2025 сыл тохсунньу 1 күнүттэн Арассыыйаҕа арыгы сыаната эмиэ үрдээтэ.
НДС уонна акцизтары учуоттаан туран буокка муҥутуур намыһах сыаната билигин 349 солк., оттон коньяк 651 солк. буолар.
«Арыгы муҥутуур намыһах сыанатын 2025 сыл тохсунньу 1 күнүттэн 349 солк. диэри, оттон коньякка 651 солк. диэри улаатыннарыллыаҕа. Манна сыанатыгар НДС уонна акциз суоттана сылдьар», — диэн Үп министиэристибэтин бирикээһигэр этиллэр. Докумуон быраап аахталарын официальнай порталыгар таҕыста.
Ону таһынан буоккаттан ураты ликер-буокка оҥоһуктарга саамай намыһах сыаната 277 солк. буолуоҕа. Биэдэмистибэ сабаҕалааһынынан, сыана үрдээһинэ гражданнар доруобуйаларын араҥаччылыырга уонна сымыйа бородууксуйаны атыылаһыыны аччатарга көмөлөһүө.
Түүл туһунан тугу билэбитий? Киһи түүлүн 90 бырыһыанын умнар уонна 10 бырыһыанын эрэ өйдөөн хаалар.…
Саха сиригэр тыйыс-тымныы кыһыммытыгар киһи организма араас охсуулары ылар. Ол иһигэр үлүйүү биир саамай сүрүн…
Өбүгэлэрбит былыр-былыргыттан күн-дьыл туругун уонна инникитин хайдах буолуохтааҕын айылҕа уларыйыытынан, кыыл-сүөл, көтөр-сүүрэр хамсаныытынан кэтээн көрөллөрө…
Быйыл Арассыыйа саамай уһук сиргэ - Хотугу байҕал пордугар биир артыыстаах уонна бэлэмэ суох сценарийдаах…
Эдьигээн сэлиэнньэтин 6 №-дээх хочуолунайын үлэҕэ киллэриитин тэрээһинэ түмүктэннэ, оттон 4 №-дээх хочуолунай салгыы оҥоһуллар.…
Дьокуускайга бүгүн, тохсунньу 6 күнүгэр, энергетиктэр уот ситимэ быстыбытын оҥордулар. Киин РЭС энергетиктэрэ киин куоракка …