэлиибит! Айар кутун өссө үрдүк кырдаллары дайдын, ситиһиилээх буоллун!» – диэн Үөһээ Бүлүү дьаһалтатын пресс-сулууспата иһитиннэрдэ.

+1
11
+1
0
+1
0
+1
0
+1
1
+1
0
+1
1
Бары сонуннар
Салгыы
14 декабря
  • -34°C
  • Ощущается: -34°Влажность: 68% Скорость ветра: 1 м/с

Сообщить об опечатке

Текст, который будет отправлен нашим редакторам: