Тоҕо уу харчынан ылалларый?

Share

Хомунаалынай өҥөнү  төлөөһүҥҥэ туох харгыстар баалларын манна ааҕыҥ.

Кистэл буолбатах, дьиэ-уот, хомунаалынай өҥөлөр төлөбүрдэригэр  иэс-күүс мунньуллуута баар. Ону туоратарга биир суолунан сөптөөх төлүүр усулуобуйаны олохтооһун буолуохтаах. Билигин дьон үксэ араас наадыйыытыгар каартанан төлөһөр буолла. Онон каарта күннээҕи олохпут аргыһа буолла. Ол эрээри ОДьКХ төлөбүрүн төлүүргэ, чуолаан, салайар хампаанньалар оҥорор өҥөлөрүн төлүүргэ хайаан да уу харчынан төлөһүү ирдэнэр. Тоҕо эрэ итинник. Сорох дьон каартанан эрэ төлүү тиийэн баран, төттөрү төннөргө күһэллэллэр, хос-хос сырыы оҥоһуллар.

Билигин ДЭК «Якутскэнергосбыт»  Биир кэлим аахсар-иһитиннэрэр киинин саҥа арыллыбыт уораҕайыгар  ВТБ баан эрэ терминала турар. Дьиэ-уот киэҥэ-куоҥа, килэйэн-халайан мааныта да бэрт. Онон бу хонтуораҕа Сбербаан курдук үгүстэр биэнсийэлэрэ, хамнастара киирэр баанын терминалын эмиэ илдьэн туруоруохха баар этэ.

Онон төлөөччүлэргэ сөптөөх усулуобуйалар тэрилиннэхтэринэ, иэс-күүс мунньуллуута да аччыаҕа. Уонна салайар хампаанньалар өҥөлөрүгэр төлөбүрү тоҕо харчынан эрэ төлөттөрөллөрүн быһаарыахха баара. Таарыйа аҕыннахха, “Столичнай” уонна атын да ырыынактарга каартанан кыайан төлөспөккүн, онлайн эрэ ыытыахха  син. Тоҕо эрэ ирдэбил араас, хонтуруол суох.

Хаартыскаҕа: ДЭК Биир кэлим аахсар-иһитиннэрэр киинин саҥа дьиэтэ

What’s your Reaction?
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0

Recent Posts

  • Маны аах
  • Сонуннар
  • Уопсастыба

«Бээтинсэ, 13-һэ»: Туох суолталааҕый?

Бүгүн бээтинсэ, ахсынньы 13 күнэ. Христианнар бу күнү туох да табыллыбат, дьоло суох күнүнэн ааҕаллар.…

25 минут ago
  • Быһылаан
  • Сонуннар

Покровскайга икки эр киһи быһаҕынан анньыллан балыыһаҕа киирдилэр

Ааспыт сууккаҕа Саха сиригэр  8 буруйу оҥоруу бэлиэтэммит. Бу туһунан СӨ Борокуратууратын пресс-сулууспата суруйар. Покровскай…

40 минут ago
  • Сонуннар
  • Спорт

Ньурба улууһугар Саха сирин норуоттарын  IX Спортивнай оонньууларын көрсө саҥа эбийиэктэр тутуллуохтара

Спортивнай күрэхтэһии түмүктүүр чааһа 2027 сыл от ыйын 7-11 күннэригэр Ньурбаҕа буолуоҕа. Ньурба улууһугар 2027…

55 минут ago
  • Сонуннар
  • Уопсастыба

Тыыннаах харыйалар атыыга тахсыахтара

Тыыннаах харыйалар атыыга хаһан тахсыахтарай?  Ахсынньы 14  күнүттэн киин куорат "Якутлесресурс" баазатыгар, Кеша Алексеев аатынан…

1 час ago
  • Байыаннай эпэрээссийэ
  • Култуура
  • Сонуннар

Инники кирбиини сырдатар бэстибээл

Бу күннэргэ Дьокуускайга “Кино на службе Отечеству” норуоттар икки ардыларынааҕы көһө сылдьар бэстибээл ыытылла турар.…

2 часа ago
  • Сонуннар
  • Сүрүн
  • Үөрэх

“Инники идэҕэ хардыы” эдэр чинчийээччилэр пуорум кыайыылаахтарын аата билиннэ

Ахсынньы 11-12 күннэригэр Дьокуускайдааҕы тыа хаһаайыстыбатын тиэхиньикумугар “Инники идэҕэ хардыы” эдэр чинчийээччилэр XVIII пуорумнара буолан…

2 часа ago