Салгыы
“Тоҕо ийэтэ көмүскэспэтий!?”

“Тоҕо ийэтэ көмүскэспэтий!?”

Ааптар:
22.07.2023, 13:15
Хаартыскалар ЯРПНД пресс-сулууспатыттан уонна pxnere.com
Бөлөххө киир:

Оҕону дьиэ кэргэҥҥэ кырбааһын иэдээнэ

От ыйын 11 күнүгэр Саха Өрөспүүбүлүкэтин Үрдүкү суута усулуобунай болдьоххо уураахтаммыт учаскуобай дьыалатын көрөн баран, уурааҕы сөбө суоҕунан ааҕан, бу холуобунай дьыаланы саҥа силиэстийэҕэ ыыппыта. Бэрээдэги көрүөхтээх полиция үлэһитэ 2021 сыл сайыныгар Мархаҕа оҕо кырбааһынын туһунан ыҥырыыга тиийэн баран, сөптөөх миэрэни ылбатах. Дьиҥэр, дьиэ хаһаайына чахчы буруйдааҕын оҕолор эттэрэ-сииннэрэ көҕөрүүлээҕэ, уопсай балаһыанньа ыйара. Сидьиҥ быһыыны ити ыҥырыыга бохсубатаҕын түмүгэр, сиэхсит кэлэр сырыытыгар икки саастаах оҕону кырбаан өлөрбүт…

Киһи өйүгэр баппат

Учаскуобай аанньа ахтыбатах дьыалатын ис иһигэр киирдэххэ, киһи өйүгэр баппат дьулаан быһыы-майгы арыллар. 25 саастаах эр киһи 2021 сыл кулун тутарыгар икки кыра оҕолоох дьахтарга көһөн кэлбит. Дьахтар 2 уонна 4 саастаах оҕолорун бу киһийдэх тутатына абааһы көрбүт, кырбыыр үгэстэммит. Оҕолору төлөпүөн ииттэрэр сунуурунан таһыйар, муоста сууйар балтыһаҕынан сотору-сотору кырбыыр буолбут. Ордук уордайбыт түгэннэригэр баттахтаан ылан төбөлөрүнэн истиэнэҕэ саайар кыдьыктаах эбит. Бэс ыйыгар ыаллара дьахтар “оҕолору атаҕастыыллар” диэн полицияҕа үҥсүү түһэрэн учаскуобай кэлэн баран, этиллибитин курдук, дьыала көбүппэтэх. Дьиҥэр, сааһын ситэ илик оҕолор дьыалаларынан дьарыктанар иниспиэксийэни ыҥыран, эспэртиисэ анатан, оҕолору куттала суох сиргэ атаартаран — сөптөөх дьайыыны оҥорбута эбитэ буоллар, оҕо тыыннаах хаалыа этэ.

Алтынньыга кыра уол ыалдьыбыт, температурата тахсыбыт, хаппырыыстаабыт. Онтон кыйаханан хара дьайдаах оҕону төбөҕө охсуолаан барбыт. Биирдэ эрэ буолбатах — эспэртиисэ көрдөрбүтүнэн кырачаан этигэр-сиинигэр 60 эчэйиини аахпыт. Икки күн сордооһун кэнниттэн 2021 сыл алтынньы 8 күнүгэр оҕо өлөөхтөөбүт. Бу тухары ийэтэ көссүүтүн үүрбэтэх, оҕотун күрэппэтэх. 4 саастаах “улахан” уол эмиэ кырбаммыта көстүбүт, уонча эчэйиилээҕэ чахчыламмыт.

Суут сиэхсити 22 сыл кытаанах эрэсиимнээх холуонньаҕа хаайарга уураахтаабыт. Уолаттар ийэлэрэ уопсайа түөрт оҕолоох эбит, кинини төрөппүт быраабыттан быспыттар.

Элбэх оҕолоох ыал аҕата (сорох оҕолор иитийэх аҕалара) оҕолорго табаҕын уотун умулларар үгэстээх эбит. Биллэн турар, араастаан кырбыырын таһынан. Оҕолор ийэлэрэ эмиэ бу түктэри быһыыланыыны тохтото сатаабатах.

Хайдах маннык буоларый?

Кэнники кэм бу курдук дьулаан түбэлтэлэр туһунан элбэхтэ истэр буоллубут. Үгүс түгэн биир маарынныыр киэбинэн барар — иһэр соҕотох дьахтар көссүүтэ оҕолорун “таһыйарын” буойбат, онтуката улам күүһүрэн эр киһи оҕону сэймэктээн барар. Холобур, бэрт соторутааҕыта эмиэ майгынныыр быһылаан Ньурбаҕа буолбута. Элбэх оҕолоох ыал аҕата (сорох оҕолор иитийэх аҕалара) оҕолорго табаҕын уотун умулларар үгэстээх эбит. Биллэн турар, араастаан кырбыырын таһынан. Оҕолор ийэлэрэ эмиэ бу түктэри быһыыланыыны тохтото сатаабатах.

Бу курдук дьулаан түбэлтэлэр туһунан истэр дьон биир ыйытыыга улаханнык олуттараллар — хайдах төрөппүт ийэ оҕолорун көмүскэспэтий? Оччо айылаах хоонньоһор киһитин күндүтүк саныыр дуо?

Саха сиринээҕи психоневрологическай диспансер психиатр бырааһа Галина Золкина этэринэн, бу маннык сыһыан ылбычча үөскээбэт, өр кэм хас да түһүмэҕинэн сайдар, түмүгэр итинниккэ тиийэр.

“Бастаан маннык сыһыан кыраттан саҕаланар — иирсии, тылынан этиһии элбиир. Манна хотторор өттө наар киһитин уоскутар, кини кыыһырбатын курдук тутта сатыыр. Иккис түһүмэххэ кырбааһыннар саҕаланаллар, хаһан, төһө элбэхтэ буоларын хотор киһи быһаарар. Онтон үһүс түһүмэх үүнэр — кырбааччы бырастыы гыннарар, бэлэҕинэн буруйун сабынар, “хаһан да хатыланыа суоҕа” диэн андаҕайар. Бу маны сордоммут киһи үөрүүнэн ылынар, туох баарынан итэҕэйэ сатыыр. Ол эрэн, бу андаҕар хаһан даҕаны туолбат. Бу сырыыга этиһии түһүмэҕэ кылгаан биэрэр, кырбааһын түһүмэҕэр олус түргэнник тиийэр буолаллар. Уонна эмиэ бырастыы гыннарыы, андаҕайыы… Маннык “хачыалга” өр олорбут сиэртибэ бэйэтэ билбэтинэн үөрэнэн хаалар, барытын буолуохтааҕын курдук ылынар. Бу бэһис түһүмэх — кырбааччы уонна сиэртибэ арахсыспаттыы куомуннаһаллар. Туораттан көмөтө суох бу курдук сыһыантан тахсар кыах суох. Буолаары буолан, маннык сыһыаҥҥа сылдьыбыт сиэртибэ саҥа сыһыан олохтууругар эмиэ үүт-үкчү сыһыаҥҥа киирэр кутталлаах”.

Ол эбэтэр, өр кэм түктэри сыһыаҥҥа убаммыт дьахтар хараны-үрүҥү араарбат турукка сылдьар буолуон сөп.

Сүөһү эриэнэ таһыгар…

Аны туран, ыал иһигэр түктэри майгы олохтоммута таһыттан көстүмүөн сөп. Хайаан даҕаны иһэр-аһыыр ыалга, эбэтэр көссүүлээх аҥаардас ийэ эрэ оҕолорун атаҕастыыллар дии саныыр төрүт сыыһа. Тулалыыр дьоҥҥо эйэҕэс сыһыаннаах, холобур оҥостуох айылаах киһи дьиэтин иһигэр дьон билбэтинэн ойоҕун, оҕолорун кырбыыра олоххо баар суол. Тус бэйэм биир оннук ыалы билэр этим. Оҕолоро субуота киэһэтин аайы “паапа итирик кэлэр дуу, өйдөөх кэлэр дуу?” диэн араастаан сэрэбиэйдээн сордоноллоро. Аҕалара итирик кэллэҕинэ, хайаан даҕаны дьиэ кэргэнин барытын курунан “үөрэтэр” идэлээх киһи этэ…

Дьиэ кэргэнин эрэйдиир дьон үксэ куттас, туора дьон ортотугар бэйэтин тус санаатын сатаан туруорсубат дьон буолаллар. Ол эрэн, Галина Валерьевна этэринэн, бу курдук киһи кими атаҕастыахха сөбүн куруутун бэлиэтии сылдьаллар. “Сиэртибэ бэйэтигэр эрэлэ суох, суоһурҕаныыттан тута куттанар, бэйэлэрин наар буруйдааҕынан ааҕынар. Нуорматтан таһынан улгум буолуу эмиэ сиэртибэ сибикитэ”. Маннык киһи атаҕастыыр киһитин кытта өр олордоҕуна кинини көмүскэһэр, бу паара бэйэ бэйэлэриттэн тутулуктаах буолаллар. Онон оҕотун да, бэйэтин да көмүскээбэт турукка киирэр. Маннык түгэҥҥэ уопсастыба орооһуута эрэ балаһыанньаны быыһыан сөп.

Орооһуу буолбатах — көмө!

Бу ыстатыйаҕа кэпсэммит икки түгэҥҥэ дьиэ кэргэн тас өттүттэн көмө кэлэн оҕолор быыһаммыттара. Бастакы түгэҥҥэ кыра оҕону үлэтигэр сөбө суохтук сыһыаннаһар киһиттэн сылтаан алдьархай тахсыбыт, ол да буоллар, саатар иккис оҕо быыһаммыт. Былыр былыргыттан “дьон олоҕор орооһума” диэн үгэһи тутуһуу баар. Элбэх түгэҥҥэ бу үгэс сөп түбэһэр эрээри, оҕо дьылҕата таарыллар буоллаҕына, бу быраабыланы киэр илгиэхтээхпит. Оҕо дьиэтигэр атаҕастанарыгар кыра да уорбалыыр сылтах баар буоллаҕына, сөптөөх тэрилтэҕэ тыллыыр — көмө оҥорор оруннаах. Биири өйдөөҥ — оҕону таһыйар көҥүллэммэт, бу холуобунай буруй! Сыыспыт буоллаххытына бэрэбиэркэ миэстэтигэр быһаарыаҕа, оттон уорбалааһыҥҥыт оруннаах буоллаҕына, оҕо тыынын, кини кэлэр дьылҕатын быыһыыгыт. Үгүс “дьиэ иһинээҕи бөҕөстөр” оҕо сылдьан эмиэ бу курдук ыар олоҕу амтаһыйбыт дьон буолаллар. Дэлэҕэ оннооҕор билиҥҥи аныгы үйэҕэ “оҕо таһыллан киһи буолар” диэн хаалынньаҥ өс хоһооно умнулла илик буолуо дуо? Биири өйдүөҕүҥ — кырбанар дьылҕаттан быыһаммыт оҕо улаатан баран бэйэтин оҕолоругар үтүө сыһыаннаах төрөппүт буолуо. Оччоҕуна үйэлэр тухары биир киэбинэн хатылла турбут түктэри ситим быстыаҕа.

Маннык ыарахан түгэҥҥэ түбэспит буоллаххытына, психологическай өйөбүл нүөмэригэр эрийэн көмө көрдүөххүтүн сөп. Идэтийбит психолог эһигини истэн сөптөөх сүбэ биэриэ.

Өрөспүүбүлүкэтээҕи психологическай өйөбүл нүөмэрэ: 8–800–100–3550. Сахалыы да, нууччалыы да кэпсэтиэххитин сөп. 

Бүтүн Арассыыйатааҕы оҕолорго аналлаах эрэл нүөмэрэ: 8–800–2000–122.

Оҕону утары быраабы кэһии туоһута буолбут буоллаххытына, эбэтэр бэйэҕит кырбаммыт буоллаххытына, Суһал дьайыылаах кириисис сулууспатыгар эрийиҥ: 8–800–100–22–83.

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
Бары сонуннар
Салгыы
10 ноября
  • -17°C
  • Ощущается: -17°Влажность: 85% Скорость ветра: 0 м/с

Сообщить об опечатке

Текст, который будет отправлен нашим редакторам: