Тохсунньу 1 күнүттэн арыгы сыаната үрдээтэ

Тохсунньу 1 күнүттэн арыгы сыаната үрдээтэ

Ааптар:
02.01.2025, 10:30
Хаартыска: freepik.com
Бөлөххө киир:

2025 сыл тохсунньу 1 күнүттэн Арассыыйаҕа арыгы сыаната эмиэ үрдээтэ.

НДС уонна акцизтары учуоттаан туран буокка муҥутуур намыһах сыаната билигин 349 солк., оттон коньяк 651 солк. буолар.

«Арыгы муҥутуур намыһах сыанатын 2025 сыл тохсунньу 1 күнүттэн 349 солк. диэри, оттон коньякка  651 солк. диэри улаатыннарыллыаҕа. Манна сыанатыгар НДС уонна акциз суоттана сылдьар», — диэн Үп министиэристибэтин бирикээһигэр этиллэр. Докумуон быраап аахталарын официальнай порталыгар таҕыста.

Ону таһынан буоккаттан ураты ликер-буокка оҥоһуктарга саамай намыһах сыаната 277 солк. буолуоҕа. Биэдэмистибэ сабаҕалааһынынан, сыана үрдээһинэ гражданнар доруобуйаларын араҥаччылыырга уонна сымыйа бородууксуйаны атыылаһыыны аччатарга көмөлөһүө.

+1
20
+1
1
+1
2
+1
0
+1
4
+1
1
+1
8
Бары сонуннар
Салгыы
5 января
  • -40°C
  • Ощущается: -40°Влажность: 67% Скорость ветра: 1 м/с

Сообщить об опечатке

Текст, который будет отправлен нашим редакторам: